Көс омуктар оонньууларыгар анаан спортсменнары бэлэмниир кэлим былаан оҥоһуллуоҕа
Маннык быһаарыы V Көс омуктар аан дойдутааҕы оонньууларын чөмпүйүөннэрин, призердарын уонна тириэньэрдэрин чиэстээһин кэнниттэн ылылынна.
Кэлэр оонньууларга спортсменнары бэлэмниир кэлим былаан оҥоһуллуо диэн СИА-ҕа СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эттэ.
“Казахстаҥҥа Саха сирин хамаандата Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын иһигэр киирэн, кыттыбыт көрүҥнэригэр барытыгар ситиһиилэннэ. Сүрүнэ, Көс омуктар оонньууларын бырагырааматыгар баар успуорт көрүҥнэрэ биһиги норуоппутугар уруулуу эбиттэр. Ол да иһин биһиги спорстменнарбыт ситиһиилээхтик кытыннылар, — диэтэ Сергей Местников. – Саха сирэ кэлэр да оонньууларга кыттар былааннаах. Ол иһин кыттыахтаах көрүҥнэрбитигэр эрдэттэн бэлэмнэнэр курдук кэлим былааны оҥоһуннахпытына, спортсменнар дойдубут сүүмэрдэммит хамаандатыгар элбэх бириистээх миэстэни аҕалыа этилэр”.
Саха спортсменнара 5 көрүҥҥэ күрэхтэспиттэрэ: мас тардыһыыга, оҕунан ытыыга, Асык атуга (казах норуотун оонньуута), Тогыз кумалакка (казах норуотун өйү эрчийэр оонньуута) уонна Оварига (арҕаа Африка дойдуларын өйү эрчийэр оонньуулара).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: