СИА хаартыската
Саха киһитэ санаата түһэн, сүрэ тостон, олоххо тардыһыыта сүтэн бардаҕына, алгысчыты ыҥыран сиэри-туому толоруохха сөп.
Бастаан алгысчыт арчылыыр киһитин олоппоско олордор. Аал уотун оттон алгыһын саҕалыыр. Алгыс кэмигэр уҥа илиитигэр үрүҥ сылгы сиэлин ылан уматар уонна арчыланар киһини үстэ эргийэр. Этиҥ түспүт маһын уматан баран арчыланар киһи төбөтүн үрдүнэн (оройунан) үс төгүл эргитэр. Аал уотун айах тутан аһатар.
Алгысчыт дьалбыырын ылан киһи түөрт өттүгэр кириэс охсон ыраастыыр. Алҕаан баран алгысчыт арчыланар киһиэхэ кэлэр:
Эппит тылым /Эккэр-хааҥҥар иҥнин,/
Саҥарбыт саҥам ) Өйгөр-санааҕар иҥнин,/ Үс төгүл домноотоҕум буоллун! — диэн баран уҥа илиитин эрбэҕэр үстэ силлиир уонна киһи оройун баттыыр.
Арчыламмыт киһи үс күн төбөтүн сууммат.
Афанасий Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтиттэн
«Айар» кинигэ кыһата, 2024 с.
Лада дьиэтигэр киэһэ 9 чаас саҕана түгэх хоһугар көмпүүтэргэ үлэлии олорон, эмискэ ойон туран түннүк…
Уһун өттүктээх, халыҥ бууттаах, кылгас бэрбээкэйдээх, модьу-таҕа атахтаах, убаҕас сиэллээх, хомпоҕор кэҥэриилээх, киэҥ таныылаах, уһун…
Сэтинньи 2 күнүгэр СӨ Оһуокай түмсүүтүн ыҥырыытынан ытык дьоммут, Арассыыйаҕа туризмы тэрийиигэ хонноохтоохтук ылсан үлэлии…
Таатта улууһун Харбалаах сэлиэнньэтин олохтоох бибилэтиэкэтин дьиэтигэр аҕам саастаах дьон - урукку хомсомуоллар Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин…
Сунтаар улууһун дьаһалтатын, тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии, култуура о.д.а. управлениелар үлэһиттэрэ салайааччы Анатолий Григорьев тула түмсэн,…
Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй саха сайдыытын түстээбит “Саха интеллигенциятыгар суруга” бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ким өҥөтүнэн тиийэн…