Киһиэхэ саба түһүүгэ уорбаланааччылары туттулар
ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Дьокуускайга эр киһиэхэ икки киһи саба түһэн кырбаабыттар, төлөпүөнүн былдьаабыттар уонна харчытын уорбуттар.
Суһал ирдэбил үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, от ыйын бүтүүтэ түүҥҥү кулуупка эр дьон икки ардыгар кыыһырсыы буолбут. Быһаарса диэн эр киһи икки билбэт дьонун кытта Сэргэлээх хонуутун гараастарыгар барсыбыт. Кыыһырсыы кэмигэр барсыбыт киһини 21 уонна 22 саастаах эр дьон кырбаабыттар, төлөпүөнүн былдьаабыттар. Мобильнай баан нөҥүө бэйэлэригэр 25 тыһ.солк. харчыны ыыппыттар.
Эмсэҕэлээччи мунна тостубут, ону сэргэ элбэх эчэйиини ылан мэдиссиинэ салаатыгар көмө көрдөөбүт. Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 162 ыст. 2 ч. «Ороспуой» диэнинэн холуобунай дьыала тэриллибит.
ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, маннык буруйу оҥоруу иһин 10 сыл хаайыы болдьоҕо көрүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: