Кэтэх дьиэни тутууга — эскроу-счет
Аймахтарбыт бу саас тыа сириттэн көһөн кэлэн, чэпчэтиилээх 8 %-наах ипотека бэс ыйынан бүтэрин истэн, хаһан эрэ атыыласпыт учаастактарыгар дьиэ тутта охсорго быһаарыннылар. Үлэлиир эрдэххэ дьоҕус дьиэ туттан, оҕоҕо-урууга мэһэйдэспэт курдук биэнсийэҕэ тахсан баран олорорго диэн буолла.
Биир тутуу хампаанньатын булан, дуогабар түһэрсэн, баантан кирэдьиит ылан, син бастакы сыаллара-соруктара туолбут курдук буолла. Саха сирин кылгас сайына аастар ааһан иһэр, ол тухары тутуу быт хаамыытынан сыҕарыйар. Аны уот киллэриитигэр диэн 60‑тан тахса тыһ. солк. ууран биэрдилэр, кумах куттарыыта биир оччо сыана. Хайаан да туалет баар буолуохтаах. Син кэмниэ кэнэҕэс уот тардылынна, фундамент кутулунна. Бастакы кыраһа хаары кытта маһа кэллэ, онон кыстык хаары кытта тэҥҥэ тутуллар буолла быһыылаах. Дьоммут дьиэ өтөрүнэн тутуллуо суоҕун көрөн, нэһилиэктэригэр төнүннүлэр. Саатар албыннаабакка тутталлар ханнык диэн баран, өрө тыынан кэбиһээхтииллэр.
Эскроу-счет
От ыйын 22 күнүгэр 186 №-дээх федеральнай сокуон ылыллыбыта, сокуон сүрүн сыала-соруга нэһилиэнньэ харчытын харыстыырга туһаайыллыбыта. Ол аата хайдах? Дьиэ туттарар киһи бааҥҥа эскроу-счет астарар, мунньуммут харчытын эбэтэр ипотеканан ылбыт кирэдьиитин онно угар. Бэдэрээтчити кытта дуогабарга илии баттаһаллар. Ол кэннэ бэдэрээтчит бэйэтин харчытыгар эбэтэр баантан олох кыра бырыһыаннаах кирэдьиит ылан, сакаасчыт дьиэтин тутан биэрэр. Ол кэннэ аактаҕа илии баттанан, дьиэтэ Росреестргэ регистрацияламмытын кэннэ биирдэ ол эскроу-счет арыллар уонна харчы тэрилтэ счетугар түһэр. Ол аата, сакаасчыт хаһан дьиэтэ тутуллан бүтүөр, Росреестргэ регистрациялатыар диэри кини харчыта счекка сытар. Сокуон 2025 сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэҕэ киирэр.
Билигин бэдэрээтчит дьиэ туттарар киһини кытта быһаччы үлэлэһэр. Сакаасчыт харчыта үргүлдьү хампаанньа дуу, ИП дуу счетугар түһэр. Дьиэҕин куһаҕан хаачыстыбалаахтык туппут эбэтэр моҥкуруут барбыт тэрилтэҕэ түбэстэххэ, ону аахсарга, сууттаһарга сүрдээх элбэх бириэмэ, сэниэ баранар. Дьон харчытын ылан баран, тугу да туппакка сүтэн хаалбыт тэрилтэлэр аҕыйаҕа суохтар.
Онон бу саҥа сокуон бэдэрээтчиттэри сааһылыыр, эрэлэ суохтары төрдүттэн сыыйар аналлаах. Уруккуттан дьону кытта чиэһинэйдик, эрэллээхтик үлэлиир тэрилтэлэр хаалыахтара, онон кинилэргэ саҥа киирии улахан уустугу аҕалыа суоҕа. Үчүгэй, чиэһинэй тутааччыга дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн син биир кэлэр. Арай саҥа тэриллибит, аатын ааттата илик тэрилтэ ыарахаттары көрсүөн сөп, ол иһин кинилэр улахан бааннарга аккредитация курдугу ааһыахтаахтар. Оччоҕо эрэ баан кинилэри итэҕэйэн кирэдьиит биэрэр.
Бастакы угуу хайаан да ирдэнэр
Тутуу министиэристибэтигэр эппиттэринэн, ийэ хапытаалын эскроу-счекка туһаныахха сөп. Бэйэҥ ууран биэрэр харчыҥ ситэ тиийбэт буоллаҕына, ийэ хапытаалын бастакы угуу курдук туһаныахха сөп. Тутуллан бүттэҕинэ, дьиэ сыанатыгар киирэн, тутааччы счетугар көһөр, оттон дьиэ тутуллубатах түгэнигэр ийэ хапытаалын харчыта хаһаайыныгар төннөр.
Дьиэ хайаан да бырайыактаах, төһө үп ороскуоттанара барыта ааҕыллыбыт буолуохтаах. Ити бырайыактар бары дойду үрдүнэн тутуу хайысхатыгар эппиэттинэстээх Дом. РФ диэн корпорация кэлим информационнай систиэмэтигэр (ЕИСЖС) киирэн иһэллэр. Бэдэрээтчиттэр дьиэ тутар буоллахтарына, ол систиэмэҕэ бырайыактарын уонна сыаналарын киллэрэллэр. Дьиэ туттарыан баҕарар киһи ол систиэмэҕэ киирэн, ирдэбилин суруйар, оччоҕо кини наадыйыытыгар майгынныыр бырайыактары көрдөрөллөр.
Быраап иккиэннэригэр бэрилиннэ
Дьиэ тутуллан бүтэн, Росреестргэ регистрацияны аастаҕына, биирдэ эскроу-счет аһыллан, бэдэрээтчит харчытын ылар. Сакаасчыт дэбиэринэс биэрбит буоллаҕына, регистрацияны бэдэрээтчит эмиэ оҥорторуон сөп. Бэдэрээтчит регистрациялыыр буоллаҕына, киниэхэ сүрүн докумуона — дуогабарынан үлэ хаачыстыбалаахтык оҥоһулунна, мин ылынным диэн сакаасчыт аактаҕа илии баттааһына баар буолуохтаах.
Тутууну сокуонунан хонтуруоллуур эппиэтинэстээх уорган баар буолуохтаах, ону эрэгийиэн бэйэтэ быһаарар. СӨ Тутууга министиэристибэтэ 214 №-дээх сокуонунан элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэргэ өлүүлэһэн тутууну хонтуруоллуур-кэтиир үлэлээҕин быһыытынан, кэтэх дьиэни эскроу-счетунан тутууну көрөр-истэр үлэ эмиэ кинилэргэ бэриллэр буолуохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: