Киһи эрэлинэн олорор…

Share

Оттуллубатаҕа ырааппыт тымныы дьиэ муостатыгар итирик эр киһи уһуннук сыппыта. Аттыгар кыракый кыысчаана Феня олороро. Аҕатыттан ааттаспыттыы уу-хаар баспыт харахтарынан көрөн олороро көрөргө ынырык этэ. Балаҕан ыйын ортотугар оттулла илик дьиэ, остуолга өрөһөлөммүт кирдээх иһит уонна аччык оҕо.

Сэмэн бу дьиэни уонча сыллааҕыта туттан киирбитэ. Кэргэнэ олохтон соһуччу барыытыгар кыысчаана түөртээх этэ. Кыысчаан аҕатын көрүүтүгэр хаалбыта. Ол эрээри Сэмэн эппиэтинэһи сүгэртэн куттанан, сүтүгүн умнар аатыран күн ахсын арыгылыыр, оҕотугар төрүт даҕаны кыһаммат буолбута. Кырачаан Феня икки сыл устата улахан көрүүтэ-харайыыта суох сылдьаахтаабыта. Аҕатын аймахтара хам-түм өҥөйөн ааһаллара. Кырачаан Феня бастакы кылааска үөрэнэ киирбитэ да, киниэхэ ким да уруок да аахтарбат, бэлэм ас тардан ос­­туолга ыҥырбат этэ. Туох баарынан булан аһаан баран хоско киирэн ийэтэ кыра эрдэҕинэ бэлэхтээбит куукулатынан оонньуура. Кинини кылаас иһигэр арыгыһыт аҕалаах диэн кы­­лааһын кыргыттара сэнииллэрэ. Онон бодоруһар да оҕото суоҕа. Онто суох уустук олоҕун оҕолор хаҕыс сыһыаннара өссө уустугурдара.

– Аҕаа,  мин наһаа аччык­таатым уонна тоҥнум, – диэн саҥа уһуктан эрэр аҕатыттан кыысчаан көрдөспүтэ. Сэмэн бэҕэһээҥҥи испит арыгытын дьаара ситэ ааһа илик быһыылааҕа. Нэһиилэ төбөтүн өндөтөн кыысчаанын диэки мэндээриччи көрөн кэбиспитэ. Бу омос көрдөххө судургу, ол эрээри сибилигин толоро охсуохха уустук этиигэ тугу даҕаны хоруйдаабатаҕа. Кыысчаан синньигэс тарбахтарынан аҕатын баттаҕын имэрийбитэ уонна остуолтан тии­йэн чааскыга уу кутан аҕатыгар ууммута. Сэмэн ууну иһэн киллиргэппитэ уонна эмиэ сыппыта. Хайыыр да кыаҕа суох, тахсан мас мастаан  оһох оттубатаҕына, оҕото манна тоҥон өлүүһүк.

Аҕалаах да буолаҥҥын, ынах ыан үрүҥ ас оҕотугар аһаппат, хоргутан өлөрөр дуу, тоҥорон өлөрөр дуу, – диэбитэ уонна тахсан барбыта.

Оо, олох. Киһи олоҕо атын киһиттэн тутулуктааҕа ыарахан да буолар эбит. Урут кэргэнэ баарына үчүгэй да этэ. Туох барыта үөрэ-көтө оҥоһуллара, судургу да курдук этэ. Кэргэнэ олус соһумардык олохтон барбытыгар киниэхэ абырыах айылаах ким да суоҕа. Бэйэтэ ыалга иитиллибит буолан, оҕо сааһыгар таптал диэни билбэтэҕэ. Ииппит дьоно, бэйэтин тастыҥ аймахтара, мөҕөртөн-­этэртэн  атыны билбэт этилэрэ. Сэмэн соҕотох ийэ соҕотох уола этэ. Ийэтэ эмиэ санаар­ҕаабыта аатыран иһээччи буолан иэдэйбитэ. Онуоха хата ийэтин бииргэ төрөөбүт эдьиийэ иитэ ылбыта эрээри, биир сылаас тылы эппэт тоҥуй дьахтар этэ. Билигин Сэмэн бэйэтэ иһээччи буолан оҕотун дьылҕатын уларытан эрэр.

Оттон хайдах этэй? Оскуо­ланы бүтэрэн баран орто үөрэххэ туттарсан киирбитэ. Ол сылдьан кэргэнин Изаны кытта билсэн ыал буолбуттара. Олоҕун саамай сырдык уонна дьоллоох кэмнэрэ дьэ, саҕаламмыт курдуктара. Кинилэр дьиэ туттан киирбиттэрэ. Ол кэннэ кырачаан кыыстара күн сирин көрбүтэ. Кыыһыгар ийэтин Феня аатын биэрбитэ. Ол сырдык кэм эмискэ барыта суох буолбута. Кини таптал­лааҕа, олоҕун аҥаара Изата олус соһумардык олохтон барбыта. Өйүөх, абырыах буолбут ырааҕынан аймахтара бастакы уон хонукка сыбыытаһан баран тохтообуттара. Арай биирдэ эбит били ииппит эдьиийэ кэлэн өҥөйөн ааһар, кырачаан Феняны аһынан, астаан аһатар. Ол эрээри эмиэ Сэмэн курдук иитиллиэ диэн, дьиэтигэр олох чугаһаппат этэ.

Бу сытан Сэмэн араа­һы эргитэ санаата. Маннык буол­лаҕына, сотору кэминэн кыысчаана эмиэ кини дьылҕатын батан ыал муннугун маныа турдаҕа дуу. Хара күүһүнэн туран нэһиилэ таһырдьа таҕыста. Хайытыллыбыт мас да ордубатах, саһаан таһыгар сытар сүгэтин ылан кыаҕа баарынан мас хайытан баччыгынатан барда. Санаатыгар, бу мас хайыттаҕын ахсын били мунньуллубут кыһалҕата барыта ыһылларга дылы. Бу соторутааҕыта аҕай кини хонтуораҕа сир тойоно буолан этэҥҥэ үлэлиирэ. Ол кэннэ иһэн-­аһаан, куруук үлэтигэр хо­­йутаан кэлэрин иһин хачыгаарга көһөрбүттэрэ. Бэҕэһээ хочуолунайга  уолаттары кытта арыгылаан баран, хата, оскуоланы тоҥорботоҕор баһыыба. Оттон дьиэтигэр кырачаан оҕото, бастакы кылаас үөрэнээччитэ,  тымныы, кирдээх дьиэҕэ, аһа-үөлэ суох хоноохтообут этэ. Бу туран кини оҕотун оҥой-соҥой көрбүт харахтарын санаан ылла. Ааспыкка кылаас салайааччыта Ирина Васильевна кэлэн оҕо уруок ааҕар, олорор усулуобу­йата суоҕун бэлиэтээн барбыта. Кини бу боппуруоһу оскуола мунньаҕар көтөхпүтэ. Онон Сэмэни оскуола дириэктэрэ ыҥыран дьүүллээн, мөҕөн-этэн турар да, тоҕо эрэ ону аахайа санаабатаҕа. Оттон бүгүн кини оҕотун харааста көрдө. Аны маннык сылдьан кыһын дьиэ­тин тоҥорон оҕотун да суорума суоллуох курдук эбит… Эр киһи мас киллэрэн оһоҕун оттон, чаанньыкка чэй оргута уурда. Биэдэрэҕэ буочукаттан уу баһан сылыта уурда. Феня аҕата арыый буолан хамсаан эрэриттэн үөрэн кирдээх иһиттэри остуолга мунньан иһит сууйар тимир тааһы чугаһатта. Кинилэр иккиэн өрүү иһит сууйааччылар. Аҕата биирдэ эбит өйдөөх кэмигэр оҕотун кытта алтыһар көмүс кэмэ бу буолара. Бу иһит сууйан, күөстэрин ууран аһаары оҥос­тон эрдэхтэринэ, таһыттан ыаллыы эмээхсин суоһурҕаммытынан киирдэ:

– Хайа муҥун, түксү, сүөһүгүн аны бэйэҥ көр. Биир ынаххын кыайан ыабат, от биэрбэт эрээри аны иитимэ, – диэн хаһыытаата. Нэдиэлэни быһа арыгылаан быһа сыты­йан баран амарах аҕа буола сылдьаҕын дуо?

Оҕом сыыһа, аны иһиэм суоҕа, – диэн бэрт бүтэҥитик саҥарбыта. Бу бүтэҥи саҥа иһигэр олох уустугун уйуу, салгыы олоххо эрэл кыыма саҕылларга дылыта.

Тамара диэн ыаллыы эмээх­сини кытта кэргэнэ тыын­нааҕар өрүү билсэрэ. Эмээхсин кыыһы өйөөн ас астаан аҕалара, аһынан ыамматах ынахтарын ыыра. Кэлин Сэмэн аһары баран арыгылаабытыгар эмээх­син кыыһырбыта. Кини да тулуйарыттан ааспыт этэ. Төһөлөөх эттэ-тыынна этэй? Иһимэ, оҕоҕун санаа диэбитэй? Суох, барыта халтайга этэ. Феня кирдээх баттахтаах, аччык уруок ааҕа олорор буолара. Аттыгар муостаҕа итирик аҕата сытааччы. Тамара мөҕөн-­этэн тахсан бараары туран сиэбиттэн салапааҥҥа илдьэ кэлбит хобуораһын хостоон кыыс­чааҥҥа ууммута:

– Аҕалаах да буолаҥҥын, ынах ыан үрүҥ ас оҕотугар аһаппат, хоргутан өлөрөр дуу, тоҥорон өлөрөр дуу, – диэбитэ уонна тахсан барбыта.

– Аҕаа, эбээ Тамара сөпкө кыыһырар, хаһан арыгы иһэн бүтэҕин?

– Фенячаан, мин иһиэхпин баҕарбаппын ээ, дьиҥэ…

– Аҕаа, миигин оскуолаҕа уолаттар арыгыһыт аҕалаах дииллэр. Ааспыкка кыргыттар,.. – диэн иһэн бөтө бэрдэрэн кыысчаан кырачаан саннылара титирэстээн ытаан барбыта. Аҕата киһи эрэ буол­лар, оҕото ытыырын көрөн уйадыйбыта. Көтөҕөн ылан тобугар олордон кууһан олорбута. Кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан:

– Оҕом сыыһа, аны иһиэм суоҕа, – диэн бэрт бүтэҥитик саҥарбыта. Бу бүтэҥи саҥа иһигэр олох уустугун уйуу, салгыы олоххо эрэл кыыма саҕылларга дылыта. Оттон оҕо сүрэҕэр эрэл үөскээбитэ. Мантан салгыы барыта үчүгэй буолуо, мин аҕам наһаа үчүгэй, – диэн иһигэр санаабыта…

Ол кэмтэн уонтан тахса сыл ааста. Билигин Сэмэн нэһилиэккэ тутаах үлэһит. Кыысчаан улаатан устудьуон буолан Дьокуускайга үөрэнэр. Саҥа дьылга аҕатыгар тии­йээри оҥостор. Оттон Сэмэн сүөһү-ас тутан, оҕото кэлэригэр кэһии ууран бэлэм­ниирэ. Кини иккистээн ыал буолуон соччо баҕарбат. Дьиҥэр, үлэтигэр хонтуораҕа бэйэтин курдук огдообо дьахтар баар. Кинилэр сыһыаннара истиҥ. Ол эрээри Сэмэн оҕотун кытта олорбут бүөм, чуумпу олоҕун таҥнарар курдук саныыра. Бу туһунан кэпсэтии таҕыстаҕына, куотуна сатыыра.  Оҕотугар туох диэҕэй? Иккистээн ыал буолабын диэтэҕинэ, баҕар, оҕото хомойо саныа дии. Оттон Фенячаан аҕата доҕор­дооҕун хантан билээхтиэй.  Кини устудьуон сэргэх олоҕунан олороро.

Кыһыҥҥы киэһэ Сэмэн үлэтиттэн тахсаары турдаҕына, доҕоро Даша өҥөс гынна:

– Сэмэн, бүгүн биһиэ­хэ кэлээр, оҕолорбун эйигин кэлэр диэн сэрэппитим, – диэн бэрт истиҥник мичилис гынан ылла. Оттон Сэмэн, эр киһи аата, соҕотох кыыһыгар, үрүҥү-хараны номнуо араарар буолбут оҕотугар, билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсии илик. Атын дьонтон истиэ­ҕинээҕэр бэйэбиттэн истибитэ ордуга дуу дии саныы-саныы, Дашатынаан аргыста­һаары, ыскааптан сонун ылан көрүдүөргэ тахсыбыта. Сотору оҕото, баҕар, ыал буолуо, оччотугар соҕотох хаалар саҕа куһаҕан суох. Даша Фенячааны уруккуттан билэр, киэҥ-холку дьахтар. Бу саҥа дьылга оҕобор кэпсиэм диэн эрэллээх санаалаах тахсан истэҕинэ, кэнниттэн Дашата кэлэн тоҥолохтуу тутуһан аргыстаһан саҥата суох хаамсыбыттара. Олох суолугар аргыстаһар киһилээх дьол буоллаҕа…

Олох… Барыта киһи санаатыттан тутулуктаах.

ХААРТЫСКА: HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/610258

What’s your Reaction?
+1
18
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
2
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

5 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

6 часов ago