Кэргэнниилэр арахсыылара тоҕо элбиирий?

Кэргэнниилэр арахсыылара тоҕо элбиирий?

12.08.2023, 18:00
Хаартыска: PXHERE.COM
Бөлөххө киир:

Бүтүн Арассыыйатааҕы Уопсастыба санаатын үөрэтэр киин (ВЦИОМ) ыйыталаспыт дьонун 90 бырыһыана кэргэнниилэр арахсыыларын буолуохтааҕын курдук ылынар. Хомойуох иһин, кэргэнниилэр арахсыыларын улахан алдьархай курдук ылыммат көлүөнэ үөскээбитин бэлиэтииллэр.

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ:

Исписэлиистэр 2022–2023 сылларга Арассыыйаҕа кэргэнниилэр арахсыыларын сүрүн төрүөттэрин маннык быһаараллар:

— Дьадайыы туругар киирии — 33% (ыйытыллыбыт дьонтон);
— бэйэ-бэйэни кытары өйдөспөт буолуу –15%;
— кэргэнниилэртэн биирдэстэрин таҥнарыыта — 10%.

Ол кэнниттэн кэлэр төрүөттэр:

— Уопсай интэриэс сүтүүтэ уонна бэйэ-бэйэттэн тэйсии;
— дьиэтээҕи эбээһинэстэри үллэстии боппуруостарыгар сөбүлэспэт буолуу;
— кэргэнниилэртэн хайаларын эрэ төрөппүттэрин кытары бииргэ олоруу эбэтэр төрөппүттэр эдэр дьон олоҕор орооһуулара, мэһэйдэһиилэрэ;
— сиэкискэ сөп түбэһиспэт буолуу;
— оҕолонуохтарын баҕарбаттара эбэтэр оҕо кыайан үөскээбэтэ;
— дьиэ иһигэр атаҕастабыл;
— арыгыттан, наркотиктан, үлүһүйүүлээх оонньуулартан, куһаҕан дьалллыктартан тутулуктаныы;
— кэргэнниилэр өр кэмҥэ тус-туспа атын куораттарга, дойдуларга олоруулара.

Дьиктитэ диэн, тоҕо арахсалларын билинэллэригэр дьахталлар уонна эр дьон сүрүн төрүөттэрэ биир, маарыннаһар. Оттон дьиэ иһигэр атаҕастабылы, дьиэ иһинээҕи эбээһинэһи сүрүн төрүөт оҥорооччуларынан дьахталлар буолаллар эбит. Эр дьон, сиэкискэ тапсыбаттан ордук муунтуйар, ону таһынан өр сылларга оҕоломмотохторуна, ордук кинилэр арахсар туһунан быһаарыыны урут ылыналлар.

Ханнык сааска ордук арахсалларый?

Арахсар ыал 4% эрэ бииргэ олорбуттара бастакы сылыгар икки аҥыы барар. Арахсыы 28 бырыһыана бииргэ олорбуттарын 5–9‑с сылларыгар тиксэр. Арахсыы иккис долгуна, үгэс курдук, 30–45 сааска түбэһэр. Маны психологтар орто саас кириисиһинэн быһаараллар. Бу бириэмэҕэ кэргэнниилэр үксүгэр 10–19 эрэ сыл бииргэ эйэ дэмнээхтик олорон хаалаллар.
Ыал буолан олоруу орто уһуна 9–10 сылга тэҥнэһэр буолбут. Анаарааччылар сабаҕалыылларынан, бу сыыппара өссө кыччыан сөп. Ол эбэтэр олох да аҕыйах
сылга эрэ кэргэннии олох дьолун билэн хаалаллар. Оҕолоро суох кэргэнниилэр арахсаллара элбиэн сөп.

Дойдуга барытыгар турбут пандемия содула ыал арахсарыгар кырата суох оруолламмытын бэлиэтииллэр.

Дьиэҕэ хаайтаран олоруу кэмигэр үгүс кэргэнниилэр сыһыаннара мөлтөөбүтэ, бэйэ-бэйэлэриттэн сылайыы түмүгэр урут кэргэннэрин улахаҥҥа уурбакка да кэлбит үгэстэрин, кэмэлдьилэрин хайыы үйэ тулуйбат турукка киирбиттэрэ, бэл, бэйэ-бэйэлэрин абааһы көрсөр буолбуттара биллэр. Ону таһынан дойду уопсай балаһыанньата, онтон хайдах тахсар суол кыайан тобуллубата истириэскэ тириэрдэр. Онуоха кэрэ аҥаардар кэргэннэрин киппэ кириэппэс курдук көрүөхтэрин баҕараллар. Ол кыаллыбатаҕына, «Бу мин аттыбар сөптөөх киһи сылдьар дуо?» диэн саарбахтыы санаатахтарына, соһуйбаккын. Хомойуох иһин, маннык түгэҥҥэ үксүгэр дьахтар кэргэнин таларыгар сыыспытын «билинэр», ол түмүгэр дьиэ кэргэн ыһыллар турукка киирэр. Психологтар маннык көстүү өссө да салҕанан бара туруо диэн киһини уоскуппат сабаҕалааһыннары оҥороллор.

САХА СИРИГЭР:

2023 сыл от ыйын 16 күнүнээҕи туругунан:

Сыллара  Холбоһуу Арахсыы
2020 с.     4448            3246
2021 с.      5596            4216
2022 с.     6706            4412
2023 с.     1694            1731

Статистика табылыыссатыттан көрдөххө:

2021 сылтан ыла ыал буолааччы уонна арахсааччы ахсаана элбээбит. 2020 с. 4448 дьиэ кэргэн ыал буоларын докумуонунан бигэргэппит буоллаҕына, 2021 сылга тыһыынчаттан тахса ыал эбиллибит, онтон арахсыы 970 ыалынан элбэх. 2022 сылга ыал буолааччы да, арахсааччы да эмиэ элбээбит.

Уопсайынан, ыал буолааччы ахсаана сыл аайы эбиллэрин курдук, арахсыы эмиэ элбээн тахсар.

Ыал буолааччы ахсаана эбиллэригэр федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи «дьиэ кэргэн хапытаала», оҕону төрөтүөҥ иннинэ бэриллэр уоппуска төлөбүрэ үрдээһинэ, оҕоҕо төлөбүрдэр уонна демографияны тупсарарга көмөлөөх атын да чэпчэтиилэр улахан оруолланнылар.

«Эһиэхэ арахсарга биир эрэ эбэтэр тыһыынча да төрүөт баар буоллун. Ол гынан баран, тапталгыт өссө тыыннаах буоллаҕына — бэйэҕитигэр бүгэн хаалымаҥ, психотерапевт көмөтүнэн туһаныҥ. Иккиэн салгыы дьоллоохтук олорорго баҕалаах буоллаххытына, төһөлөөх да ыарахан балаһыанньаттан тахсыахха сөп». — диэн сүбэлииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: