Салгыы
Киһиэхэ төрөөбүт сирэ-дойдута…

Киһиэхэ төрөөбүт сирэ-дойдута…

18.02.2024, 15:00
Хаартыска: Кириллиннэр тус архыыптарыттан.
Бөлөххө киир:

Киһиэхэ төрөөбүт сирэ, дойдута, ийэ тыла, култуурата хайдах курдук улахан суолталааҕын дойдутуттан, төрөөбүт алааһыттан ыраах тэлэһийдэҕинэ эрэ өйдүүр диэн элбэх киһи этэр. Сахалыы куттаах эдэр ийэ, блогер Кэрэли Кириллина кинилэр дьиэ кэргэн ити өйдөбүлү бэйэлэринэн билбиттэрин кэпсиир.

Айар эйгэлээх эдэр ыал

Айар эйгэлээх эдэр дьон (оччолорго Валя уонна Коля) 2014 сыллаахха ыал буолбуттара. Кэрэли оскуола кэнниттэн Технология уонна дизайн кэллиэһигэр ювелир идэтигэр үөрэммитэ, салгыы Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтугар менеджмент идэтигэр үрдэтиммитэ. Ыал аҕата Тимир графическай дизайнер үөрэхтээх. Идэлэринэн чааһынай тэрил­тэлэргэ үлэлээн, уопутура түһэн баран салгыы бэйэлэрэ туспа буруо таһаарынарга быһаарыммыттар. Билигин хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктаналлар, онлайн куурустары ыыталлар, хаартысканы кытта ситимнээх араас бырайыактарынан үлэлэһэллэр, аҕыйах хонуктааҕыта бэйэлэрэ устуудьуйа арыннылар.

Ыраах тэлэһийэ сылдьан

Кириллиннэр иллэрээ сыл сэтинньититтэн саамай тымныы ыйдарга сири-дойдуну көрө таарыйа Казахстанынан, Таиланынан, Турциянан, Кыргызстанынан баран, уопсайа, биэс ый курдук сынньанан кэлбиттэр. “Сынньана уонна үлэбитинэн салгыы хайдах, тугунан дьарыктанарбытыгар өйбүтүн-санаабытын сааһыланар, толкуйданар, бэ­­йэбитин иһиллэнэн көрөр, атын сири-дойдуну кытта билсэр соруктаах эрдэттэн былаан­нанан барбыппыт”, – диэн Кэрэли кэпсээнин саҕалыыр.

Сахалыы ааттаныы

Ити кэнниттэн биир үтүө күн сахалыы ааттанар санаа киирбит. “Арааһа, атын дойдуларга сылдьан көрүүбүт түмүгүнэн сахалыы ааттанар толкуйга тиийбит буолуохпутун сөп. Дойдутуттан ыраах тэлэһийэ сылдьар, ахтар киһи төрөөбүт дойдутун букатын атын хараҕынан көрөр эбит. Атын дойду култууратын, олоҕун-дьаһаҕын, аһын-үөлүн билсэн, амсайан баран бэйэбит дойдубут устуоруйатын, култууратын букатын билбэт эбиппит, биһиги эмиэ туспа омук эбиппит ээ диэн кыра-кыра­лаан саҥа өйдөбүл киирэн барбыта. Мин маҥнай тоҕо нууччалыы ааттаахпыный, миэхэ букатын барсыбат эбит ээ дии санаан ылбытым. Кэргэммэр ити туһунан эппиппэр, мин эмиэ ити туһунан толкуйдуу сылдьабын диэбитэ”, – диэн эдэр дьон көрүүлэрэ уларыйбытын туһунан этэр.

Ааты киһи ис туруга уларый­даҕына эрэ уларытар, ааппын уларыттым даҕаны сарсыарда букатын атын кө­рүүлээх киһи уһуктан кэлиэм диэн саныыр сыыһа диэн ыйар.

“Сөптөөх ааты булунарбытыгар балачча уһун кэм барбыта. Төрөппүттэрбит иҥэрбит, отут сылы быһа илдьэ сылдьыбыт ааппытыттан аккаастаныах иннинэ, син биир хас биирдии киһи үгүстүк ыараҥнатан көрөр. Саҥа ааппыт биһиэхэ бэйэбитигэр төһө сөп түбэһэрин, аны ол ааппытын бэйэбит ис-испититтэн ылыныахпыт дуу, суох дуу диэн син уһуннук толкуйдаан көрөр эбит.

Кырдьыгын эттэххэ, Кэрэли диэн ааты мин 16 сааспыттан хос аат курдук илдьэ сылдьабын, эһээм иҥэрбитэ. Бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан, тугум үөнэ буолла, эһээбэр: “Мин улаат­тахпына биллэр киһи буолабын. Онон миэхэ биллэр соҕус аат наада”, – диэн эһээбэр сорудахтаабытым. Эһээм бэрт уһуннук толкуйдаан баран Кэрэли диэн ааты иҥэрбитэ. Ол кэнниттэн Коля Кириллиҥҥа кэргэн тахсыбытым. Дьон Кириллин диэн араспаанньаҕа дьүөрэлии Кэрэли диэн толкуйдаммыт дииллэр, дьиҥэр, 16 сааспыттан хос аат быһыытынан илдьэ кэлбит аатым буолар.

Кэргэним саҥа аатын сыл аҥаарын курдук толкуйдаммыта, туһугар туспа үлэлээх эбит. Ол түмүгэр сөбүлээн бэйэтэ ылыммыта.

Оҕолорбутун төрүөхтэриттэн сахалыы ааттаабыппыт – Айылхан, Сайыына. Айылхан диэни бэйэбит айдыбыт дии санаабыппыт эрээри, дэҥ кэ­­риэтэ көстөн ааһар быһыылаах. Кэргэним “айар, ыллыыр хааннаах” диэн ис хоһоонноох буол­лун диэн икки тылы холбоон таһаарбыта. Оччолорго оҕобут ыллыа диэн хантан билиэхпитий. Билигин кэнним диэки хайыһан көрдөхпүнэ, муусукаҕа сыстаҕас буолуон аҕабыт таайбыт быһыылаах – уолбут ыллыырын сөбүлүүр, аата бэйэтигэр барсар, сөп түбэһэр.

Аны оҕолорбут сахалыы ааттаахтар, хайаан даҕаны ийэ тылларын билиэхтээхтэр диэн төрүөхтэриттэн сыал-сорук туруорунан сахалыы кэпсэтэбит. Ол эрээри, аныгы кэмҥэ эйгэбит үксэ нууччалыы, уу сахалыы саҥарар да киһи аҕыйах, бэйэбит даҕаны сороҕор нууччалыы тылы кыбытан ылабыт. Айылханы дьиэбититтэн чугас оскуолаҕа биэрбиппит – нуучча оскуолата, нуучча кылааһа, кылааһын салайааччыта омугунан нуучча. Уһуйааммытыгар сахалыы бөлөх суох буолан Сайыына эмиэ нууччалыы бөлөххө сылдьар. Оҕолорбут эйгэлэрэ олоччу нууччалыы. Биһигини тургутан көрөллөр быһыылаах диэн сөпсөһөн, сахалыы эйгэни бэ­­йэбит эрэ тэрийэр кыахтаах­пытын өйдөөбүппүт, ол иһин түбүгүрэ сатыыбыт.

Айылхан тоҕо сахалыы саҥарыахтааҕын бэйэтэ өйдүүр. Итини кини ордук араас дойдуларга сылдьан атын омуктары көрөн, кинилэр култуураларын кытта билсэн, аһылыктарын амсайан, тылларын истэн баран мин саха диэн туспа омук эбиппин диэн өйдөөтө. “Биһиги, сахалар, аҕыйахпыт. Оҕолорум сахалыы саҥаралларын туһугар мин сахалыы билиэхтээхпин эбит. Мин сахалыы саҥарбатахпына оҕолорум эмиэ сахалыы саҥарыахтара суоҕа дии”, – диэн этэн бэйэбитин соһутан турар, оҕо олус дьэҥкэтик өйдүүр эбит диэн ыал ийэтэ бэлиэтиир.

Хаартыска: Кириллиннэр тус архыыптарыттан.

Өрөгөй ырыатыттан саҕыллан

Кириллиннэртэн биир сөхпүтүм диэн, эдэр дьон быһыытынан оҕолоругар аныгы ырыалары үөрэ­тиэх эбиттэр да, тоҕо эрэ былыргы сахалыы ырыалара баһы­йар. Ити туһунан ыал ийэтиттэн ыйыталаспыппар, маннык кэпсиир: “Бастатан туран, былыргы ырыалары бэйэбит сөбүлүүбүт. Уонна нууччалыы тыллары кыбытан саҥарарбыт ханна барыай. Сахалыы литэрэтииринэй тыл ырыаҕа, хоһооҥҥо баар диэммит саха тылын үөрэтэ, саха култууратыгар сыһыара таарыйа былыргы ырыалары үөрэтэбит. Айылхан ырыаҕа чугас буолан олус түргэнник ылынар. Ол быыһыгар бу Валерий Ноев, Христофор Максимов ырыалара диэн ааптардарын эмиэ билиһиннэрэбит. Ырыаны ­анаан-минээн көрдөөбөппүт, сылдьан эрэн эмискэ көстөн кэлэр, бэйэбит биһирии истэбит. Кырдьык, тоҕо эрэ үксэ былыргы сахалыы ырыалар эбит”, – диэн быһаарар.

Аны эдэр төрөппүттэр уоллара ыллыырын алҕас билбиттэр. “Мин оҕобут үс сааһыгар биир эрэ ырыаны толору билэрим – Саха сирин Өрөгөй ырыатын. Ол иһин оҕобун утутарбар куруук Өрөгөй ырыатын ыллыырым. Арай, биир үтүө күн, үс сааһыгар массыынанан баран иһэн иһиттэхпинэ, уолбут Өрөгөй ырыатын ыллыыр эбит, соһуйан эрэ хааллым. Сахалыы ырыаны үөрэтиэххэ сөп эбит диэн санаа онно киирбитэ, дьээбэҕэ үөрэтэн көрбүппүт, бэрт түргэнник ылыммыта.

Аҕабыт мусукаан буолан дьиэбитигэр ырыа куруук иһиллэр, тыаһыыр. Уолум биһикки сылдьан эрэн куруук киҥинэйэн ыллыы сылдьабыт. Ол иһин ыллаабат да киһи ырыаһыт буолар эйгэтэ үөскүүр. Билигин кыыспыт кыралаан сыстан эрэр”, – диэн этэр.

“Төрөппүт бэйэтэ өйдүөн наада”

Эдэр төрөппүттэр оҕолорун сахалыы үөрэтэллэригэр туох тиийбэт, туох кыаллыбат дии саныыгын диэн ыйытыыбар Кэрэли маннык хоруйдуур: “Төһө даҕаны оҕолор нууччалыы кэпсэттэллэр, сахалыы уһуйаан оҕоҕо кыра сааһыгар кылаата сүҥкэн улахан. Бэйэм Тааттаттан, аҕабыт Амматтан төрүттээхпит, төрүөхпүтүттэн сахалыы тыллаахпыт. Тус бэйэм, билигин саха тыла күннээҕи олоххо сүтэн, дьон кэпсэппэт буолан эрэр диэн көрөбүн. Күннээҕи олохпут гаджеты кытта ыкса ситимнэннэ, ойуулук, ютуб баһыйар улахан аҥаара нууччалыы. Сахалыы ойуулуктары оҥороллор эрээри, күн бүгүн аҕы­йах. Оҕолор биир-икки ойуулугунан сөп буолбаттар. Ол иһин эдэр ыал кыайар кыахтаах суола биир эрэ – төрөппүттэр бэ­­йэбит кыһаллыыбыт. Ол гынан баран, биһиги билигин “төрөппүттэр, оҕолоргутугар саха тылын үөрэтиҥ, сахалыы кэпсэтиҥ” диэн эттэхпитинэ ылыныахтара суоҕа. Сороҕор, улахан дьон саха тыла биһиэхэ туохха, тоҕо наадатын, туох көмөлөөҕүн, тоҕо билиэхтээхпитин бэйэбит даҕаны өйдөөбөппүт. Кимиэхэ даҕаны өйдөтө сатаан сыҥаланар кыаҕым суох, миигин истэ да барыахтара суоҕа. Ол иһин социальнай ситимҥэ балачча элбэх сурутааччылааҕым быһыытынан, биһиги бэйэбит холобурбутун көрдөрөргө дьулуһабыт – оҕоҕо ийэ тылын сахалыы ырыа, хоһоон нөҥүө үөрэтиэххэ сөп диэн толкуйу иҥэрии, сирдээһин. Баҕар, биир-икки да киһи көрөн өйдөөтөҕүнэ, биһиэхэ улахан ситиһии диэн түмүккэ кэлбиппит”, – диэн Кэрэли кэпсээнин түмүктүүр.

+1
16
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: