«Көс кут» — поэзия ураты киэһэтэ буолла

Share

Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса Зинаида Архипова “Көс кут” диэн айар киэһэтэ буолла. Бу Саха тыйаатырын “Поэттыын сэһэргэһии” бырайыагын бэһис түһүмэҕэ буолар.

Хаартыска: Василий Кривошапкин.

Бу киэһэ Михаил Апросимов, Куприян Михайлов, Петр Баснаев, Маргарита Борисова, Елизавета Потапова, Кирилл Семенов, Надежда Ушницкая курдук ааттаах-суоллаах артыыстартан саҕалаан, тыйаатыр орто саастаах уонна эдэр артыыстара Зинаида Архипова хоһооннорун аахтылар.

Артыыстар анаан таҥнан-симэнэн тахсан, уобарастарыгар киирэн, олус итэҕэтиилээхтик хоһооннору аахтылар. Туруорууга режиссер Руслан Тараховскай сонун көрүүтэ баара көстөр.

Зинаида Архипова — ураты уобарастардаах, дириҥ толкуйдаах, уурбут-туппут курдук хоһооннордоох, саха аныгы поэтессаларыттан биир күүстээхтэрэ, ураты суоллаахтара буолар. Кини хомуһуннаах хоһоонноро айдарыылаах  артыыстар уостарыттан ураты тыыннанан, тиллэн кэлэргэ дылы буоллулар.

Мин Саха тыйаатырыгар, Руслан Тараховскайга, кыттыбыт артыыстарга махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэр, поэзияны сэргиир, ааҕар, сүрэх-быар нөҥүө аһардар көрөөччүгэ, истээччигэ тиэрдэ сатыыр киһи билигин наһаа элбэҕэ суох. Көрөөччүлэр олус дьикти түгэҥҥэ, дьикти дьүһүлгэҥҥэ кыттыспыттарын өйдөөн олороллоро буолуо дии саныыбын.

Зинаида Архипова поэт быһыытынан ситэн-хотон, атаҕар турбутун, саха аныгы дьахтарын санааларын, саха инники сайдыытыгар туохха тирэнэрин көрдөрөр саҥа хоһооннорун иһиттибит. Мин санаабар, саха дьахтарын менталитетын, олоҕу анаарыытын, кини аныгы кэм киһитэ буоларынан, ааспыты, былыргыны кытта хайдах ситимниирин көрдөрөр саҥа айымньылар диэн сыаналыыбын, — диэн саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева эттэ.

Хаартыска: Василий Кривошапкин.

Поэзия киэһэтин “Кыл саха” уонна Руслан Габышев тыыннаах доҕуһуолунан киэргэттилэр. Олус истиҥ, дууһа кылын таарыйар киэһэ буолла. Көрөөччүлэр астынан тарҕастылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

10 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago