«Кэрэни кэрэхсээ» маастардар айар киэһэтэ буолла
Покровскайга «Кэрэни кэрэхсээ» Хаҥалас улууһун маастардарын айар киэһэтэ буолан ааста.
Бу ураты шоуга Евразия, Бүтүн Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ куонкурустарын кыайыылаахтара бастыҥ үлэлэрин билиһиннэрдилэр, норуот маастардара «Саргы Түһүлгэтэ» култуура уонна норуот айымньытын киинин ыалдьыттарын үлэлэринэн үөртүлэр.
«Этно-Эрато» национальнай көстүүм Евразийскай куонкурустарын лауреата Лидия Будищева, «Үктэл» (салайааччы Людмила Жиркова) уонна «Сөргүтүү» (салайааччы Азияна Харлампьева) айар бөлөхтөр, маастардар Ольга Игнатьева, Александра Охлопкова, Виктория Ноговицына, Валерияна Никифорова, Антонина Гермогенова, Наталия Шепелева уонна Анисия Фадеева үлэлэрэ көрөөччүлэргэ чаҕылхай өйдөбүлү хаалларда.
Тэрээһиҥҥэ СӨ үтүөлээх артыыһа Саарын, Ирина Протопопова, аан дойдутааҕы бэстибээл кыттыылааҕа Иоган Матвеев, СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев уонна ыытааччы Герман Степанов кытыннылар.
«Симэх» национальнай киин дириэктэрэ, Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Яна Игнатьева айар киэһэ кыттааччыларыгар махтал суруктары уонна сэртипикээттэри туттарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: