Кэрэни, үйэлээҕи бэлэхтииллэр

Share

Быйыл сыл саҕаланыан инниттэн “Кэрэни көрбүт” киинэ дуорааннаахтык ааттанна. Арассыыйа үрдүнэн киэҥ экраҥҥа тахсан биһирэннэ, улахан бэстибээллэргэ ситиһиилэннэ. Оттон 2022 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр “Чыпчаал” бириэмийэҕэ “Сыл бастыҥ киинэтэ” үрдүк ааты ылбыта.

Биһиги хаһыаппытыгар бу киинэ уонна дьоруойдарын тустарынан тиһиктээхтик сырдатыллан турар. Санатан аастахха, киинэ биир дьоруойа Иван Васильевич Попов – аар-саарга аатырбыт худуоһунньук, фотограф, чинчи­йээччи уонна эмтиир дьоҕурунан киэҥник сураҕырбыт. Иван Васильевич “Саха ураһатын ис көстүүтэ”, “Ойуун”, “Ньирэй”, “Ытык Күөл таҥаратын дьиэтэ”, бэйэтин мэтириэтэ, уо.д.а. үлэлэрэ ойуулуур-дьүһүннүүр искусство чулуу айымньыларынан буолаллар.
“Кэрэни көрбүт” киинэ экраҥҥа тахсыаҕыттан, улахан худуоһунньук удьуор утумун сэргээн, сэҥээрэн ыйы­тааччы, сураһааччы элбэх. Онон эдэр ыччат билэригэр-көрөрүгэр анаан, дьонноруттан-сэргэлэриттэн ыйыталаһан кылгастык да буоллар билиһиннэрэбит.

ХУДУОҺУННЬУК СЫДЬААННАРА

И.В.Попов оҕолоро бары ыал буолан оҕолонон-урууланан, удьуор утум салҕанар.
Ааҕааччыларга бэрт кылгастык, «Народный художник Иван Васильевич Попов» кинигэ-альбомҥа («Бичик», 1995 с.) ааптар, түмэн, хомуйан оҥорбут Саха норуодунай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон бу курдук суруйбутуттан билиһиннэрэбит, «… От его первой любви Лукии Никитиной, которую он звал Ленчик, осталась дочь Фомаида. Это было в 1910 году…
В 1923 году он женился вновь на якутской девушке из бедной семьи, батрачке Фекле Халыевой, опять-таки больной туберкулезом. Но, к счастью, на этот раз Иван Васильевич смог избавить ее от страшной болезни – чахотки и заиметь от нее пятерых детей — трех сыновей и двух дочерей». Сиһилии кинигэ-альбомҥа көрүөххүтүн сөп.
Дьэ, итинтэн сиэттэрэн эттэххэ, бастатан туран, Поповтар эһэлэрин, хос эһэлэрин бастакы сиэнин Иван Сидоровы истиҥник ахталлар. Бииргэ төрөөбүттэр тустарынан убайдара Гавриил Гаврильевич Петров бу курдук сырдатта.
“Иван Сидоров улахан кыыс Фомаида Ивановналаах оҕолоро. Улахан уол Николай кэргэнин Муза Федоровнаны кытта Ытык Күөлгэ олорбуттара. Мин төрөппүттэрим: Елена, Гавриил Егорович Петровтар Ытык Күөлтэн Үөһээ Бүлүүгэ көһөн алта сыл, онтон төттөрү Ытык Күөлгэ көһөн олорбуттара. Капитолина Никтополеон Петровичтыын Тааттаҕа, Святослав Галиналыын Витимҥэ, Иван Люция Саввичналыын Дьокуускайга олохсуйбуттара”.
Худуоһунньук, саха но­­руотун аар-саарга аатырдыбыт дэгиттэр талааннаах Иван Васильевич Попов сиэннэриттэн, хос сиэннэриттэн худуоһунньуктар, уустар айа-тута, ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллар.

УДЬУОР УТУМА САЛҔАНАР

Худуоһунньук Иван Васи­льевич Попов талаана кэнчээри ыччаттарынан салҕанар, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр.


И.В.Попов кыра уола Иван Попов оҕо эрдэҕиттэн айар үлэнэн умсугу­йар. Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр худуоһунньук, талааннаах скульптор, муосчут. ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусствотын үтүөлээх диэ­йэтэлэ. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство бары эйгэтин хабан үлэлээбит.

И.И.Попов кэргэнин Люция Саввичнаны уруһуйдаабыт хартыыната

Иван Иванович үс уолуттан иккитэ эһэлэрин, аҕаларын туйаҕын хатаран худуоһунньуктар. Улахан уол Иван Дьокуус­кай­дааҕы художественнай училищеҕа, Красноярскай художественнай институт фи­­лиалыгар үөрэнэр. Билигин Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах Саха судаарыстыбаннай түмэлигэр үлэлиир. СӨ култууратын туйгуна.

"Эбэм мэтириэтэ". И.И.Попов (мл) уруһуйа

Орто уол Гавриил Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа, СГУ БГФ үөрэммитэ. Билигин “Сахабэчээт” тэрилтэтигэр художественнай редакторынан ситиһиилээхтик үлэлиир. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

"Оҕом Верочка". И.И.Попов (мл) уруһуйа
Тымныы оҕуһа. Иван уонна Гавриил Поповтар үлэлэрэ
Ойуунускай айымньытынан. Иван, Гаврил Поповтар үлэлэрэ. Тааттаҕа.

Кыыһын Е.И., Г.Е.Петровтар уоллара – Гавриил Петров Намнааҕы педагогическай кэллиэс преподавателэ, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чи­­лиэнэ, СӨ норуодунай ху­­дуоһунньуга, СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ.

А.Е.Кулаковскай мэтириэтэ. Г.Г.Петров хартыыната

Гавриил Гаврильевич: “Мин 1949 с. ахсынньы 28 күнүгэр Тааттаҕа Ытык Күөлгэ төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Ытык Күөлгэ эһэбит Иван Васильевич Попов балаҕанын таһыгар олорбуппут. Оччотооҕу бэлиитикэнэн Үөһээ Бүлүүгэ көспүппүт. Мин бэһискэ үөрэнэрим. 8 кылааһы Үөһээ Бүлүүгэ бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа киирбитим. Кыра таайым, худуоһунньук Иван Иванович Попов: «Эһэҥ курдук худуоһунньук буолуохтааххын»,- диэн алҕаан, училищеҕа илиибиттэн сиэтэн киллэрбитэ.
Училищеҕа үөрэнэн баран, 1970 сыллаахха Тааттаҕа Дьохсоҕон оскуолатыгар уруһуй уонна үлэ уруогун учууталы́нан үлэлээбитим. Дириэктэр Д.М.Стрекаловскайга, кэлэктиипкэ махталым улахан. Аармыйаҕа сулууспа­лаан баран, 1973 с. кэргэннэнэн, оҕолонон, Ытык Күөлгэ муусука оскуолатын иһинэн уруһуй кылааһын тэрийсэн үлэлээбитим. Дириэктэр Д.Д.Мончурина бу саҥа тэрээһини өйөөбүтэ.

Таайым Иван Попов. Г.Г.Петров уруһуйа, 2013с.
Натюрморт. Г.Г.Петров

1983 сыллаахха Владивос­токка Уһук Илиннээҕи ускуустуба институтугар живопись факультетыгар үөрэммитим. Намҥа педагогическай училищеҕа үлэҕэ ылбыттара. Дириэктэр Василий Петрович Иванов – Ленинградтааҕы А.И.Герцен аатынан пединститут художественнай-графическай факультетын выпускнига. Айымньылаахтык үлэлээн кэллиэспитин сылын ахсын үрдүк таһымҥа таһаарарга кыһамньыбытын уурдубут. Билигин выпускниктарбыт Арассыыйа институттарыгар үөрэнэн, үлэһит буолан үүнэн-сайдан, кэллиэспитин өссө үрдүк кэрдиискэ таһаараллар.
Мин үөрэтэр чааһым элбэх буолан, айар үлэбэр бириэмэм кырыымчык буолара. Үксүгэр түүннэри үлэлиирим. Ол иһин үлэм, баҕарбытым курдук элбэҕэ суох. Ол да буоллар, таҥарам анаабыт бириэмэтин айар үлэбэр туһаннарбын диэн баҕалаахпын».
Дьэ, ити курдук, кылгастык сырдаттахха. Худуоһунньук, саха норуотун аар-саарга ­аатырдыбыт дэгиттэр талааннаах Иван Васильевич Попов сиэннэриттэн, хос сиэннэриттэн худуоһунньуктар, уустар айа-тута, ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллар. Кэрэни, үйэлээҕи бар дьонноругар бэлэхтииллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ

2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэлээх оҕону иитэригэр эбии төлөбүр көрүллэр

Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…

30 минут ago
  • Сонуннар

Сабина Кушевская: «Биир кэлим мэхэньиисими оҥоруохпут диэн эрэнэбит»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

47 минут ago
  • Сонуннар

Оҕо атаҕастабылын эрдэттэн бохсуохха!

Бу күннэргэ Дьокуускайга  уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…

50 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

100-тэн тахса психолог түмүстэ

Психолог күнүн чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ «Практическая психология: актуальные вопросы» диэн V психологтар пуорумнара ыытылла…

53 минуты ago