Уус Алдан улууһугар Дүпсүҥҥэ Күлүмнүүр аатынан оҕону эбии үөрэхтээһин технопааркатыгар бэртээхэй тэрээһин буолла.
Сергей Васильевич Борогонскай аатынан улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигэ төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллыбыт. Манна Бээдитээҕи бибилэтиэкэ (сэбиэдиссэй Алексеева.А.В,) уонна тэрилтэлэртэн биирдии бэрэстэбиитэл кэлбиттэр. Оскуола, уһуйаан, ОДьКХ, култуура уонна успуорт саалатыттан, «Алгыс» бэтэрээннэр сэбиэттэрин кэлэктиибэ, салайааччы Евдокия Шергина, кинигэни сэргээн ааҕааччылар тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар.
Бу күн оскуола үөрэнээччилэригэр библиотечнай уруок ыытылынна. Быыстапка болҕомтону тарта. «100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан» диэн тематическай тэрээһин буолла.
«Биһиги, уус алданнар суоллара аар-саарга аатырбыт улуу дьоммутугар махталбыт бэлиэтэ — кинилэри умнубакка үйэттэн үйэҕэ сирдьит сулустуу иннибитигэр уктан, ааттарын ааттата туруохпут», — диэн Бээди ситэтэ суох орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ оскуола иннигэр тахсан мэктиэ тылларын биэрдилэр.
Иван Сивцев — Бээди
Хаартыскалар: Евдокия Шергина тиксэриилэрэ
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…