“Киһи аан туома” эн остуолуҥ кинигэтинэн буолуоҕа

Share

“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”… Хас биирдии киһи  уорганын  сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах  этиллэллэрин, суруллалларын билэр этибит дуо? Арааһа, үгүспүт: “Суох” диэн соһуйуохпут.

Дьэ, киһи уорганын  сахалыы өйдөбүлүн  чиҥэтэр  “Киһи аан туома” (“Анатомия человека”) диэн бэрт дьикти ааттаах атлас-кинигэ “Айар” национальнай кыһаҕа бэчээттэннэ.

Ааптар Петр Тумусов-Тараҕай Бүөтүр бу бастакы кинигэтэ буолбатах. Ол эбэтэр саҥа таһаарыытын 2007 сыллаахха бэчээттэммит  “Киһи аан туома. Анатомия человека. Human anatomic” диэн үлэтигэр олоҕуран суруйбут. Бу үлэтин сүнньүнэн кини  2017 сыллаахха тылбаас магистранын аатын көмүскээбитэ.

Петр Сысоевич кинигэтин киирии тылыгар:

-“Киһи аан туома” “Айар” национальнай кыһа үлэҕинэн бэчээттэннэ. Уһун сыралаах үлэ түмүктэннэ.  Уопсайынан, олохпут сайдыытын хаамыытыгар төрөөбүт тылбыт үксүн киэҥник туттуллубат буолбута, атарахсыйбыта баар суол. Ол олох бары өрүттэригэр дириҥии турар көстүү. Эмп-том эйгэтигэр ити көстүү олоҕурбута ыраатта. Билигин дьон-сэргэ үксэ бэйэ бодотун (этин-сиинин ) ааттарын омук тылынан ордук үчүгэйдик билэр. Бу таһаарыы эмп-том эйгэтин сахатытыы соругун чэрчитинэн оҥоһулунна. Мин эмп-том эйгэтин тылын-өһүн тылбаастааһынынан анаан дьарыктаммытым балайда өр буолла”, — диэн суруйбута оруннаах.

Кини  бу кинигэтигэр киһи ис уорганын тутула тус сахалыы аата чуо ыйыллан, сахалыы быһаарыллыбыт (нууччалыыттан тылбаастанан).  Атлас-кинигэ өҥнөөх  уруһуйдара хас биирдии уорган сахалыы өйдөбүлүн  толору өйдүүрүгэр  көмөлөһөллөр.  Оттон кинигэ кэннигэр ыйыллыбыт ыйынньык ханнык баҕарар уорган нууччалыытын холкутук уонна түргэнник билэргэ көмө буолар.

Холобур:

Грудинная область – бүдүркэй өрүтэ, наружный край почки – бүөр тас кырыыта, полосьт рта – омурт, яйцеклетка – ыамай уо.д.а.

Сүрэххэ сыһыаннаан:

Фазы сокращения сердца – сүрэх тэбэр майгыта;

Диастола предсердий – сүрэх кытыйаларын нам түгэннэрэ;

Систола предсердий – сүрэх кытыйаларын ыгыы  күүрээннэрэ.

Манна даҕатан эттэххэ, 100-кэ чугаһыыр лиистээх кинигэҕэ уорганнар ааттарыгар нууччалыыттан батыһыннарыы тылбаас суоҕун кэриэтэ, ол оннугар барыта саҥа тыллар, өйдөбүллэр.

Хас биирдии уоргаммыт инниттэн, кэнниттэн, ойоҕоһуттан уруһуйдарын көрдөххүнэ, сахалыы өйдөбүллэрин хаппаххар хатыыгын.

Кинигэ рецензеннэрэ —  мэдиссиинэ билимин дуоктара К.Г.Башарин уонна философия билимин хандьытаата Л.Е.Манчурина.

300 ахсаанынан тахсыбыт “Киһи аан туома” оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга, педагогтарга,  мэдиссиинэ үлэһиттэригэр, учуонайдарга эрэ буолбакка, бэйэтин уорганын сахалыы өйдөбүлүн дириҥник билиэн-көрүөн баҕалаах киһиэхэ наадалаах.

Быһаарыы:

Тумусов Петр Сысоевич-Тараҕай Бүөтүр — РФ уонна СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах невролог, психиатр-нарколог, доруобуйа харыстабылын тэрийээччи, лингвистика магистра, тылбаасчыт.

1985 сыллаахха СГУ мэдиссиинэҕэ факультетын бүтэрэн, эмп-том эйгэтигэр өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. 2017 с. ХИФУ саха тылын салаатыгар магистратураны бүтэрэн, лингвист, тылбаасчыт идэтин баһылаан, чуолаан тиэрмин хайысхатынан дьарыктанар. Уус-уран тылбааска, дьыала истиилигэр эмиэ холонор.

Атлас-кинигэни ааптартан бэйэтиттэн илии баттатан ылыан уонна кинини кытары ирэ-хоро кэпсэтиэн, тугун-ханныгын ыйыталаһыан (баҕар, мөккүһүөн) баҕалаах дьону  ахсынньы 25 күнүгэр “Айар” кыһаҕа Курашов аатынан уулусса 24 нүөмэрдээх дьиэтигэр ыҥыраллар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга биллиилээх психолингвист уонна полиглот Дмитрий Петров ыалдьыттыыр

Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник  үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Иван Егоров – Танаринскайга аналлаах «Дэгиттэр талаан» литературнай кэнсиэр

Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…

3 часа ago
  • Сонуннар

Сарсыҥҥыттан «Дыгын оонньууларын» сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланар

Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тускул: «Саҥа дьыл түүн биллэ тымныйыаҕа…»

Ааһан эрэ ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

НОМОХ БУОЛБУТ ОЛОХ. Бэтиэхэлээх Бэстэрикиэби санаан кэллэххэ…

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аммаҕа “Дьөһөгөй – сир эдэр хаһаайыттара” бырайыак үлэлиир

“Амма Кэскилэ” улуустааҕы оҕо холбоһугун тэрилтэтин нөҥүө О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин педагогтара 2024…

5 часов ago