Бу сиргэ букатын кэлбит суох дииллэр. Туох барыта эргэрэр, эмэҕирэр, кырдьар, өлөр-сүтэр. Киһи төрөөт да, кырдьан барар диэн этэллэрэ төһө оруннааҕый? Кырдьыыны кыайыахха сөп дуо?
Киһи кырдьарыттан куттанар. Сыллар аастахтарын аайы кэрэ көстүү симэлийэр, сирэй мырчыстар, ону тэҥэ, киһи ыарытыйар, кыаммат буолан иһэр. Ким манныкка баҕарыай? Ол иһин былыр-былыргыттан эдэр сааһы уһатыы, кырдьыыны бытаардыы боппуруостара дьону долгуталлар.
Киһи тоҕо кырдьарый? Бу туһунан араас барыллаан этиилэр бааллар. Сорох учуонайдар килиэккэ молекулалара-протеиннара уларыйыыларыттан тутулуктаах дииллэр. Бу молекулалар кэтирээн, сыстыһан хааллахтарына, тириигэ, уорганнарга кырдьыы бэлиэлэрэ биллибитинэн бараллар.
Сорохтор кырдьыы – бу генинэн бэриллэр айылҕа бэйэтэ ииппит “айата” диэн этиигэ сөбүлэһэллэр. Ону кыылларга көрөбүт: холобур, лосось балык искэҕин ыары сүүһүнэн килэмиэтири сүүрүгү утары өксөйөр, онтон ыан баран, тута кэриэтэ кырдьан, өлөн хаалар. Айылҕа тоҕо маннык гынарый? Эппиэтэ судургу – саҥа олоххо миэстэ таһаараары. Ол сиэринэн, кырдьыы, өлүү, төрөөһүн эргийэн кэлэ тураллар.
Учуонайдар нематода диэн чиэрбэҕэ кырдьыы генин булан тураллар. Бу гени уларыппыттарын кэннэ, чиэрбэ хас да төгүл уһуннук олорбут. Онон геронтологтар (кырдьыыны үөрэтэр дьон) киһиэхэ кырдьыы генин көрдүүллэр. Кинилэр этэллэринэн, киһи сааһыран истэҕин аайы, килиэккэлэригэр аһыйыы (окисление) баран, ол тобоҕо, кирэ-хоҕо (шлак)
мунньуллан, араас ыарыылары үөскэтэр, иммунитеты мөлтөтөр, тымыры кыаратар, уо.д.а. Оттон хаан үчүгэйдик хачайдаммакка, килиэккэлэргэ, уорганнарга кислород тиийбэт буолла да, организм ыалдьан, мөлтөөн, кырдьан барар.
Эниэргийэ килиэккэ митохондрияларыгар үөскүүр, оттон олор кислородынан аһыыллар. Кислород “умайар” кэмигэр көҥүл радикаллар үөскүүллэр. Бу “түөкүттэр“ килиэккэлэргэ саба түһэн, белоктары алдьаталлар. Көҥүл радикаллар тас эйгэттэн: табах буруотуттан, массыына гааһыттан, күн радиациятыттан, о.д.а. эмиэ киириэхтэрин сөп. Радикаллары
утары антиоксиданнар охсуһаллар.
Антиоксиданнары: Е битэмиини, бета-каротины, селени, альфа-каротины, Q10 КоЭнзимы, флавоноиды, магнийы эмп курдук кэмиттэн кэмигэр иһэ сырыттахха, кырдьыыны бытаардыахха, доруобуйа туругун тупсарыахха сөп.
Геронтологтар этэллэринэн, метформин, аспирин-кардио, глюкозамин сульфат, никотинамид рибозид, D, К, В12, В6 битэмииннэр, балык сыата, мелатонин, доксициклин диэн антибиотик киһи үйэтин уһаталлар үһү. Ону тэҥэ 2-3 лиитирэ ууну иһэ сылдьыахтааххын. Ыраас уу организмҥа мунньуллубут кири-хоҕу сайҕаан таһаарар. Үчүгэй хаачыстыбалаах, сибиэһэй, натуральнай аһы аһыахтааххын. Антиоксиданнаах оҕуруот аһын, фрукталары, эриэхэлэри сиэхтээххин. Олус туустаах, саахардаах, арыылаах-сыалаах буортулаах астан аккаастанан, сөпкө аһааһын ньымаларын тутустахха, доруобуйаҕын тупсараҕын эрэ.
Хамсаныы. Төһөнөн хамсана-имсэнэ, сүһүөхтэргин имитэ сылдьаҕын да, соччонон хойут кырдьаҕын. Уһун үйэлээх биһиги өбүгэлэрбит кистэлэҥнэрэ ол этэ: тохтоло суох хамсаныы, ыраас, сибиэһэй ас, чөл олох, айылҕалыын алтыһыы, туохха барытыгар кыыһырбакка, ньиэрбинэйдээбэккэ, муударайдык сыһыаннаһыы…
Көхтөөх буолуу. Кырдьыы киһи мэйиитин, ньиэрбэтин эмиэ таарыйар. Киһи умнуган буолар, майгыта уларыйар, эбэтэр букатын да түөһэйэр. Мэйии нейроннарын эрчийбэккэ сырыттахха, эмиэ былчыҥ курдук, мөлтүүр, бокоорор. Онон сааһыран да баран, олоххо интэриэһи сүтэрбэккэ, саҥаны сэргии, үөрэнэ, мэйиигин эрчийэ сылдьыахтааххын. Холобур, омук тылын үөрэтии, массыына ыытарга үөрэнии, атын дойдуларга айан, саҥаттан саҥаны билии, о.д.а. Ол да иһин, омук дойдуларын биэнсийэлээхтэрэ, оҕолорун улаатыннартаан баран, сиэннэрин иитиһэ сатаабакка, бэйэлэрин тустарыгар олороллор, элбэхтик айанныыллар, оннооҕор университекка киирэн үөрэнэллэр.
Эрдэттэн бу маннык дьаһаммыт киһи, олоҕун 20-30 сыл уһатар кыахтаах. Кыраһыабайдык кырдьыы – бу уһун үйэлэнии, күн сириттэн барыахха диэри санааҕа-онооҕо ылларбакка, ыалдьыбакка, чэгиэн, доруобай сылдьыы, бэйэ олоҕуттан астыныы, кыраттан да үөрүү, дуоһуйуу, дьоҥҥо көмөлөһүү, туһалаах буолуу, баай уопуттан үллэстии…
Биллиилээх артыыс Прокопий Иванов социальнай ситиминэн кэлэр сылтан булт билиэтин оҥотторууга уларыйыы буолаары турарын иһитиннэрдэ.…
Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат аэропордун диспиэччэриттэн төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Онно "Иркутскай-Дьокуускай"…
Билиигин-көрүүгүн хаҥат. Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока. Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка,…
Дьокуускай куоракка оптуобустар үлэлэригэр кыралаан хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Бүгүн Залог оройуонунан сылдьар 4-с нүөмэрдээх оптуобус…
Уһун Күөлгэ "Аргыс" сынньалаҥ киинигэр 1 Өспөх нэһилиэгин уран тарбахтаах маастара Варвара Петровна Жиркова айар…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Кылаабынай муниципальнай уйулҕаһыт» бырайыак үлэтин саҕалаата. Анал сөбүлэҥҥэ филиал 20 сыллааҕы үбүлүөйүн…