Киһи өлүүлээх суол саахала…
03.02.2024, 14:00
Хаартыска: Суол управлениеттытан.
Бөлөххө киир:
Суолга саахал тахсыыта уҕараабат.
Ол курдук, Дьокуускайга «ПАЗ-320302-08» оптуобус Окружной уулуссанан баран иһэн, айаннаан иһэр хайысхатын уларытаары «Тойота Премио» массыынаҕа кэтиллибит. Ол түмүгэр дьоҕус тимир көлө суоппара эчэйиини ылан балыыһаҕа киирбит.
Таатта улууһугар Харбалаахтыыр суол 45-с км-гэр 1974 сыллаах төрүөх киһи «Тойота Суксидынан» айаннаан иһэн уруулун кыайан туппакка, күбүөккэ түспүт. Ол түмүгэр, суоппар миэстэтигэр өлбүт.
Ааспыт сууккаҕа үс суоппар аһыы утаҕы иһэн баран, тимир көлөнү ыытан тутуллубуттар.
+1
+1
+1
+1
1
+1
5
+1
+1
4
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: