Кэскиллээҕи кэрэхсээн, саргылааҕы санаан

Share

Бүгүн, атырдьах ыйын 30 күнүгэр, П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыһа, Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Саха сирин норуодунай артыыһа, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Герасим Семенович Васильев 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнэ.

«Саха сирэ» хаһыат 2005 сыл балаҕан ыйын 23 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт интервьюну хатылыыбыт.

«Герасим Васильев 1974 сыллаахха тыйаатыр аанын аһыаҕыттан ыла артыыс сыралаах үлэтин сэргэ режиссердаан туруорбут хас да үлэтин көрөөччү сэҥээрэ көрсүбүтэ. Кини тыйаатыр инники кэскилин туһугар өйүн-санаатын, күүһүн-уоҕун биэрэн туран айар-тутар үтүө үлэһит киһи. Герасим Семенович «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээкилгэ анаан мындырдаан оҥорбут мас тыыта Саха сирин, Арассыыйаны уҥуордаан аан дойду хампа кытылларынан сыыйыллан, тыйаатыры үрдүк үктэлгэ таһаарбытынан саха киһитэ киэн туттар.
Герасим Васильев гримернай хоһугар нарын-намчы быһыылаах мас долбуурдары көрөн, артыыс тарбаҕар талааннаах уус буоларын билинэҕин. Киирээккин кытары көрө түһэр саха киһитин мөссүөнүн толору биэрэр Чайыҥда мэтириэтэ быдан дьыллар мындааларын быыһын арыйан көрөргө ыҥырарга дылы. Саха норуотун бастыҥ дьоно -– Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, П.Ойуунускай сырдык уобарастара артыыһы манна эмиэ арыаллыыллар. Кинилэр көстүбэт күүстэрэ артыыс айымньылаах үлэтигэр улахан суолталаахтарын сэрэйэҕин. Герасим Семенович бириэмэтэ аҕыйаҕынан, бэрт кылгастык, чопчутук кэпсэтиэх курдук этибит да… Кини арыт мөккүөрдээх, арыт ылыннарыылаах кэпсээнэ истэн олорор киһини сэргэхсиппэт, уһугуннарбат буолуон сатаммат. Бэйэтэ ураты көрүүлээх-истиилээх, ыллыктаах санаатын ыһыктыбат ыалдьыты кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһии миэхэ эмиэ саргылаах санааны сахпытыгар, духуобунай баайбын хаҥаппытыгар саарбахтаабаппын.

-Герасим Семенович, «Суоһалдьыйа Толбонноох» испэктээкилгэ Чайыҥда эн аан бастакы оруолуҥ буолар. Онтон орто омурҕан чугаһыгар Дойду оҕото Дорогуунап буолан тыыллан-хабыллан турбутуҥ. Бу оруоллар эйиэхэ да, көрөөччүгэ да ордук чугастар быһыылаах. Эн санааҕар ити оруолларыҥ бэйэ-бэйэлэригэр төһө майгыннаһалларый?
Чайыҥда уонна Дорогуунап оруоллара ханан эрэ маарыннаһаллар, тэҥ хайысхалаахтар. Ойуунускайга Морудьуос кинээс кыыһа Суоһалдьыйа Толбонноох ахтыллар. Чайыҥда олорон ааспыт кэмэ арыый эрдэтээҥҥи, оттон Дорогуунап кэнники, өрөбөлүүссүйэ эрэ иннинээҕи кэм буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын. Киһи быһыытынан майгыларын ылан көрөр буоллахха, Чайыҥдаҥ лаппа баһырхай киһи, былыргы тот баай оҕото чахчы дохсун. Дорогуунабыҥ сиппит-хоппут, балачча сааһырбыт киһи эрээри, олоҕун оҥкула итинник буоллаҕа. Кини -– айылҕа оҕото. Мин кинини ойоҕумсах, арыгыһыт киһи диэн өйдөөбөппүн. Дорогуунабы, хас биирдии артыыс курдук, туох эрэ кистэлэҥнээхтик оонньоотоҕум. Арыгы биһиги хааммытыгар атыннык киирэр ас. Оччоттон баччаҕа диэри төһөлөөх талааннаах, айылҕаттан туох эрэ бэриллибит дьоно ити «аһылыктан» быстах дьылҕаламмыттара буолуой? Ол гынан баран, мин олох эһиннибит диэбэппин. Дорогуунап баккылаах ырбаахынан туран хаалбытын да иһин, бэйэтигэр сэниэ-кыах мунньунан уонна дьылҕа хаан тугу эрэ маанылаан, сап саҕаттан салҕанан этэҥҥэ киһи буолан сылдьар. Дьахтар диэн эмиэ айылҕа. Киһи айылҕа, таптал нөҥүө киниэхэ бэриллибит дьөһөгөйүн оҕотуттан, ол эбэтэр төрдүттэн-ууһуттан араҕыста да, бүтэр. Мин ити оруолбун саха киһитин дьылҕатын көрдөрөр дьоруой курдук санааммын оонньуур этим. Арааһа, мантан инньэ ити испэктээкил оонньоммото да буолуо. Саас ырааттаҕа дии. Кырдьан, баттах үксэ маҥхайан баран тапталы оонньуу сатыы сылдьары сүөргүлүү көрүөхтэрин сөп күннэрэ-дьыллара кэлэн эрдэхтэрэ. Өйүн сүтэриэр диэри дьахтарга иирэн, угуттуу уоскутар тапталга умайбыт киһини оонньуур артыыс арыый атын көстүүлэниэн сөп этэ. Тапталыҥ аҥаардас уйулҕа эрэ хамсааһына буолбатах, өй-санаа, эт-хаан барыта дыыгыныы сылдьар буолуохтааҕа буолуо.
-Христофор Максимов үбүлүөйүгэр аналлаах биэчэргэ байаанынан ыллаабыккын эбэтэр «Эйиэхэ сибэкки биэрээри» туруорууга истиҥ иэйиилээх ырыаҥ испэктээкили олус киэргэппитин өйдүүбүн. Ырыа эн айар үлэҕэр арахсыспат аргыһыҥ?
-Биһиги төрүттэрбитигэр ырыаһыттар, оһуохайдьыттар, олоҥхоһуттар бааллар. Уустар эмиэ үөскээн аастахтара. Ол да буоллар, киһи дьоҕура, талаана барыта биирдэ тахсан кэлбэт. Көлөһүҥҥүн таһаара түһүөххүн наада. Билигин да үчүгэйдик ыллыыбын дэммэппин. Мин хара маҥнайгыттан ырыаһыт буолар баҕалаах этим. Билигин саха дьоно киэн туттар бас куоластаах ырыаһыта Уйбаан Степановы кытары консерваторияҕа бара сылдьыбытым да, кэккэ төрүөттэринэн төттөрү утаарбыттара. Манна мусукаалынай училищеҕа вокалга үөрэнэ сылдьыбытым. Ол эрээри, ыалдьан сыл аҥаара эрэ үөрэммитим. Ырыа, этэргэ дылы, баҕарар баҕам, саныыр санаам. Ырыаны ис хоһооно үчүгэйин эрэ иһин ыллаабаппын. Киһи саҥатын дорҕоонун нөҥүө ылынабын. Айылҕа туох эрэ кыраны биэрбитин сатаан сайыннарбакка, ол ухханыгар ити кыралаан уһанар, кыралаан байаанынан ыллыыр, кыралаан артыыстыыр буоллаҕым. Ырыаһыт буолбутум эбитэ буоллар, арааһа, ырыанан чопчу дьарыктаныам эбитэ буолуо.
-«Эйиэхэ сибэкки биэрээри» испэктээкил дьоруойдарын курдук дьону «сүппүт көлүөнэлэр» диир төһө оруннааҕый?
-Көлүөнэ аайы сүтүк баар. Мин үөрэммит кылааспар алгебра хонтуруолунайын өйдөрүгэр суоттуур уолаттарбыт билигин тыа сиригэр олороллор. Кинилэр хайдахтаах курдук үөрэхтээх дьон буолан тахсыахтарын сөп этэй? Кинилэр тоҕо салгыы сайдыбатылар? Этэр кыах суох. Япония курдук, төрүт култуураларын ыһыктыбат уонна норуоттарын инникитигэр туһалаах буолуох дьону чинчилээн эрдэттэн билэн, хас биирдиилэригэр сөптөөх хайысха туһаныллыбыт буоллун. «Киһи -– бүтүн норуот баайа-дуола» диэн этиини өрө тута сылдьыбыппыт буоллар, былыр үйэҕэ сайдыылаах омуктар кэккэлэригэр киириэ этибит. Биһиги былыр-былыргыттан «улахан ыалы» кытары дьукаах олоро үөрэнэн хаалбыппыт. Кинилэр ороннорун хайа диэки сыҕарыталлар да, ону батыһабыт. Дьиэлэрэ оттулуннаҕына тиритэбит, оттубатахтарына тоҥобут. Бэйэм муннуктанан туспа дьиэлэниэм, оһохтонуом диэтэххинэ, «Ол эн кимҥиний-туоххунуй?» диэн улахан холумтан диэки соһо тураллар дии. Оччотугар туспа судаарыстыба буолан, туспа бэлиитикэни тэриммэккин.
Үөрэх уонна олох олорорго бэлэмнээһин диэн тус-туспалар. Оннооҕор үгэс буолбут култуураларын тутан олорор Японияҕа американизация өтөн киирэр буоллаҕына, биһигини таах курдаттыы ааһар буоллаҕа. Биһиги көлүөнэ сахалар өссө дьоллоох дьоммут. Айылҕабытыттан тэйитиллибэтэхпит. Олоҥхо, ойуун, удаҕан диэн күн бүгүнүгэр диэри хообургуу сырыттахпыт.
«Артыыс буолар киһи классикаҕа оонньуохтаах, ол кини айар дьоҕурун, таһымын көрдөрөр» диэн этии баар. Ити тутуһуллар дуо?
-Сахаҕа үһүйээн диэн олус аҕыйах. Мин саныахпар, артыыс буолуохтаах киһи «Суоһалдьыйа Толбоннооххо», «Лоокуут уонна Ньургуһуҥҥа» эбэтэр «Сыгый Кырынастыырга» биирдэстэригэр эмэ оонньуохтаах. Оччоҕо эрэ киниэхэ сахалыы тыын киириэхтээх диэн толкуйдаахпын. Тоҕо диэтэххэ, атын үһүйээннэр да, литературнай-драматическай айымньылар да биһиэхэ суохтар. Ити кэнниттэн олоҥхо кэлэр. Онтон атыммыт суох. Ол аата биһиги анараа өттүн олох да тыыппаппыт. Бэттэх, бүгүҥҥү күннээхпитигэр эрэ сылдьабыт.
-«Күкүр Ууһу» Саха тыйаатырын көмүс буукубанан суруллар артыыһа Марк Слепцовы кытары оонньообуккуттан тугу ахтыаҥ этэй?
-Ол оонньооһун диэн буолуо дуо, акаарыбар киирэн биэрдэҕим. Күкүр Ууһу мин билигин да оонньуур кыаҕым суох. Эрдэ. Ол гынан баран, Күкүр Уус олорон ааспыт кэмэ эргиллиэҕэ. Билигин бары ыһыллан хааллыбыт, оттон холкуостааһын холбоһуу атын ханнык эрэ көрүҥүнэн киириэҕэ. Онон, баҕар, уонча сылынан бу испэктээкил биһиги олохпутугар уһулуччу суолталаах буолуоҕа. Сороҕуҥ: «Ыһыллар үчүгэй эбит, боҕуу буолбут дьоммутуттан босхолонон байан-тайан олоробун» диэҕэ. Сороҕуҥ туспа баран кыамматын билиниэҕэ. Билигин тыа ыалыгар кырата 3-4 тиэхиньикэ наада. Ити сайдыылаах Норвегия курдук, хас биирдии тыа ыала таһаҕас тиэйэр массыыналааҕа, тыраахтырдааҕа, микрооптуобустааҕа буоллар. Ону былаас кыайан хааччыйбат, дьон бэйэтэ хааччынар кыаҕа эмиэ суох. Дьадаҥы, кыаммат өттө холбоһон биир санаанан олордоҕуна ордук кыайыылаах буолуоҕа. Аны туран, ыалынан олорор буоллаххына, ис кыһалҕа диэн суох буолуохтаах. Ис кыһалҕаҥ төһөнөн аҕыйыыр да, тас кыһалҕаларгын түргэнник быһаараҕын. Элбэх оҕолоох ыалыҥ оҕолорун түмэн биир санаанан сырыттаҕына эрэ, бэйэтин дьаһанан олорор кыахтанар. Судаарыстыба тутула эмиэ оннук.
Билигин олохпут тэтимэ, бириэмэ уларыйара түргэнэ сүрдээх. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ, ахсааны тардыллар суокка суоттууллара. Билигин барытын массыына суоттаан биэрэр. Ол содула хайдах буолуон билбит суох. Японияҕа ЭКСПО аан дойдутааҕы быыстапкаҕа 20-чэ хонук үлэлээбитим кэнниттэн сахалыы толкуйдаан көрөн баран, аһара сайдыы туора тотууга тэҥнээх буолуоҕун сөп эбит дуу дии санаан олоробун. Ыччат хайдах, тоҕо топпутун өйдөөбөт буоллаҕына, иэдээн төрдө буолар. Ити үөһээ ахтыбыт икки оруолум оруобуна бу санаабар эргитэн аҕалар. Чайыҥдаҥ аһара тотон, бардам, кэмсинэрэ-кэлэнэрэ эмиэ биир оччо. Оттон Дорогуунап муҥнаах киниэхэ бэриллибит дьылҕатын быһыытынан биир күн ырбаахылаах эрэ туран хаалар, биир күн ханна эрэ сыһыыга таптаһар, биир күн ыраахтааҕыга иккитэ сылдьар дьанараал чыыннаах киһи ойоҕун кытары таалалыыр.
-Билигин сорохтор «Улуу» диэн тылы сиэри таһынан туттар буоллугут дииллэр. «Улуу киһи» диэни хайдах өйдүүгүнүй?
Пушкины улуу дииллэр да, мин кыбыста-кыбыста ааҕабын. Анаан чинчийэн ааҕа сылдьыбыт кэмнэрдээхпин. Төрүт өйдөөбөппүн. Биһиги Өксөкүлээхпит, Алампабыт, Ойуунускайбыт, Ходуловпыт сахаҕа дэҥҥэ төрүүр чахчы улуу дьон буолалларын мин итэҕэйэбин. Айымньыларыгар оонньоотоххо, ону итэҕэтэллэр даҕаны. Ол эрээри, куруук итэҕэйэр курдук оонньоохтообот буоллаҕыҥ, тоҕо диэтэххэ, кинилэр иһиттэрэ киэҥэ бэрт. Арҕааҥы литератураттан, драматургияттан оонньоо дииллэрэ буоллар, санаам хоппот, саха гиэнин үчүгэйдик билэ, баһылыы иликпин быһыылаах, онон оннук улахан эргимтэҕэ тахсар кыаҕым суох.
-Саха тыйаатырын ааспыт кэмин, билиҥҥитин, кэлэр кэскилин хайдах сылыктыыгын?
-Биһиги өрөспүүбүлүкэбит култуура эйгэтин өттүнэн, урукку сойуус кыракый омуктарын кытары тэҥнээтэххэ, таһыччы үчүгэйдик олорор. Тыйаатырбыт, институппут, колледжпыт -– барыта баар. Сатаан туһамматахпытына, о.э. «туһаныы култуурата» суох буоллаҕына, эмискэ симэлийиэхпитин сөп. Киһиэхэ дьылҕа хаан уонна эргимтэ үс гыммыт биирдиитин биэрэллэр, өссө үс гыммыт биирин киһи бэйэтэ оҥорор. Мин Саха Өрөспүүбүлүкэтэ суох буоллаҕына, Саха тыйаатыра диэн баар буолуо дуо диэн дьаахханабын. Эдэр артыыстар салгыы хайдах дьаһаналлара улахан оруоллаах. Биһиги оонньуохпутун оонньоон, хайҕаныахпытын хайҕанан, сириллиэхпитин сириллэн кэллэхпит. Билиҥҥи тыйаатыр үлэлиир-хамсыыр, үлэлээбэтилэр диэхтэрин сатаммат. Ол эрээри, бүгүн эрэ, ол аата умнулла илигинэ. Баҕар, уон сылынан тугу да гымматылар диэтэхтэринэ соһуйбаппыт буолуо. Тыйаатыр диэн испэктээкил буола турдаҕына эрэ баар. Киинэ дуу, литература дуу айымньытын курдук суруллан үйэлэргэ хаалан хаалбат. Тыйаатыр — ускуустуба туспа көрүҥэ. Тыйаатыр биир үлэһитэ «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай» испэктээкил маҥнай тахсыытын утаа: «Герасим -– моя любовь на 2 часа», -– диир этэ. Кини сөпкө этэр. Ол аата испэктээкил оонньонор эрэ кэмигэр тыыннаах. Ол да буоллар, биһиги, артыыстар, драматургияттан -– ол аата буукубалартан Киһини оҥорон таһаарар аналлаахпыт. Тыйаатыр корифейдарын: Ходуловы, Кычкины, Ефремовы, Борисовы, Колесовы, Саввины, Слепцовы санаан кэлэбин. Кинилэр хас биирдиилэрэ бэйэтэ тыйаатыр курдук оонньуур дьон этилэр. Мин бэйэбин оннук буолуом диэн олох санаммаппын. Кинилэр талааннарын уонна таһымнарын саатар 5-10 бырыһыаныгар тиийбит киһи диэн баҕалаахпын. Кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр чугастара сыттаҕа, ити дьонтон алаас, саха салгына илгийэр курдук. Кинилэри көрөн хаалбыт дьоллоохпут. Оттон билиҥҥи оҕолорбут 20-30 сылынан биһиги туспутунан итинник этэллэрэ биллибэт. Бастакытынан, биһиги аксакалларбыт курдук таһымҥа тиийэ иликпит, иккиһинэн, ыччаппытын оннук кыайан ииппэтибит. Омук сиэркилэтэ буолар тэрилтэҥ дьоно-сэргэтэ хайдах буолан иһиэҕин сылыктыыбын эрэ. Андрей Саввич «Олоҥхо тыйаатыра» дии-дии иннибит диэки тарда сатыыр. Киһи диэн киһи, кини бэйэтэ кыаҕа тиийэринэн үлэлиир, сүктэриллибит дьыалата да элбэх. Ол иһин, хайдах эмэ көмөлөспүт киһи диэн үлүһүйэн туран үлэлэһэ сатыыгын. Олоҥхо тыйаатыра аан дойдуга туспа миэстэлэннэҕинэ, олоҥхону аан дойду култуурунай эйгэтэ билинэн, «аан дойду уһулуччу үчүгэй айымньытыгар» киллэрдэҕинэ, сүҥкэннээхэй ситиһии буолбатах дуо? Аны ити ситиһилиннэҕинэ, ону сайыннарыахха, ылыллыбыт таһымы тута сылдьыахха наада. Онон ыччаттар үлэлэрэ-хамнастара хара баһаам. «Үлэлээтэхпинэ хас солкуобайы төлүөхтэрэй?» эрэ диэн санаалаах киһи тыйаатырга өр иҥнэн үлэлиир кыаҕа суох. Тыйаатыр -– идэ, ыарыы аҥаардаах «куһаҕан» идэ. Үлэттэн дуоһуйууну буолбакка, түмүгү кэмин иннинэ эрдэ көрдүүр киһи үлэтэ үтүө түмүктээх буолбат. Көтүмэх үлэ көдьүүһү аҕалбат.
«Оҥорон таһаарыы култуурата» эбэтэр «туһаныы култуурата» диэн кэпсэтиибитигэр эмиэ төннөн кэллибит. Холобур, билигин биһиги эрэгийиэннээҕи улахан бэстибээлгэ барыахтаахпыт. Чыҥыс Хаан туһунан испэктээкил туруораммыт кини төрөөбүт-үөскээбит сиринэн Монголиянан, Хакасиянан, Туванан, Бурятиянан эргийэммит гостуруоллуохтаахпыт. Онно үппүт-харчыбыт суох. Барарбыт-барбаппыт чопчу биллибэт, күннэри-түүннэри айар үлэҕэ умса түһүөхтээх дьон «ыйанан» баран сылдьабыт. Бу — норуоттар олохторун, эйгэлэрин, кыахтарын көрдөрөр тэрээһин. Манна биһигини көрөн-истэн баран, атын эрэгийиэннэр «бу дьону кытары сибээстэһиэххэ сөп эбит» дии санаан, биһиги диэки иэҕэс гыммыттарын бырабыыталыстыбабыт, салайааччыларбыт иилэ хабан ылаллара буоллар, дьэ, «туһаныы култуурата» диэн өйдөбүлбүт суолтатын сүтэриэ суоҕа эбитэ буолуо.

ххх

-Биһиги хаһыаппыт «Саха ыала» сыһыарыытыгар ыалдьыттыырыҥ быһыытынан, куорат уонна тыа ыалын, хоноһо сыһыаннарын туһунан ааҕааччылар дьүүллэһэр кэпсэтиилэригэр тугу этиэҥ этэй?
-Ыал хоноһону хайдах көрсөрө хаһаайыныттан буолбакка, хаһаайкаттан уонна ыалдьыт майгытыттан тутулуктаах дии саныыбын. Холобур, мин 3 убайдаахпыттан биир эрэ убайым оҕолоро миэхэ сылдьаллар. Оттон атын оҕолор тоҕо эрэ сылдьыбаттар. Ол тоҕотун быһаарар уустук. Төрүт хааннарыттан, иитиллиилэриттэн эбэтэр ылбыт информацияларыттан буолуон сөп. Саха киһитэ «бу киһи бүгүн миэхэ хонно, онон мин сарсын киниэхэ барыахтаахпын» диэн иэс баайсара буолуо дии санаабаппын. Хоноһоҥ да эйиэхэ ханнык эрэ кыһалҕаттан кэлэр буоллаҕа дии. Биһиги урут билбэт ыалбытыгар оҕолору батыһан кэлэр, хонор-сүтэр этибит. Билигин атын. Билиҥҥи оҕо үөрэххэ киирэригэр аһын астаан биэрээччитэ, үөрэххэ киллэрээччитэ, дьыаланы кэпсэтээччитэ бары батыһан кэлэллэр. Инньэ гынан, оҕону бэйэбит буорту гынабыт. Дьиэлээх киһи уонна хоноһо сыһыаннара бэйэ-бэйэлэрин төһө өйдөһөллөрүттэн тутулуктаах. Быйыл кэргэммин кытары Бүлүүгэ диэри массыынанан үөһээ бүлүүлэри, таһыччы үчүгэй дьону кытары айаннаатыбыт. Ол дьонум билигин миэхэ тиийэн кэллэхтэринэ, үөрэ-көтө көрсөрүм биллэр. Ыалдьыт, хоноһо, аймах өйдөһүөхтэрин баҕардахтарына, ханнык баҕарар түгэҥҥэ өйдөһүөхтээхтэр. Онно баҕа эрэ наада.
-Герасим Семенович, киинэҕэ уһуллан эрэриҥ туһунан аҕыйах тылы этиэҥ дуо?
-Франция-Арассыыйа-Англия бырайыактарынан уһуллар киинэҕэ кастиҥҥа кыттан кэллибит. Ол түмүгэ хантараакка илии баттаатахтарына эрэ биллиэҕэ. Барытын кистэлэҥҥэ тутар дьоннор. Киинэ үбэ-харчыта барыта быһаарыллан, Гренландияҕа, Канадаҕа уонна Норвегияҕа натура уһуллар. Онно биһиги Сахабыт тыйаатырыттан 3 буолан сырыттыбыт. Уопсайа кастиҥҥа Арассыыйа 12 эрэгийиэниттэн кыттыахтаахтар. Кастины Лондоҥҥа оҥордулар. Биһиги киинэ курдук ускуустубаҕа улаханнык раскруткаламматах дьоммут. Ол биһиги төттөрү-таары таһылларбыт, барарбыт-кэлэрбит ороскуоттаах дьон буолуохпут. Онон артыыстары чугас эргинтэн ылаллара буолуо диэн сэрэйэбин гынан баран… Биһиги курдук сирэйдээх киһи кылаабынайдыҥы оруолга оонньуохтаах. Улахан бырайыакка саха киһитэ уһуллан да хааллаҕына, саха омугар улахан хоромньуну таһаарыа суоҕа дии саныыбын.

Герасим Васильев кэпсэтиибитин: «Кыараҕас харахтаах сахалыы уол эбит, син сайдыан, тахсыан сөп эбит да, санаабытын барытын «пал» гыннара сылдьар. Онон, арааһа, тахсыбата буолуо…», -– диэбит сурахтаахтара диэн таайтарыылаах матыыбынан түмүктээтэ. Кини ким туһунан итинник эппитин ааҕааччы да өйдөөбүтэ буолуо дии саныыбын.

Герасим Семенович, кэрэхсэбиллээх кэпсээниҥ иһин махтал бастыҥа буоллун. Кэнэҕэһин даҕаны үгүһү айа-тута сырыт, дьол-соргу тосхойдун!

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

4 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

5 часов ago