Киэргэммит кэлээскэлэр парааттыахтара
От ыйын 8 күнүгэр — Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр Дьокуускайга «Кэлээскэлэр парааттара» буолуоҕа.
Бу параакка 6 саастарыгар диэри оҕолоох дьиэ кэргэттэр кытталлар. Оҕолоругар көстүүм кэтэрдэн, кэлээскэлэрин тугу баҕаралларынан, санаалара хоторунан киэргэтэллэр.
Параат Киров уулуссатынан — цииркэ искибиэриттэн Комсомол болуоссатагыра диэри буолар, күнүс 3 чаастан саҕаланар. Кыттыан баҕалаах дьиэ кэргэттэр mailto:metod.service@mail.ru электроннай аадырыска сайаапка ыытыахтаахтар. Сурукка туох баар дааннайдара (ааттара, төлөпүөннэрэ) суруллубут буолуохтаах. Сайаапкалары бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 5 күнүгэр диэри туталлар.
Куонкурус балаһыанньата — манна.
Кыайыылаахтары от ыйын 8 күнүгэр Дьиэ кэргэн бэстибээлигэр наҕараадалыахтара. Сыл аайы ыытыллар буолан, бу куонкуруска төрөппүттэр олус бэркэ бэлэмнэнэллэр, кэлээскэлэри араастаан киэргэтэллэр. Көрүөххэ олус интэриэһинэй буолар.
Маннык номинациялар бааллар:
1. «Дьиэ кэргэн аптаах каретата»;
2. «Остуоруйа кэлээскэтэ»;
3. «Чудо-техника»;
4. «Сахалыы (нууччалыы, эбээннии) киэргэтиилээх кэлээскэ»;
5. «Сайыҥҥы фантазия»;
6. «Спортивнай кэлээскэ»;
7. «История: 100-летие ЯАССР»;
8. «Мир фауны (или флоры)»;
9. «Инники олохтон кэлбит кэлээскэ»;
10. «Креативнай кэлээскэ».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: