Киэҥ Күөлү уоттан хайдах быыһаатылар?

Share

«Якутлесресурс» ГАУ баһаары умуруорууга салайааччыта Иван Сибиряков Абыйга Киэҥ Күөлгэ ойуур баһаарын хайдах умуруорбуттарын туһунан кэпсээтэ.

Иван Сибиряков бөлөҕө Киэҥ Күөлгэ от ыйын 18 күнүгэр тиийбит. Тиийиилэригэр уот нэһилиэк диэки баран эрэр эбит.

«Беларус» тыраахтарынан минерализованнай балаһаны оҥорон барбыппыт. Уопсайа сэттэ км. курдуктаах балаһа оҥоһуллубута. Уоту эргиппиппит. Ол кэнниттэн утары уот ыытыллыбыта. Барыта син былаан хоту баран испитэ. Сарсыныгар тыал хайысхата уларыйан, уот күүһүрэн кэлбитэ. Аны үөһээнэн дэриэбинэ диэки барбыта. Нэһилиэк олохтоохторун кытары уоту умуруорууга үлэлэспитинэн барбыппыт. 

Сарсыарда бэрэбиэркэлээн, кэтээн көрүүгэ, аны, үөһээнэн умайар иккис баһаар булуллубута. Бу кэмҥэ нэһилиэк олохтоохторугар эвакуациялааһын биллэриллибитэ. Бөртөлүөт үстэ көппүтэ. Зырянкаттан Авиалесоохрана, Дьокуускайтан ГПС уо.д.а. көмөҕө кэлбиттэрэ. Минерализованнай балаһаны кэҥэтэн барбыппыт, — диир Иван Сибиряков. Түүн хойукка диэри минерализованнай балаһаны оҥорбуттар. Маныаха ойуур таһыгар дизельнай ыстаансыйа баара улахан кутталы үөскэппит.

Сарсыарда иккис лииньийэттэн утары уот ыытыыта саҕаламмыта. Ол кэмҥэ уоппут ойоҕоспут диэки сыҕарыйан биэрбитэ. Онно бөлөхпүт 12 киһитин уот эргийэн, төгүрүктээн кэбиспитэ. Буруо быыһыгар уоту утары охсуһуу салҕаммыта. Икки көлөнөн кэлбит суолбутун сүтэрэн кэбиспиппит. Мааскабыт харахпытын харыстыыр буолан, онон сирдэтинэммит быыһаммыппыт. Бэһис төгүлүн төхтүрүйүүбүтүттэн суолбутун дьэ булан, бүрүйбүт буруоттан босхоломмуппут, — диэн кэпсиир кини.

Уоту утары охсуһааччылар ити курдук эргийбит буруоттан төлө көтөн тахсан, дэриэбинэ диэки барар уоту тохтоппуттар.

Уот күөдьүйүүтүн, умайан, күүһүрэн кэлиитин суох оҥорор туһуттан ВСУ Ми-8 бөртөлүөтү көрдөөбүт. Уоту умуруоран баран коптер ыытан өссө төгүл бэрэбиэркэлээбиттэр.

-Ойуур баһаара умуруоруллубутун онно көрбүппүт. Уоту умуруоруу кэнниттэн, аны, дохсун ардах саҕаламмыта. Онон айылҕабыт уоту умуруорбуппутун, нэһилиэги быыһаабыппытын итэҕэппитэ«, — диир Иван Сибиряков.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago