«Көрүҥ, бу Арассыыйа!» куонкуруска кыттыҥ

Share

Тэрийээччилэр «Көрүҥ, бу Арассыыйа!» Арассыыйатааҕы куонкуруска быйыл хаһааҥҥытааҕар да кыттыы көхтөөҕүн бэлиэтииллэр.  

СӨ Аҕа баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн,  быйыл бу тэрээһиҥҥэ 30 245 оҕо дойду 89 эрэгийиэниттэн кыттарга сайаапка биэрдэ. Былырыын 27 640 оҕоттон сайаапка киирбитэ.  Ордук Донецкай Народнай Өрөспүүблүкэтиттэн кыттыан баҕалаах оҕо ахсаана элбэх. Иккис миэстэҕэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтэ. Үһүскэ — Нижнэй Новгород уобалаһа.

10 көхтөөх эрэгийэннэргэ киирдилэр:

1-кы миэстэ: ДНӨ – 384 сайаапка,

2-с миэстэ: Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – 266,

3-с миэстэ:  Нижнэй Новгород уобалаһа – 215,

4-с миэстэ: Астраханскай уобалас – 182,

5-с миэстэ: Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэ – 176,

6-с миэстэ:  Свердловскай уобалас  – 145,

7-с миэстэ: Иркутскай уобалас – 117,

8-с миэстэ: Омскай  уобалас– 109,

9-с миэстэ: Челябинскай  уобалас– 108,

10-с миэстэ: Краснодарскай кыраай – 106.

Куонкурус сүрүн соруга — дойду эрэгийиэннэрин оҕолоро Арассыыйа устуоруйата уонна култуурата киэҥин арыйыы, сырдатыы, бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларын устуоруйаларын үөрэтэллэригэр көҕүлээһин. Быйыл эдэр режиссердар  үлэлэрэ «Мин дойдум. Мин устуоруйам» тиэмэҕэ  ананна.

Кыттааччы оҕолору сэтинньи 1 күнүттэн ааттаах-суоллаах режиссердар, продюсердар, блогердар дьарыктыыллар, маастар-кылаастары ыыталлар, сүбэ-ама биэрэллэр.

Ахсынньы 7 -17 күннэригэр эдэр видеографтар видеоматырыйаалларыгар куоластааһын саҕаланыаҕа. Кыайыылаахтар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.

Регистрация сэтинньи 25 күнүгэр түмүктэнэр. Онон бу официальнай саайтка https://lookitsrussia.ru киирэн өссө да сайаапка биэриэххэ сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago