Салгыы
Киһи уонна айылҕа быстыбат ситимнээхтэр

Киһи уонна айылҕа быстыбат ситимнээхтэр

13.10.2024, 12:00
СӨ ЭКОЛОГИЯҔА, АЙЫЛҔАНЫ ТУҺАНЫЫГА УОННА ОЙУУР ХАҺААЙЫСТЫБАТЫГАР МИНИСТИЭРИСТИБЭ ПРЕСС-СУЛУУСПАТЫН ХААРТЫСКАТА ТУҺАНЫЛЫННА
Бөлөххө киир:

Спартак Иннокентьевич Иванов Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун бүтэриэҕиттэн ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлиир. Спартак Иванов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн баар «Якутлесресурс» тэрилтэҕэ генеральнай дириэктэри бастакы солбуйааччынан үлэлиир.

«Якутлесресурс» тэрилтэ сүрүн соругунан ойууру харыс­тааһын, көмүскээһин буолар, ол эбэтэр ойуур баһаарын умуруорууга үлэлииллэр. Ону тэҥэ, бу тэрилтэ үлэһиттэрэ ойууру харыстыыр үлэни ыыталлар: хаппыт маһы кэрдэллэр, ыраас­тыыллар, уот сиэбит сирдэригэр саҥа маһы олордоллор, чөлүгэр түһэрэр үлэни ыыталлар.

Кэбээйи улууһуттан төрүттээх ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнин уола, ойуур хаһаа­йыстыбатын бочуот­таах үлэһитэ Спартак Инно­кентьевич 28 сыл устата талан ылбыт эйгэтигэр эҥкилэ суох үлэлээн кэллэ. Кини туһунан кэпсээтэххэ, ойуур хаһаа­йыстыбатыгар бэриниилээхтик үлэлиир династия атын бэрэс­тэбиитэллэрин ахтыбатахха сатаммат курдук. Ивановтар Саха сиринээҕи ойуур хаһаа­йыстыбатын устуоруйатыгар биир  бочуоттаах миэстэни ылаллар. Кинилэр уопсай үлэлэрин ыстааһа 80 сыл буолла.

Ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Иннокентий Иванов уонна кини уолаттара

Спартак Иннокентьевич аҕата Иннокентий Иванович Иванов 1942 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр Нидьили нэһилиэгин холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Бу Аҕа дойду Улуу сэриитин ыарахан кэмнэрэ этэ. 1960 сыллаахха Иннокентий Иванович Кэбээйи орто оскуолатын бүтэрээтин, комсомольскай путевканан тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлэтэ ыыппыттара. Икки сыл устата колхуоска, онтон сопхуос­ка үлэлээбитэ. 1963-1966 сс. Сэбиэс­кэй аармыйаҕа сулуус­палаан баран, кэлэн Үөһээ Бүлүү оройуонун сопхуоһугар тырахтарыыс-машиниһынан үлэлээбитэ. Иннокентий Иванович ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэтэ 1968 сылтан Үөһээ Бүлүү лесхоһун учаастактааҕы техник-лесоводун дуоһунаһыттан саҕаламмыта.

1970 сыллаахха Дьокуус­кайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрээт Үөһээ Бүлүүтээҕи ойуур харыстабылыгар уонна көмүскэлигэр инженеринэн анаммытым. 1971 сыл кулун тутартан төрөөбүт Кэбээйи улууһугар көһөн Сангаардааҕы лесхозка ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитинэн анаммыта. 1984 сыл­лаахха Красноярскай куоракка Сибиирдээҕи технологическай институт ойуур хаһаайыс­тыбатын факультетын кэтэхтэн үөрэнэн ойуур хаһаайыстыбатын инженерэ идэни ылбыта. Аҕатын туһунан Спартак Иннокентьевич маннык кэпсиир:

– Аҕам миэхэ өрүү үлэни таптыырга уонна бэриниилээх буолууга холобурунан буолар. Кини ойуур хаһаайыстыбатыгар 36 сыл, ол иһигэр төрөөбүт Сангаарыгар 33 сыл үлэлээбитэ.

Үтүө суобастаах таһаарыылаах үлэтин иһин «РФ судаарыстыбаннай ойуурун харыс­табылыгар өр сыллаах уонна эҥкилэ суох сулууспатын иһин» уонна «Арассыыйа ойуурун баа­йын харыстааһын уонна элбэтии иһин» бэлиэлэринэн, ону тэҥэ Арассыыйа Федерациятын Айылҕа ресурсаларыгар минис­тиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Кини үлэтигэр мэлдьи элбэх ураты тэрээһини ыытара уонна мындыр толкуйдаах буолара. Билигин мин эппиэти­нэстээх дуоһунаска үлэлии сылдьаммын, кини холобурунан сөптөөх быһаарыылары ылары ситиһэбин.

Ойууру харыстааһын эйгэтигэр Иннокентий Иванов атын уолаттара эмиэ үлэлээбиттэрэ: Иван – ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ, Дьулустаан – баһаарынай ыстаансыйа оробуочайа, Владимир – «Якутлесресурс» тэрилтэ Дьокуускайдааҕы филиалыгар суоппар-ойуур баһаарынайа. Ону тэҥэ сиэн быраата Михаил Иванов 12 сыл устата Лүксүгүҥҥэ ойуур хаһаа­йыстыбатыгар үлэлээбитэ, оттон кини уола Айсен Иванов билигин «Якутлесресурс» Кэбээйитээҕи филиалыгар үлэлии сылдьар.

Уотунан сүрэхтэнии

«Якутлесресурс» тэрилтэ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы үлэтин суола төрөөбүт улууһугар баһаары умуруорууттан саҕаламмыта. 1994 сыллаахха устудьуоннуу сылдьан Спартак Иннокентьевич Дьокуускайдааҕы ойуур авиационнай харабылын баазатын Сангаардааҕы отделениетыгар парашютист-баһаарынайдар кэккэлэригэр киирбитэ. Ол кэмҥэ кини Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун ойуур хаһаайыстыбатын салаатыгар иккис кууруска үөрэнэрэ. Оччотооҕуга ойуур баһаарыгар эдэр уол уоту кытары охсуһууга улахан тургутугу ааспыта, күүстээх санаалаах, ыксаллаах быһыыга-майгыга түргэн быһаарыныыны ылынарга, эппиэтинэстээх буоларга.

1996 сыллаахха тиэхиньикуму бүтэрэн баран, Сангаардааҕы лесхозка ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитинэн киирбитэ. Салгыы ойуур хаһаа­йыстыбатын харыстабылын инженеринэн көспүтэ.

2007 сыллаахха Краснояр­скайга Сибиирдээҕи судаарыс­тыбаннай технологическай университеты бүтэрэн «Ойуур хаһаайыстыбатын инженерэ» идэни ылбыта.

– 2008 сыллаахха СибГТУ-ну бүтэрбитим кэннэ солбу­йааччыга диэри үрдэппиттэрэ, ол кэннэ Томпо улууһунааҕы ойуур хаһаайыстыбатын Сангаардааҕы филиалын салайааччытынан анаабыттара. 2012 с. миигин ойуур хаһаайыс­тыбатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччынан, онтон 2022 с. «Якутлесресурс» тэрилтэ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччынан анаабыттара. Ойуур хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбитим 28 сыл буолла.

Инники диэки!

«Якутлесресурс» үлэһиттэрин санныгар киэҥ хабаан­наах үлэ, улахан сорук сүктэриллэр. Ойуур баһаарын сезонугар уоту утары охсуһуу, оттон иллэҥ кэмнэригэр харыстааһын, чөлүгэр түһэрии үлэтэ күүтэр. Итини таһынан, үлэһиттэр «Экология» нацбыра­йыак тэрээһиннэрин толороллор. Генеральнай дириэктэри бастакы солбуйааччы Спартак Иванов тэрилтэ үлэтин туһунан астына кэпсиир.

– Мин тэрилтэбит бары салааларын үлэтинэн киэн туттабын. Биһиги уот сиэбит сирдэрин ыраастыыбыт, чэбдигирдэбит, ыалдьыбыт, хаппыт мастары хомуйан суох оҥоробут. Ыраастааһын үлэтэ ойуур туругун тупсарар. Ону таһынан, тэрилтэбит көҕүлээһининэн уоттан эмсэҕэлээбит ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытабыт. Эбии бэлиэтээн эттэххэ, ойуур баһаарын ыстаансыйаларын ахсаанын элбэтии барар. Кинилэр үлэлэрэ ойуур баһаарын умуруорууга улахан суолталаах, уот туруутун суһаллык суох оҥорууга сабыдыаллаах.

Өссө биир хайысханан маһы олордуу буолар. Билигин сабыылаах уонна аһаҕас силистээх мастары олордуу сайынна уонна сөптөөх интэриэһи тардар.

Толкуй уонна баҕа санаа

«Якутлесресурс» генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Спартак Иванов суһал мунньахтарга кыттыытын, бырабыыталыстыба сорудахтарын толорорун, күннээҕи үлэтин таһынан, тэрилтэ инники сайдыытыгар сыһыан­наах туспа санаалаах, баҕа санаа­лаах.

– Мин Саха сиринээҕи ойуур хаһаайыстыбатын чугас­тааҕы 5-10 сылга киһи уонна айылҕа дьүөрэлэһиитин холобурунан көрөбүн. Ону аныгы технологиялары олоххо киллэриинэн ситиһиэхпит диэн эрэнэбин. Ойууру сөптөөхтүк туһаныы өрөспүүбүлүкэбит ойуурун баайын туругун көдьүүстээхтик хонтуруоллуур кыаҕы биэриэҕэ. Аны экологическай үөрэхтээһин үүнэр көлүөнэҕэ биир дьоһуннаах көстүүнэн буолуо дии саныыбын. Мин санаабар, кинилэр айылҕа баайын сыаналыырга уонна харыстыырга үөрэниэхтэрэ.

Ойуур хаһаайыс­тыбатыгар маһы-оту харыс­тааһыҥҥа уонна элбэтиигэ, ойуур бородууксуйатын таҥас­тааһыҥҥа сыһыаннаах саҥа үлэ миэстэ­лэрэ тахсыахтара диэн ыра са­­наалаахпын. Саха сиринээҕи ойуур хаһаайыс­тыбата үгэс буолбут билиини-көрүүнү, аныгы быраактыканы, айылҕа уонна киһи дьүөрэлэһиитигэр көдьүүһүн  үрдэтээччинэн буоларыгар саарбахтаабаппын.

СӨ ЭКОЛОГИЯҔА, АЙЫЛҔАНЫ ТУҺАНЫЫГА УОННА ОЙУУР ХАҺААЙЫСТЫБАТЫГАР
МИНИСТИЭРИСТИБЭ ПРЕСС-СУЛУУСПАТЫН МАТЫРЫЙААЛА УОННА ХААРТЫСКАТА
ТУҺАНЫЛЫННА.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: