«Кэскил» — Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо образцовай ансаамбыла» кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста
Кулун тутар 2 күнүгэр И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатыгар бүтүн өрөспүүбүлүкэ киэн туттар, Арассыыйаҕа, аан дойдуга биһирэммит «Кэскил» хомусчут уолаттар образцовай ансаамбылларын туһунан «Кэскил» — Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо образцовай ансаамбыла» кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Манна кинигэ тахсыытыгар күүс-көмө буолбут дьон ыҥырыллан ыалдьыттаатылар. Ол курдук, СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын норуодунай дьокутаата Г.А. Васильев, кинигэ эрэдээктэрэ, П.А. Ойуунускай аатынан литэрэтиирэ түмэлин дириэктэрин солбуйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Л.Н. Иванова, Хомус аан дойдутааҕы түмэлин билимҥэ уонна сырдатар үлэҕэ мэтэдииһэ Е.П. Слепцова, Уус Алдан улууһун үөрэҕин управлениетыттан оскуолабыт куратора А.И. Ушницкая, култуура управлениетыттан начаалынньык С.С. Нафанаилов, А.Е. Федорова, улуус хомуска түмсүүтүн салайааччыта А.А. Находкин кэлэн кинигэ туһунан кэпсэтиһэн, истиҥник эҕэрдэлээн, бэлэх туттаран бардылар. Үгүс ыалдьыт ансаамбыл маҥнайгы салайааччыларыттан биирдэстэрин, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара М. М.Соловьеваны ахтан-санаан аастылар. Тэрээһин саҕаланыытыгар тахсыбыт кинигэ туһунан ансаамбыл салайааччылара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Т.С. Михайлова уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна Е.В. Атласова билиһиннэрдилэр, ыалдьыттарга махтал сурук, кинигэ бэлэхтээтилэр.
Салгыы олохтоох дьаһалта баһылыга Н.Н. Сивцев, оскуола дириэктэрэ Н.А. Дорофеева, Технопаарка дириэктэрэ Г.Г. Кудрин, ансаамбыл төрөппүттэрэ, М.М. Соловьева аймахтара, педагогическай үлэ бэтэрээнэ М.Е. Соловьева уонна М.И. Сивцева тыл эттилэр, эҕэрдэлээтилэр. Хомус маастара П.Д. Куличкин — Быйаман Уус ансаамбыл солиһа, билигин устудьуон Сивцев Айаалга, Л.С. Павловаҕа хомус туттарда, ансаамбыл оҕолоругар минньигэс бэлэх уунна.
Ансаамбыл салайааччыларыгар Т.С. Михайловаҕа “Уус Алдан улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни, Е.В. Атласоваҕа “Уус Алдан улууһун үөрэҕэриитин сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни ытыс дохсун тыаһынан туттардылар. Үөрүүлээх тэрээһин чаҕылхай ыалдьытынан норуокка тута биллибит, «Киэн туттар мин дойдум – Уус Алдан!” ырыа ааптара, оскуола выпускнига, СӨ култууратын туйгуна Катя Алексеева — Готовцева буолла.
Бу күн 2012 сыллаахха Франция Париж куоратыгар ыытыллыбыт «Я люблю тебя, Париж» аан дойдутааҕы бэстибээл 1 истиэпэннээх лауреата, 2014 сыллаахха Италия Рим куоратыгар ыытыллыбыт «Римские каникулы» аан дойдутааҕы бэстибээл Гран-При хаһаайына, аан дойду, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус араас таһымнаах күрэхтэрин лауреаттара, “Кылаан чыпчаал” кыайыылаахтара, «Кэскил» хомуска уолаттар ансаамбыллара – өрөспүүбүлүкэ образцовай кэлэктиибэ “Дьүрүһүйэ тур, сахам хомуһа!” хоһоон монтаһынан, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон “Үрүҥ Уолан өрөгөйө” уонна “Дьөһөгөй оҕото” дьүһүйүүнэн эҕэрдэлээтилэр, онтон ансаамбыл биир киэн туттар выпускнига, импровизатор-хомусчут үрдүк ааты ылбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ сыллата ыытыллар “Муус устар” күрэххэ ситиһиилээхтик кыттар, эдэр хомус ууһа, ”Чулуу Болгуо Уус” анал аат хаһаайына, 2023 сыллаахха Москва куоракка ыытыллыбыт ВДНХА-ҕа хомус оҥоруутугар маастар-кылааһы ыытан дьон биһирэбилин ылбыт, прикладной математика уонна информатика магистрана Спиридон Иванов бэйэтин оҥорбут хомуһунан оонньоон дьүрүһүттэ, онтон салгыы ансаамбыл биир киэн туттар 2023 сыллаах выпускнига, өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах элбэх күрэхтэр кыайыылаахтара, лауреаттара билигин Десяткин аатынан бырамыысыланнай тиэхиньукум устудьуона Айаал Сивцев Быйаман Уус бүгүн бэлэхтээбит хомуһунан оонньоон дьиэрэһиттэ.
Бу бэлиэ тэрээһин 2014 сылтан «Кэскил» ансаамбыл, оскуола выпускнига Снежана Бурцева суруйбут «Дуорай, уран хомуһум!” ырыатын өрөгөй ырыата оҥостон, элбэх сирдэргэ ыллаабыт ырыаларынан түмүктэннэ.
В.И. Соловьева, эбии үөрэхтээһин педагога.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: