Салгыы
Кэскиллээх санааны түстүүр Масаха Мэхээс

Кэскиллээх санааны түстүүр Масаха Мэхээс

17.08.2024, 15:00
Елена Потоцкая хаартыската.
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ эмиэ да блогера биллибэт, эмиэ да учуутал буолбатахха дылы, Масаха Мэхээс диэн эдэр киһи социальнай ситимнэргэ бэрт чопчутук олох бары сытыы өрүттэрин ыраас мууска ууран быһааран биэрэрин үгүспүт сөбүлүү истибитэ чахчы.

Бастатан туран, кини аатыгар болҕомтону уурбут киһи үгүс. Мин эмиэ, атыттар курдук, “Мас саха” диэнтэн аат ылыммыт дуу дии санаабытым. Соторутааҕыта Масаха Мэхээс үгүс ыччаты толкуйдатар санаа­ны сайа этэн, социаль­най ситимҥэ тарҕатта: “Махсыым Омуоһап уолаттары кытта сыалай өрөспүүбүлүкэни тэрийэригэр 25 саастаах этэ. Исидор Барахов маҥнайгы салайааччы буоларыгар 24-дэ, Сэмэн Ноҕоруодап алпаабыт оҥороругар эмиэ 24 саастааҕа. Онтон мин ити сааспар хайыы сылдьыбыппыный?” диэн бэйэ­биттэн ыйытабын. Эһиги да эмиэ итинник ыйытар буолуох­тааххыт. “Ол саҕанааҕы таһымынан өрөспүүбүлүкэ тэри­йиэм этэ дуо? Эс, ол кэмҥэ бириэмэтэ атын буоллаҕа дии, Мэхээс…”

Бүгүн хаһыат “Итии чэй” рубрикатыгар ыалдьыттыыр  Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, Р.Г. Ва-
сильев аатынан  кыраа­йы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Масаха Мэхээс.

Хос аат буолбатах

– Дьэ, Михаил Ива­нович, тоҕо Масаха Мэхээс диэн хос ааты ылынныҥ? Толору аатыҥ ким диэний?

– Масаха Мэхээс – хос аат буолбатах, дьиҥнээх аатым. Охлопков диэн араспаанньабын Масаха диэҥҥэ уларыппытым. Охлопковтар араас улуустарга бааллар. Ол эрээри сорохпут биир өбүгэттэн төрүттээх буолуохпутун сөп, ким билиэҕэй? Онон аныгы көлүөнэ дьоно бэйэтин өбүгэтин аатын ылынан бардаҕына, этэҥҥэ буоллаҕына, миигиттэн барар оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр кэнэ­ҕэс аймахтыы буолалларыгар буккуллуохтара суоҕа. Ааппын уларыта иликпин – Михаил Ивановиһынан сылдьабын. Мэхээс диэн суруттарыахтаахпын да, докумуон уларытыыта харгыстардаах. Ол эрээри баҕа баар буоллаҕына, барыта этэҥҥэ табыллар. Билигин икки оҕом Масахалар. Кэргэним эмиэ араспаанньатын уларытаары, докумуонун эккирэтиһэ сылдьар.

Дууһа сыппат буоллаҕына

– Туох үөрэхтээххиний, Масаха Мэхээс?

– Тохсус кылаас кэннэ радио­тиэхиньиичэскэй кэл­лиэс­кэ киирэн үөрэммитим. Ол эрээри бу мин хайысхам буол­батах этэ. Дьаныардаахтык үөрэнэн үөрэхпин өссө кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитим. Ол кэннэ биир да күн радиотиэхиньик идэбинэн үлэлээбэтэҕим. Дууһам олох сыппат этэ. Онтон кэлин “үрдүк үөрэҕи хайаан да бүтэриэхтээхпин” диэн  “бырагыраамаланан”, хас да үөрэххэ киирэн баран, “тахсыбыт” түгэннэрдээхпин. Төрүөтэ – эмиэ дууһам сыппат этэ. Онтон 30 сааспар дьэ сөптөөх идэбэр таба тайанан, Ураллааҕы федеральнай университет “социальнай бэлии­тикэ” салаатыгар эксээмэн туттаран, бүддьүөт миэстэтигэр  киирэн, 1-кы кууруспун этэҥҥэ түмүктээбитим. Аны кыһын 2-с кууруспар үөрэхпин салҕыам. Дьэ, онон бэйэбинэн билбит буолан, билигин оскуо­ла оҕолоругар тиийэн, “бэйэ­ҕитин истиҥ, тугу сөбүлүүргүтүнэн идэҕитин талыҥ” диэн үөрэтэбин. Быһаарына иликтэргэ орто анал үөрэхтэн саҕалыылларыгар сүбэлиибин. Идэ ылан баран, атын үөрэххэ туттарсалларыгар биллэ боччумураллар. Онон быһаарыыныылара да сөптөөх буолара чахчы.

Масаха Мэхээс тус архыыбыттан.

Эспэнээт харайар тэрилтэ буолбатах

– Кыраайы үөрэтэр түмэл үлэтин ис хоһооно аныгы кэмҥэ хайдаҕый?  Туох үлэни ыытаҕыт?

– Үгүс дьон түмэл үлэтин эспэнээт харайар тэрилтэ эрэ курдук өйдүүллэр. Сүрүн сорук – дьоҥҥо төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын кэп­сээн тарҕатыы, дойдумсах буолууга иитии, дойдуга тапталы иҥэрии, өбүгэ быстыспат ситимин ситэрии. Дьэ, ону ситиһэр инниттэн уһуйаантан саҕалаан, аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ булбут эспэнээттэрбитин билиһиннэрэбит, дойдубут устуоруйатын кытта ситим­ниибит. Үлэ араас көрүҥҥэ дэлэй, ону барытын туһанабыт.

Устуоруйаҕа тирэҕирэн

– Ол да иһин Махсыым Омуоһап өрөспүүбүлүкэни тэрийэригэр 25  саастаа­ҕын,  Исидор Барахов салайааччы буоларыгар 24-ҕин,  Сэмэн Ноҕоруодап алпаабытын оҥороругар эмиэ оччо саастааҕын ахтан, социальнай ситимнэргэ кэпсиир буоллаҕыҥ.  Бу үлэҥ биир көрүҥэ дуо?

– Олоҕу көрүүбүн дьоҥҥо тиэрдэрбэр социальнай ситимнэри туһанабын. Санаабын кумааҕыга түһэрэн баран, киэҥ араҥаҕа таһаарабын. Дьиҥэр, ити мин эрэ толкуйум буолбатах. Элбэх киһи санаатын таба этиттэрэн, долгун устунан араас ситимҥэ тарҕатар. Алта нэһилиэктэн улуус дьокутаатабын. Сорох ардыгар үгүс боппуруос быһаарыыта олох кыраттан иҥнэн турар буолар. Дьону кытта кэмигэр сүбэлэстэххэ, үгүс кыһалҕаны быһаарыахха сөп. Онон “маннык санааны этиэххэ наада эбит” диэн толкуй бэйэтэ кэлэр. Ол тиэмэ “буспут” буоллаҕына, түргэнник матырыйаал буолан тахсар. Онтон “сиикэй” буоллаҕына, бэйэтин кэмин кэтэһэр. Ити Махсыым Омуоһап өрөспүүбүлүкэни тэрийиитин туһунан былырыын толкуйдаммыта эрээри, кыайан буһан-хатан тахсыбакка сылдьыбыта. Быйыл бэрт элбэх олоҕу хамсатар тэрээһиннэргэ сылдьыбыт буолан, ити матырыйаалым 5 мүнүүтэ иһигэр суруллан баран, киэҥ араҥаҕа таҕыста.

… Масаха Мэхээс курдук аныгылыы көрүүлээх, толкуйдаах ыччат кэскиллээх санаа­тынан бэйэтин холобурунан үөлээннээхтэрин “уһугуннаран” эттэҕинэ-тыыннаҕына, биллэн турар, сайдыы саҕаҕа түстэнэрэ чуолкай буоллаҕа. Кинилэр кэмнэрэ үүнэн турар буолан, аартыктарын күөх уот сырдата турдун диэн алҕаатахпыт буоллун!

+1
26
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: