Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьонноох ыалга Сайсары уокуругун управлениета тиһигин быспакка көмөлөһөр. Куорат үрдүнэн хас уокурук аайы араас телеграм-ханаалга кыһалҕаларын быһаарсар бөлөхтөөхтөр.
Сайсары уокуругар 196 дьиэ кэргэн учуокка турар, көмөнү бары толору туһанан олороллор. Ол курдук, психологическай көмө оҥоһуллар, юристар сүбэ-ама биэрэллэр, ону таһынан култуурунай тэрээһиннэргэ сырытыннараллар. Автодорожнай техникум волонтердара чааһынай сектордарга хаар таһыытыгар, уу хачайдааһыныгар үлэлээтилэр.
Бэҕэһээ, ыам ыйын 2 күнүгэр, байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьонноох дьиэ кэргэттэргэ уокурук көмөтүн — бырааһынньыктааҕы аһы-үөлү Сайсары уокурук салайааччытын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, бэрт сэмэй, сайаҕас Саргылана Мироновна Антонова үөрэ-көтө туттартаата. Киһиэхэ кыра да болҕомто наадатын өйдөөн, уокурук үлэһиттэрэ истиҥник сыһыаннаһаллара ийэлэргэ, аҕаларга, кэргэттэригэр эрэли үөскэтэр.
Ньургуйаана СКРЯБИНА
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн, Өлөөн, Мииринэй, Эдьигээн оройуоннарыгар инчэҕэй хаар түһэрэ…
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…