«Кэриэстиир эн ааккын төрөөбүт норуотуҥ»

Share

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр саха биллиилээх поэта, публицист, очеркист, уопсастыбаннай диэйэтэл, «Бочуот Знага» орден кавалера, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Сергей Степанович Васильев-Борогонскай төрөөбүт күнүн биир дойдулаахтара сыллата бэлиэтиибит.

Ол курдук, быйыл төрөөбүтэ 117 сылыгар поэт өлбөт-сүппэт айымньыларын, олорон ааспыт олоҕун сырдатар быыстапкалар, араас хабааннаах тэрээһиннэр Суотту нэһилиэгин култууратын тэрилтэлэригэр, бибилэтиэкэлэргэ, үөрэх тэрилтэлэригэр ыытылыннылар.

Оҕуруоттаах уонна Хоноҕор бөһүөлэктэригэр араадьыйанан репортажтар, С.С. Васильев-Борогонскай түмэл-дьиэтигэр экскурсия, нэһилиэк ыччаттара кыттыылаах миитин болҕомтону тартылар. Маны сэргэ, «Кэриэстиир эн ааккын төрөөбүт норуотуҥ» диэн бэртэхэй ТОК оонньуу буолла. Хамаанданан күрэхтэһии дьону-сэргэни сэргэхситтэ.

Раиса Черкашина,

Суотту, Уус Алдан.

Хаартыскаларга Ирина Осипова түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

10 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

3 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

4 часа ago