Кэскилээнэ Лукина: “Биһиги тылбыт тыыннаах, салгыы сайдыахтаах”
Соторутааҕыта Горнай улууһун А.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учуутала Кэскилээнэ Лукина “Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” Бүтүн Арассыыйатааҕы идэ куонкуруһугар кыттан, биэс кыайыылаах ахсааныгар киирэн ситиһиилэнэн, Саха сирин ааттатан кэллэ. Куонкуруска 75 эрэгийиэнтэн барыта 30 тыл учуутала кытынна.
Биэс кыайыылаах кэккэтигэр
– Кэскилээнэ Вячеславовна, кыайыылаахтар кэккэлэригэр киирбиккинэн эҕэрдэ. Куонкурус уопсай тэрээһинин туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.
– Куонкурус балаҕан ыйын 18-23 күннэригэр Карачаево-Черкесскэй Өрөспүүбүлүкэ Черкесск куоратыгар ыытылынна. Тоҕо чопчу бу өрөспүүбүлүкэҕэ тэрилиннэ диэтэххэ, манна биэс судаарыстыбаннай тыллаахтар. Төрөөбүт тыллары үөрэтэр учууталлар манна көрсөллөрө табыгастаах диэн талбыттар. Тиийээппитин кытта ытыс үрдүгэр түһэрэн көрүстүлэр. Хас биирдии кыттааччыга анал арыалдьыттары сыһыарбыттара, туох баар кыһалҕаларбытын тута кинилэр быһаара сырыттылар.
Былырыын кыттааччылары туспа гостиницаҕа түһэрбит эбит буоллахтарына, быйыл арыаллааччыларбытын кытта бииргэ олортулар. Гостиницабыт куонкурус ыытыллар дьиэтиттэн биэс хардыылаах сиргэ турарынан табыгастаах. Миигин өйүүр бөлөххө СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт тылга хаапыдыратын үрдүкү преподавателэ, “Айыы Кыһата” гимназия учуутала С.А. Липатова, биир идэлээҕим, уһуйааччым П.И. Данилова, оскуолабыт эдэр учууталларын түмсүүтүн салайааччыта М.Н. Андреева киирбиттэрэ.
Түгэнинэн туһанан, оскуолам салалтатыгар, дириэктэрбэр А.А. Гаврильеваҕа, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Л.И. Герасимоваҕа, уһуйааччыбар П.И. Даниловаҕа, идэлээх сойууһум салайааччытыгар А.М. Павловаҕа, арыалдьыттарбар уонна түүннэри-күнүстэри бэлэмнэнэрбэр көмөлөспүт биир идэлээхтэрбэр М.А.Тарасоваҕа, П.А.Афанасьеваҕа, А.Н.Лукинаҕа махтанабын.
75 учуутал
– Куонкуруска төһө элбэх учуутал кытынна? Орто саас төһөнүй? Эр дьон учууталлар кыттыылара хайдаҕый?
– Быйылгы куонкуруска барыта 75 учуутал кытынна. Кинилэр кэккэлэригэр үөрэх кинигэтин ааптардара, уһуйааччылар, саастаах, уопуттаах учууталтан саҥа үөрэҕи бүтэрбиттэргэ тиийэ бааллар. Уонча эр киһи учуутал. Муҥутуур кыйыылааҕынан тахсыбыт Артем Гусев Владимировскай уобалас Гусь-Хрустальнай оскуолатын нуучча тылын эдэр учуутала, саҥа саҕалаан эрэр педагог.
Нуучча тылларын учууталлара былырыын кыттан баран: “Биһиги төрүт тыллар учууталларын кытта киирсэрбит ыарахан эбит”, – диэбит эбит буоллахтарына, быйыл бу биридимиэт учууталлара да бастыыр кыахтаахтар эбит диэн түмүккэ кэллибит. Ол гынан баран, финалга Башкортостан, Татарстан, Саха сирэ курдук төрөөбүт тылбытын өрө тутар эрэгийиэннэр киирдибит.
– Нуучча тылын учууталлара дойду үрдүнэн олус элбэх буоллахтара.
– Нуучча тылын төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтэр учууталлар кытталлар. Кинилэри бэлиэтии көрөллөрүн туһугар букатын ураты хайысхалаах үлэлииллэрэ ирдэнэр быһыылаах, оччотугар эрэ финалга 15 иһигэр киирэр кыахтаахтар эбит дии санаатыбыт.
Долгутуулаах күннэр
– Аны куонкуруска киириэххэ. Хас түһүмэхтээҕий, хайдах ааста?
– Бастакы кэтэхтэн түһүмэххэ бэйэни билиһиннэриини эрдэ устан ыыппыппыт. Биһиги тиийэрбитигэр номнуо түмүгү таһаарбыттар этэ.
Бастакы олоҕурбут көрүҥүнэн ыытыллар түһүмэххэ, 75 кыттааччы бары мэтэдиичэскэй мастарыскыай уонна уруок ыыппыппыт. Мэтэдиичэскэй мастарыскыайга уруокка ханнык технологиялары, ньымалары туһанарбытын, ол туох туһалааҕын кэпсээбиппит.
Иккис күнүгэр уруогу көрбүттэрэ. Мин Черкесск куорат 19-с нүөмэрдээх гимназиятын 6-с “В” кылааһын үөрэнээччилэрин үөрэтэр чиэскэ тиксибитим. Саха тылын билбэттэрин быһыытынан, оҕолорго омук тылын үөрэтэр хабааннаахтык барбыта. Саха “һөҕүҥ” дорҕооннорун үөрэппитим, карачаевскай тыл саха тылыгар уруулуу буоларын, холобур, “күн”, “тур”, “олор” курдук тыллар майгыннаһалларын, биир суолталаахтарын өйдөөбүттэрэ. Оҕолор олус көхтөөхтөр, билэ-көрө сатыыллар. Бу бастакы туур кэнниттэн 15 лауреаты талбыттара.
Олоҕурбут көрүҥүнэн тэриллэр иккис түһүмэххэ “кылаас чааһын” ыыппыппыт. Мин “Арассыыйа күүһэ – норуот сомоҕолоһуутугар” тиэмэни талан, элбэх омуктар түөлбэлээн олорор дойду дьоно бэйэбит култуурабытын, үгэспитин илдьэ сылдьыахтаахпыт диэн өйдөбүлү иҥэрэр соруктааҕым. Кылаас иһинээҕи доҕордоһууттан аттаран, Арассыыйа араас доҕордуу омуктартан турар күүстээх диэн түмүк оҥостоллоругар сирдээбитим.
Финалга биэс кыайыылаах учуутал тахсыахтаах этэ эрээри, икки учуутал бааллара тэҥнэһэн, алтыа буолбуппут. Салгыы муҥутуур кыайыылааҕы быһаарарга “маастар-кылаас” биэрбиппит. Уруокка туттар технологияларбытын, ньымаларбытын Педагогическай институт устудьуоннарыгар көрдөрбүппүт. Сүүрбэ мүнүүтэ иһигэр педагог идэтин баһылаары сылдьар эдэр дьон, учуутал туттар ньыматын сатаан туһанар буола үөрэниэхтээхтэр. Мин олоҥхону үөрэтиигэ бырайыактыыр технологияны туһаныыны билиһиннэрбитим. Олоҥхо туһунан туох да өйдөбүлэ суох устудьуоннар, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо тутулун сааһылаан таһааран көмүскээбиттэрэ.
Куонкурус кэнниттэн санаалар
— Бүтүн Арассыыйа төрөөбүт тылын учууталларын кытта алтыһан баран туох түмүккэ кэллиҥ? Биһиги тылбыт туруга хайдах эбитий?
— Атын тылларга тэҥнээн көрдөххө, биһиги балаһыанньабыт арыый даҕаны үчүгэйдэр ахсааннарыгар киирсэр. Ол гынан баран алын кылаас оҕолоро улааталларыгар билиҥҥи буряттар курдук турукка тиийбэппит туһугар, кэмин куоттарбакка билиҥҥиттэн дьиэ кэргэн, үөрэнээччи, учуутал, уһуйаан бары түмсэн, үлэни уруккубут курдук ыыта сырыттахпытына эрэ тылбытын сүтэриэхпит суоҕа. Оттон оҕолорбут бүгүҥҥү кыра кылаас үөрэнээччилэрин курдук нуучча тылын өрө тутан таҕыстахтарына, балаһыанньабыт чахчы ыарыан сөп эбит.
— Куонкуруска кыттыыҥ тугу туһалаата? Инникитин кыттар учууталларга тугу сүбэлиигин?
— Ханнык баҕарар куонкурус, тэрээһин учууталга олус туһалаах, хайаан даҕаны туох эрэ саҥаны билэр, иҥэринэр. Холобур, куонкуруска атын учууталлар кыттыыларын экранынан тута көрө олордубут. Онон саҥа технология, ньыма даҕаны өттүнэн лаппа сайынныбыт. Уонна бэйэбит уруоктарбытыгар ити ньымалары туһаннахпытына үөрэнээччилэрбит төрөөбүт тылларын өссө сэҥээриэхтэрэ эбитэ дуу… Биһиги тылбыт тыыннаах, тыыннаах тыл салгыы сайдыахтаах диэн толкуйдаах кэллибит.
Биллэн турар, күүстээх бэлэмнэнии ирдэнэр. Биһиэхэ бириэмэ баар курдук этэ эрээри, үлэлиир учуутал син биир ыктарар. Этэргэ дылы, олус улахан эппиэтинэс сүктэриллибититтэн ыллаан да, ытаан даҕаны ылбыппыт. Ол гынан баран, антах тиийэн киһи тута уларыйар, холкутуйар, куонкуруска бырааһынньык курдук сыһыаннаһаллар, бары үөрэ-көтө көрсөллөр. Онон учуутал туохтан да толлубакка хайдах үлэлиирин кэпсиирдии бэлэмнэнэн тиийдэҕинэ бэйэтэ да дуоһуйан, билэн-көрөн кэлиэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: