Кэрэспэдьиэн Сэргэй курдук Өймөкөөнү ааттатар суруналыыс элбии турдун!
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун бочуоттаах гражданина, кыраайы үөрэтэр суруналыыс, Өймөкөөн улууһун сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥа» хаһыаты төрүттээбит Сергей Егоров-Кэрэспэдьиэн Сэргэй 70 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, кини аатын үйэтитэр эдэр кэрэспэдьиэннэр икки ардыларыгар биллэриллибит айар куонкурус түмүктэннэ.
Тэрээһини «Өймөкөөн» кэммиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэ бырабылыанньата тэрийэн ыытта.
Бу түмсүү сэттэ чилиэниттэн үһэ — Елена Потоцкая (идэтийбит суруналыыс), Тамара Винокурова, Валентина Прокопьева («Хотугу сардаҥа» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ) кыраайы үөрэтэр суруналыыс Сергей Егоров үөрэтэн-такайан, уһуйан таһаарбыт айар куттаах дьоннорунан буолаллар.
Куонкуруска улуус оскуолаларыттан бэрт элбэх эдэр кэрэспэдьиэн кыттыбыта олуһун үөртэ.
Ордук Г.А. Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын оҕолоро «Хотугу сардаҥа» хаһыаты кытта ыкса сибээстээхтэрэ харахха быраҕыллар. Холобура, Төрүт оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Михаил Атласов араас тиэмэҕэ суруйбут, дириҥ ис хоһоонноох матырыйааллара хаһыат нүөмэрин аайы баара үөрдэр. Ол да иһин буолуо, Миша тэҥнээҕин булбакка, бириистээх 1-кы миэстэҕэ хаардыы хааман киирдэ. Киниэхэ дьүүллүүр сүбэ 3 тыһыынча солкуобайдаах харчынан бириэмийэни анаата.
2-с миэстэни уонна 2 тыһ. солк. бириэмийэни «Северная заря» хаһыат суруналыыһа Юлия Фролова салайар «Ракурс» эдэр кэрэспэдьиэннэр постара ылла. Оҕолор саҥа үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан кэлиҥҥи ыйдарга көхтөөхтүк үлэлээбиттэр. Эдэр кэрэспэдьиэннэр биир халыыбынан буолбакка, биир-биир үлэлииллэрин ситиһэр сорук турууһу. Биллэн турар, биир тиэмэҕэ хас да оҕо өйтөн суруйуутун хаһыакка «анньыахха» сөп эрээри, ити ньыманы кыра саастаах оҕолорго туһанар ордук. Обургу оҕолор суруйууларын тус-туспа арааран, матырыйаалларын биирдиилээн таһаарыахха наада. Оччотугар эрэ эдэр кэрэспэдьиэннэр бэйэлэрин суолларын тэлэ үөрэниэ этилэр буоллаҕа.
3-с миэстэни уонна 1 тыһ. солк. харчынан бириэмийэни дьүүллүүр сүбэ Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитигэр Давид Канаевка анаата.
Кини аҥардас биир эрэ матырыйаалынан «абаанса» быһыытынан суолталаах наҕарааданан бэлиэтэннэ. Тоҕо? Бастатан туран, чөл олоҕу бэркэ сырдаппыт. Иккиһинэн, хаартыската элбэх уонна ирдэбилгэ сөп түбэһэр — дьон хамнана сылдьар, олоҕу хайдах баарынан көрдөрөр «тыыннаах» түһэрии. Өскө оҕо бэйэтин түһэриитэ буоллаҕына — бэртээхэй. Оттон атын киһи буоллаҕына, аатын булгуччу ыйар наада.
Төрүт оскуолатын кэнниттэн Өймөкөөн оскуолатын оҕолоро көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр. Сордоҥноох үөрэнээччилэрин өйтөн суруйууларын учууталлара биирдэ ботуччу хомуйан ыыппытын, хаһыат үлэһитэ Любовь Кривошапкина бэйэтэ таҥан, көннөрөн таһаарбыт. Ити биир кэмнээх үлэ эбит. Онон бүттэ. Ол иһин дьүүллүүр сүбэ бу үлэни суруналыыс үлэтин курдук аахта.
Үчүгэй оскуолата олох да кыттыбата. Дьиҥэр, бу оскуолаттан биир да матырыйаал эбээннии тылынан киирбитэ буоллар, олох инники күөҥҥэ таһаарыа эбиппит. Ол кыаллыбата. Хайа да тылынан суох.
Дьүүллүүр сүбэ санаа атастаһыытын анал идэлээх суруналыыс быһыытынан олус сөбүлээтим. Ол курдук, урбаанньыт Михаил Захаров бу куонкурска анаан ис сүрэҕиттэн кыттыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кини кэлиҥҥи сылларга «Өймөкөөн» уопсастыбаннай тэрилтэ үлэтигэр олохтоохтук кыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Бастаан улуус баһылыгынан үлэтин саҕалыырыгар 2013 сыллаахха кини Сергей Егоров 60 сааһын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ кыттыбыта уонна кыраайы үөрэтээччилэри кытта бииргэ үлэлэһиэх буолбута. Ол санаатын Михаил Михайлович чиэстээхтик толорбута. Кини үлэлиир кэмнэригэр хаһааҥҥытааҕар да кыраайы үөрэтээччилэр ис истэриттэн арыллан туран хоҥнохтоохтук үлэлээбиттэрэ, үтүмэн элбэх кинигэ тахсыбыта. Быйыл Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа кини аан бастаан тыл көтөҕөн, сүүрэн-көтөн тэриллэр буолбута. Ол да иһин буолуо, «Бэҕэһээҥҥи, бүгүҥҥү уонна үүнэр күнэ суох олох суох» диэн тосхолу тутуһар киһи, оҕолор үлэлэригэр төрөөбүт нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын, дьонун суруйуу суоҕун бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ хаартыскаҕа дьон ааттара ыйыллыбатын, оҕо бэйэтин санаатын суруйара наадатын бэлиэтээтэ:
Ис дьыала министиэристибэтин бэтэрээнэ, Биэрэк Үрдүттэн төрүттээх Ньургун Кривошапкин эдэр кэрэспэдьиэннэргэ туһаайан, «төрөөбүт дойдуларын олоҕун-дьаһаҕын туһунан билэллэрэ наадатын, билигин баар кырдьаҕастартан төһө кыалларынан элбэх ахтыыны хомуйаллара буоллар» диэн санаатын эттэ.
«Урукку сылларга биһигини учууталларбыт ыал аайы ыыта-ыыта кырдьаҕас дьонтон ахтыы хомуйтара сатыылларын толорор-толорбот икки ардынан эппиэтинэһэ суохтук сыһыаннарбытыттан хомойобун. Төһөлөөх элбэх ахтыы хаалыа этэй? Онон билигин баар кырдьаҕастарбытыттан оҕолору олох араарымаҥ, сорудахта биэрэн, ахтыыларда хомуттаралларыгар көрдөһүөм этэ», диэн санаатын тиэртэ. Ньургун Гаврильевич санаатын кытта педагогическай үлэ бэтэрээнэ Тамара Винокурова толору сөбүлэстэ.
Сергей Егоров бииргэ төрөөбүт балта, биир дойдулаахтар түмсүүлэрин көхтөөх чилиэнэ Фаина Румянцева оҕолоро төрөөбүт тылларынан суруйаллара хайаан да наадатын уонна Кэрэспэдьиэн Сэргэй Өймөкөөн улууһун дьонун-сэргэтин туһунан суруйбута үйэтитиллэн, элбэх кинигэ тахсыбытын бэлиэтээтэ.
Дьэ, онон кыраайы үөрэтэр Өймөкөөн ытык киһитэ, улахан суруналыыс үбүлүөйдээх сылын «Өймөкөөн» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ сылы быһа араас тэрээһиннэри дириҥ ис хоһоонноохтук тэрийэн, дьоһуннаахтык түмүктээтэ.
Кыайыылаахтар бу күннэргэ сылы түмүктүүр Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарыгар дьоһуннаах бириистэрин, наҕараадаларын туттулар.
Хас биирдии чаҕылхай матырыйааллаах эдэр кэрэспэдьиэҥҥэ Эҕэрдэ суругу кытта бэртээхэй хоһоонноох кинигэ бэлэх туттарылынна.
Сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥаны» төрүттээбит Сергей Егоров үбүлүөйүн куонкуруһуттан кынат анньыммыт эдэр кэрэспэдьиэннэр мантан инньэ Тымныы полюһун доҕоонноохтук ааттатан, төрөөбүт улуустарын хаһыаттарын баай матырыйаалларынан хаҥаталларыгар ис сүрэхпититтэн эрэнэбит!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: