Көс омуктар оонньууларыгар мас тардыһыыга саха спортсменнара икки боруонса мэтээлгэ тигистилэр
Астана куоракка аан дойдутааҕы Көс омуктар оонньууларыгар мас тардыһыыга саха спортсменнара икки боруонса мэтээли ылары ситистилэр.
Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Саха сирин спортсменнара мас тардыһыыга Никита Татаринов (105 кг) уонна Лия Плотникова (75 кг) Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Астана куоракка ыытыллар Аан дойдутааҥы Көс омукта оонньууларыгар боруонса мэтээллэрин хаһаайыннарынан буоллулар. Бу туһунан «Триумф» успуорт уораҕайын пресс-сулууспата суруйар.
Кинилэр бу күрэхтэһиигэ Санкт-Петербург куоракка Арассыыйа чөмпүйэнээтин түмүгүнэн үһүс миэстэҕэ тиксэн кыттар кыахтаммыттара. РФ сүүмэрдэммит хамаандатын иккис нүөмэрдэрэ Грузияҕа Европа чөмпүйэнээтигэр, оттон бастакылар — Кыргызстаҥҥа Аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттыахтара.
Көс омуктар оонньууларын түһүлгэтигэр барыта отуттан тахса омук хамаандатыттан сүүстэн тахса спортсмен күөн көрүстэ. Мас тардыһыыга Кыргызстантан, Пакистантан, Монголияттан, Словакияттан, Узбекистантан күүстээх спортсменнар кэлэн кыттаннар, сылтан сыл ахсын мас тардыһыытын сайдыытын таһыма үрдээн иһэрин көрдөрөр.
Санатан эттэххэ, күрэхтэһии бастакы күнүн түмүгүнэн Саха сирин спортсменнара Айсен Мигалкин уонна Айсен Атастыров Аан дойдутааҕы көм омуктар оонньууларын чөмпүйүөннэрэ буолбуттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: