Киэҥ куйаар аартыгынан

Share

Ньурбаҕа А.Ф. Алексеев аатынан Чуукаар орто оскуолатыгар «Киэҥ куйаар аартыгынан» диэн бэртээхэй тэрээһин буолла.

Бу РФ үтүөлээх учууталыгар, «Саха-Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда стипендиатыгар, III Бүтүн Сойуустааҕы норуот айымньытын бэстибээлин дипломаныгар, «Олох оҥостуута» оскуола кыраайы үөрэтэр  түмэлин тѳрүттээччитигэр, уруhуй, черчение учууталыгар  Василий Николаевич Николаевка аналлаах бэрт ураты эйгэлээх тэрээһин дьону-сэргэни түмтэ.

Тэрээһин сүрүннээн 6 олугунан ыытылынна, ол курдук:

—        “Киэҥ куйаар аартыгынан” — чинчийэр билим кэмпириэнсийэтэ;

—        Натюрморт  — уруһуй түһүлгэтэ;

—        Алын кылаас уонна уһуйаан оҕолоругар быласталыынынан дьүһүйүү;

—         “Сүрэх тэбэрин тухары” тэттик хоһоону айыы;

—        “Тыа сирэ – уйгу төрдө” дьылабыай оонньуу;

—        “Айыы суолун тутуһан” төрөппүттэрдиин аһаҕас кэпсэтии.

Тэрээһин арыллыытыгар учууталлар Василий Николаев айбыт хоһооннорунан “Киэҥ куйаар аартыгынан” диэн куйаар (космос) эйгэтигэр баар планеталар буолан хоһоонунан дьүһүйүү туруоран дьон сэҥээриитин ыллыллар. Кэлбит ыалдьыттар саалаҕа киирээт, космоска көппүт курдук буоллулар, ол оннук аныгы технология көмөтүнэн киэргэтии ураты эйгэни оҥордо. Хоһоонунан дьүһүйүү кэнниттэн Саха сирин өрөгөйүн ырыатын ыалдьыттар ыллаатылар, “Чуукаар нэһилиэгэ” МТ баһылыга А.Ю.Федоров, оскуола дириэктэрэ И.И.Федорова истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Бу кэнниттэн олуктарынан үлэ саҕаланна.

“Киэҥ куйаар аартыгынан” чинчийэр билим кэмпириэнсийэтигэр 12 үлэни иһиттилэр, сүбэлээтилэр. Бастакы миэстэни оҕолорго Владимир Андреев, улахан дьоҥҥо Эльза Семенова, иккис миэстэни оҕолорго Демид Васильев, улахан дьоҥҥо Ульяна Иванова, үһүс миэсти оҕолорго Даниель Семенов ыллыллар.

“Натюрморт” уруһуй түһүлгэтигэр 31 киһи кытынна. Бу күрэскэ төрөппүттэр кыттан бэйэлэринэн холобур буолбуттара үөрдэр. Күрэс түмүгүнэн оҕолорго бастакы миэстэ Алеся Болурова, улахан дьоҥҥо Василий Попов, иккис миэстэ оҕолорго Дария Данилова, улахан дьоҥҥо Матрена Александрова, үһүс миэстэ оҕолорго Глафира Назарова, улахан дьоҥҥо Елена Кириллина буоллулар. Уруһуй эйгэтэ Чуукаар бөһүөлэгэр өссө киэҥник тарҕанан кэрэ эйгэтигэр элбэх киһи уһуйуллуо диэн бүк эрэллээхпит.

Алын кылаас уонна дьыссаат оҕолоругар быласталыынынан дьүһүйүүгэ уопсайа 22 оҕо кытынна. Оҕо саадын иитиллээччилэригэр бастакы мэстэ Алина Иванова, үөрэнээччилэргэ Милена Иннокентьева, иккис миэстэ Ольга Мартынова, үөрэнээччилэргэ Владислав васильев, үһүс миэстэ Каролина Хороших, үөрэнээччилэргэ Лаура Степанова буоллулар.

“Сүрэх тэбэрин тухары” тэттик хоһоону айыы түһүлгэтигэр олохтоох хоһоонньут Маргарита Егорова хоһоону айыы, ураты иэйии туһунан кэпсээтэ, Василий Николаевичтыын биир кэмҥэ үлэлээбит, алтыспыт, үөрэммит атаһа Иван Андреев кини туһунан үтүө тылларынан ахтыы оҥордо уонна тута хоһоон айан иһитиннэрдэ. Күрэс түмүгүнэн бастакы миэстэни улахан дьоҥҥо Ульяна Иванова, оҕолорго Айыына Иннокентьева, иккис миэстэни Лариса Федорова, оҕолорго Тин Анисимов, үһүс миэстэни Мария Иванова, оҕолорго Анна Яковлева ыллылар. Кылаан кыайыылааҕынан 10 кылаас үөрэнээччитэ Дария Данилова буолла.

Тэрээһиммит инновационнай былаһааккытынан “Тыа сирэ – уйгу төрдө” дьыалабыай оонньуу буолла. Дьыалабыай оонньууга “Чуукаар нэһилиэгэ” МТ баһылыга А.Ю. Федоров бастыҥ бырайыагы өйүөхпүт диэн оҕолорго интириэс үөскэтэн кыһаллан-мүһэллэн үлэлээтилэр. Түөрт хамаанда түөрт араас бырайыагы көмүскээтилэр. Дьылабыай оонньууга көмүскэммит бырайыактар “Сибиинньэни иитии уонна астааһын”, “Сыл устата үлэлиир сылаас теплица”, “Куурусанан эргинии”, сайыҥҥы “Сүөһү лааҕыра”. Бары киирбит бырайыактары көрүү-истии уонна сыаналааһын түмүгүнэн бары бырайыагы тэҥнии тутан улахан бырайыак оҥорон барыта үлэлиирин ситиһэргэ диэн уураах ылылынна. Араас быыһы-арыты булан, үбүлэнэргэ үлэлээһин салҕанар.

“Айыы суолун тутуһан” төрөппүттэрдиин аһаҕас кэпсэтиигэ А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй сэргэлэринэн о.э. Үөһээ Бүлүү, Чурапчы, Өймөкөөн, Таатта улуустарынан уонна “Өбүгэ ыллыгынан” Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарынан айылгы (духуобунай) айаҥҥа сылдьыбыт “Тымтык” саха итэҕэлин, төрүт үгэһин тарҕатааччылар 12 буолан кэлэн кыттыыны ыллыллар. Ол курдук Ньурба оройуонуттан, Бүлүү улууһуттан, Дьокуускай куораттан ыалдьыттаатылар, бэйэлэрин санааларын-оноолорун үллэһиннилэр. Тустаах дьону кытары тэрээһин устата биир-биир үлэлээн санааларын сааһылаатылар, арчыланыы туомун оҥордулар, илбийдилэр. “Айыы суолун тутуһан” иитии-такайыы өттүнэн аһаҕас кэпсэтии түмүгүнэн хас биирдии оҕоҕо сахалыы көмүскэллээх сыһыаны, харыстыыр албастары уонна ийэ тылын оҕо бэйэтэ билэн улааттаҕына кини өбүгэтиттэн харысхаллаах, итэҕэллээх уонна сиэрдээх киһи буола улаатар диэн буолла. Маны сэргэ, кыра-кыра дьиэ ис-тас үлэтиттэн саҕалаан үлэлии үөрэннэхтэринэ олоххо баар араас моһоллору туоруур буолуохтара диэн кэпсэтиини түмүктээтибит.

Нөҥүө күнүгэр, Чуукаар “Бэккээнэ” диэн сиригэр улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ, нэһилиэнньэ уонна төрөппүт кыттыылаах оҕолору төрүт үгэскэ сыһыарар “Муҥха” ыытылынна. Бастаан утаа муҥха түһүөн иннигэр эбэттэн көҥүл ылан алгыс толорулунна, алгыс кэнниттэн бука бары аналлаах үлэлэринэн тарҕаһан үлэлээтилэр. Оскуола кэлэктиибэ уонна аҕам саастаахтар эт миинин буһаран, чэй оргутан дьону күндүлээтилэр. Үлэлии сылдьар дьоҥҥо Чуукаар сэттэ ытык мырааныттан хомуллубут отунан чэй иһэрдэн сылаас киллэрдилэр. Эбэбит барахсан хас биирдии киһиэхэ балыгыттан күндүлээн бэристэ.

Тэрээһин “Кут дабаан” сыл устата үлэлиир экодухуобунай инновационнай бырайыакпыт иһинэн тэриллэн дьон махталын ылла. Үлэбит уопутун бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕатар былааннаахпыт.

Тыа сирин сайдар саҕахтарын арыйар, үөрэтэр-такайар, билии киэҥ аартыгар сирдиир Чуукаар орто оскуолатын үлэһиттэрин үлэтэ-хамнаһа сыаналана турдун. Араас эйгэҕэ дьоҕурдаах оҕолорбут төрөөбүт дойдуларын аатын харахтарын харатын курдук харыстаан сахалыы сиэринэн сайдан иһиэҕиҥ!

Сэргэн Лэкээрин,

Ньурба.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

4 часа ago