Салгыы
Киһи үлэтигэр бэйэтин кыаҕын бүтүннүү биэриэхтээх дуо?

Киһи үлэтигэр бэйэтин кыаҕын бүтүннүү биэриэхтээх дуо?

26.02.2024, 18:30
Хаартыска: наркология диспансерын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын психотерапевт-бырааһа Алтана Алексеева биһиги төһө сөпкө олорорбут туһунан толкуйдуурга тириэрдэр  олус чопчу уонна иһэ истээх сүбэлэри биэрэр. Кини бүгүн үлэ уонна тус олох икки ардыгар арыты сөптөөхтүк  булар уонна ону тутуһар суолталааҕын туһунан кэпсээтэ.

Алтана, эн соторутааҕыта биэрбит интервьюгар киһи үлэтигэр бэйэтин кыаҕыттан 30-40 % элбэҕи биэриэ суохтаах диэбитиҥ.  Тоҕо?

— Бэйэҥ күүскүн, кыаххын бэйэҕэр уонна дьиэ кэргэҥҥэр биэрэр туһугар. Ити этиллибити тутуһан, тус уонна дьиэ кэргэниҥ олоҕор тугу да сүтэрбэккэ эрэ, өр кэмҥэ туһалаах киһинэн сылдьыаххын сөп. Үлэ хаамыытын сөпкө тэрийдэххэ, судургу балаһыанньаларга улахан күүс-уох ирдэммэт.

Ситиһии диэн тугуй?  Холобур, киһи “бастыҥ” хампаанньаҕа, “үрдүк” дуоһунаска уонна “үгүөрү”  хамнастаах сиргэ үлэлиир эрээри, эт-сиин өттүнэн ыарыһах буолуон сөп. Оччотугар итини ситиһии диэн ааттыахха сөп дуо? Эбэтэр иккис түгэни көрүөххэ – эн бэйэҥ ыра санаа оҥостубут сиргэр үлэлии сылдьаҕын, ол эрээри чугас дьоҥҥун, аймахтаргын кытары олох куһаҕан сыһыаннааххын. Бу  түгэҥҥэ эмиэ  кинини кыайыылаах, ситиһиилээх диэн этэр сатамньыта суох.

Киһи олоҕо төһөнөн араас хайысхалаах да, оччонон онтон дуоһуйууну ылар. Онуоха кини эрчимнээх, былааннарын уонна ыра санаатын толорорго дьулуһар (дофаминнаах).

Киһи  үлэтигэр бэйэтин кыаҕыттан 30-40 % элбэҕи биэриэ суохтааҕын өйдөөтүбүт. Салгыы хайдах буоларый?

— Бэйэҥ кыаҕыҥ 30-40 % — үлэҕэ, 30 % — олох атын эйгэлэригэр  (бииргэ үлэлиир дьоҥҥун, оҕолоргун, дьиэ кэргэҥҥин, доҕотторгун кытары алтыһыыга), өссө 30 %  бэйэҕэр эрэ биэр. Оччоҕо эрэ биһиги көдьүүстээх үлэ-хамнас, олох-дьаһах туһунан этиэхпитин сөп.

— Оччотугар ситиһиилэниэхпитин сөп дуо? Элбэхтик уонна дьаныардаахтык үлэлиир эрэ киһи  ситиһиилэрин курдук этээччилэр. 

— Ситиһии, бастатан туран, бэйэ дьоҕурун  уонна үлэ хаамыытын сөптөөхтүк аттарар эрэ буоллахха кэлэр. “Атыттар утуйар кэмнэригэр үлэлээ”, “Бэйэҕэр бастыҥ версия буол” диэн лозуннар маркетинг хаамыытынан буолаллар уонна өй-санаа, эт-сиин быстыытыгар уонна “умайыытыгар” эрэ тириэрдэллэр.

Кырдьык, ханнык баҕарар дьыалаҕа ситиһиилээх буолар туһугар онно бириэмэҕин аныаххын наада. Манна эрэ “Хаачыстыба ахсааннааҕар суолталаах” диэн этии кырдьыктаах буолар.  Күүскүн-уоххун харыстаатаххына уонна бэйэҕэр хоромньуну аҕалбатаххына эрэ, “уһун дистанцияҕа” таһымнаах идэлээх үлэһит буолаҕын.

Киһи төһө кэм устата сынньаныахтааҕый?

— Хас биирдии киһи бэйэтэ нуормалаах. Ол гынан баран, сынньалаҥ сүрүн көрүҥүнэн утуйуу буолар. Үчүгэйдик утуйар, эти-сиини сөптөөхтүк эрчийэр уонна  сөбүнэн белоктаах,  сыалаах аһылыктаах буоллаххына, эн сатаан сынньанар эбиккин диэн этиэххэ сөп.

— Туһалаах сүбэҕитигэр махтал.

(Психоневрология диспансерын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: