Салгыы
«Көс ыал» күрэс кыайыылаахтара билиннилэр

«Көс ыал» күрэс кыайыылаахтара билиннилэр

04.04.2023, 18:05
Хаартыска: СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Муус устар 1-2 күннэригэр Эбээн Бытантай национальнай улууһугар “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн, “Көс ыал” күрэһэ буолла. Күрэһи үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ тэрийдэ.

СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.

“Көс ыал” күрэскэ кыракый оҕолор кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх. Саамай кыра кыттааччыларынан 3 ыйдаах Виктория Стручкова, 5 ыйдаах Раина Иванова уонна балтараалаах Эвелина Колесова буоллулар.

Дьиэ кэргэттэр табаны наарталаах сүүрдүүгэ, маамыктаны быраҕыыга күрэхтэстилэр, бэйэлэрин тустарынан билиһиннэрдилэр, талааннарын арыйар айар нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр. Хаһаайкалар уран иистэрин, минньигэс бүлүүдэлэрин, хотугу норуоттар үгэстэрин тутуһалларын көрдөрдүлэр. Мария Иванова 57 национальнай бүлүүдэлээх баай-талым сандалыта дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө.

Эр дьон 5 км табаны сүүрдүүлэрэ бэрт көхтөөхтүк, чаҕылхайдык ааста. Манна көс ыал аҕа баһылыга Иван Колесов (Эбээн Бытантай) кыайда. Маамыктаны быраҕыыга Томпо улууһуттан сылдьар Варвара Стручкова тэҥнээҕин булбата. Дьааҥыттан сылдьар Третьяковтар дьиэ кэргэттэрэ талааннарынан сөхтөрдүлэр.

Онон икки күннээх күрэс түмүгэ маннык буолла:

1-кы миэстэ – элбэх оҕолоох Варвара Андреевна уонна Дмитрий Семёнович Стручковтар дьиэ кэргэттэрэ (Томпо);

2-с миэстэ – элбэх оҕолоох Мария Николаевна уонна Афанасий Афанасьевич Ивановтар (Эбээн Бытантай);

3-с миэстэ — Уйгулаана Васильевна уонна Иван Михайлович Колесовтар  (Эбээн Бытантай).

Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ассоциацияларын анал бирииһин Дьааҥыттан сылдьар Анна Владимировна, Николай Петрович Третьяковтар дьиэ кэргэттэрэ ылла.

СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: