Кэргэн кэпсэтии сиэрэ-туома

Share

Кэргэн кэпсэтии сиэрин-туомун туһунан хаһан эмэ истибиккит дуо? «Уос аһар» эбэтэр «сыҥаах хоҥнорор» диэн тугуй?

Кэпсэтии үгэс быһыытынан хонон баран сарсыныгар салҕанан барар.  Кыыс сүрэҕэ сэрэйэн, кэлии дьону эмиэ кэтиир. Бу туһунан А.Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэҕэ сиһилии көрүөххэ сөп.

Кэпсэтии кэмигэр килбик кыыс хаппахчытыгар, оттон уол ороннорго түҥнэри хайыһан олороллоро. Ол олорон аһыылларыгар, уол сиир этиттэн кыыска кэһии ыытара. Ол аата «уос аһар» эбэтэр «сыҥаах хоҥнорор» диэн буолар. Кыыс харда эт ыыппат. Сороҕор «сыҥаах хоҥноруутугар» уол дьоно харчы эбэтэр сүөһүнү төбөтүнэн ааҕан кыыс дьонугар бэлэх  биэрэллэрэ. Дьэ, ол кэнниттэн сулуу төлөбүрүн, уруу туһунан анаан-минээн кэпсэтии ыыталлара. Аһаан баран, дьиэлээхтэр уол кыыһы кэпсэтэ кэлэригэр аҕалбыт сулуутун сороҕун көрө таһырдьа тахсаллара. Сулууга кэлбит сүөһүттэн аймахтарыгар, чугас дьонноругар өлүүлээн бэрсэллэрэ, кинилэр кыыс энньэтин тэрийэргэ төһө көмөлөспүттэрин көрөн. Ол кэнниттэн илии охсуһаллара.

А.С.Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтиттэн

«Айар» кинигэ кыһата, 2024 с.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2026 сылга мунньуллар биэнсийэттэн хас сууманы ылыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр

Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга  мунньуллар биэнсийэлэриттэн  440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…

5 часов ago
  • Сонуннар

Ефрем Семенов: «Каадыр бэлиитикэтигэр улахан болҕомто ууруллуоҕа»

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Диана Соломонова: «Сийиэскэ этиилэрбин болҕомтоҕо ылбыттарыттан үөрдүм»

Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ  үгүс дьокутааты…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос туора туран хаалыа суохтаах

Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

“Надеждалар” быйыл сүүрбэччэ араас көрүҥнээх 861 таҥаһы тиктилэр

“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…

6 часов ago
  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

7 часов ago