«Кэрэни көрбүт». Сотору саҥа киинэни көрүөхпүт!
Ахсынньы 22 күнүгэр, быйылгы сыл биир саамай күүтүүлээх киинэтин — «Не хороните меня без Ивана» («Кэрэни көрбүт») толору метражтаах уус-уран киинэни көрдөрүөхтэрэ.
«Студия Автор», «Сахафильм» киинэ хампаанньата РФ Култуураҕа министиэристибэтин уонна СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин өйөбүллэринэн киинэ уһуллубут. СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов хартыынаны устарга уопсайа 29 мөл.солк. көрүллүбүтүн бэлиэтиир.
—«Сахафильм» киинэ хампаанньата 2020 сыллаахха Арассыыйа Култуураҕа министиэристибэтин федеральнай куонкуруһугар кыайан бу киинэҕэ 20 мөл. солк. ылбыта. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 9 мөл. солк. суума көрүллүбүтэ. Икки сүрүн дьоруойунан — худуоһунньук Иван Поповунан уонна кини доҕоро Ыстапаан Бэрэсиэкэбинэн оччотооҕу олох кэпсэнэр, көстөр.
Киинэ режиссера Любовь Борисова Москваҕа киинэ бэстибээлигэр бирииһи ылбыт «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэнэн көрөөччүлэргэ киэҥник биллэр. Бу «Кэрэни көрбүт» диэн саҥа киинэ Саҥа дьылы көрсө көрөөччүлэргэ бэртээхэй бэлэх буоларыгар уонна дьон-сэргэ сөбүлүүрүгэр эрэнэбин«, — диир Юрий Куприянов.
Премьера иннинэ киинэни Москваҕа ахсынньы 5 күнүгэр «Зимний» диэн киинэ бэстибээлигэр «Художественнай» киинэ тыйаатырыгар 21.30 ч. көрдөрүөхтэрэ.
Киинэҕэ Саха сирин киэҥ куйаара, 1910 сыллааҕы кэм көстөр. Ыстапаан Бэрэсиэкэп киэһээ күн киириитигэр «өлөн» хаалар. Хоруобугар сытан уһуктан, дьону куттуур. Онон Ыстапааны «абааһы буулаабыт» киһитэ диэн саныыллар. Арай, худуоһунньук Иван Попов бу утуйуу (летаргическай утуйуу) буоларын быһаарар. Сотору кэминэн худуоһунньук Попов этнографическай эспэдииссийэҕэ айанныыр. Онуоха Ыстапаан «аны, утуйан хааллахпына тыыннаахтыы көмүөхтэрэ» диэн куттанан, быыһааччытын эккирэтэр. Ол гынан баран, киниэхэ бу айан кутталлаах. Иван Попов кэллиэксийэтигэр саамай кырасыабай малы-салы көрдүүр. Оттон аргыһа кэрэттэн «өлөн» хаалар адьынаттаах…
Режиссер Любовь Борисова кэпсээбитинэн, киинэ олоххо дьиҥ кырдьык буола сылдьыбыкка олоҕурбут.
-Сценарийга худуоһунньук, этнограф Иван Попов уонна кини доҕоро, летаргическай утуйуунан эрэйдэнэр Ыстапаан Бэрэсиэкэп олохторуттан саамай көрдөөх түгэннэр ылылыннылар. Бэрэсиэкэп «өлбүтэ» икки хонук ааһыыта, таҥара дьиэтигэр ыллана сытан, эмискэ уһуктан хоруобуттан туран кэлэр. Онуоха саалтыыр ааҕа олорбут Николай Попов (худуоһунньук Иван Попов инитэ) улаханнык куттанар. «Бокуонньук» көмөҕө наадыйан Поповка тиийэн кэлэр. Онуоха худуоһунньук уоскутан баран бу туох диэн ааттанарын, тоҕо маннык буоларын быһааран биэрэр. Дьэ, итинтэн ыла Бэрэсиэкэп дьоҥҥо аныгы сырыыга «өлөн» хааллаҕына, худуоһунньук Уйбаан Поповка көрдөрөн баран биирдэ көмөллөрүгэр көрдөһөн эрдэттэн этэ, сэрэтэ сылдьар буолар. Итинтэн ылата кинеилэр чугастык доҕордоһоллор, — диэн кэпсиир режиссер.
СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-киинэ, «Сахафильм».
Хаартыскалар — «Сахафильм»
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: