СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Өймөкөөн улууһугар борокуратуура ирдэбилинэн, киһини өлөрүүгэ сууттаммыт буруйдаах өлбүт киһи аймахтарыгар 1,3 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы төлүөҕэ.
Өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бэрэбиэркэ олохтоох киһи сайабылыанньатынан ыытыллыбыт.
Силиэстийэҕэ быһаарыллыбытынан, 2024 сыл сэтинньитигэр Уус Ньара бөһүөлэгэр сайабылыанньалаах бииргэ төрөөбүт убайа өлөрүллүбүт. Буруйдаах киһини суут 9 сылга көҥүлүн быһан, кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа ыытарга уураахтаабыт. Борокуруор ирдэбилинэн суутунан буруйдаахтан уопсайа 1,3 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суумалаах моральнай уонна материальнай хоромньуну толуйтарарга быһаарыы ылылынна. Өймөкөөн улууһун борокуратуурата суут быһаарыытын хонтуруолга ылла.
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Дьокуускайга Российскай Федерация бочуоттаах полярнигын Николай Находкин «Санников сиригэр эспэдииссийэ» диэн…
Өрөспүүбүлүкэ агробырамыысыланнай комплексын 2025 сыллааҕы үлэтин түмүктүүр мунньаҕар бастыҥ муниципальнай оройуоннар бэлиэтэннилэр. Бу туһунан СӨ…
Тымныыттан эчэйии үксэ арыгы иһииттэн тахсар диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһатын - Суһал мэдиссиинэ көмөтүн…
Тэрээһиннэргэ байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кыргыһыы хонуутугар охтубут дьон дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, барыта 28 тыһыынчаттан…
Кэнники кэмҥэ оҕо аахпат буолбутун бары билинэбит. Аахпат оҕо билиитэ-көрүүтэ татым, суруйарыгар да сыыһалардаах буолар.…
Ил Дархан Айсен Николаев “Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа 2025 сыллааҕы үбүн-хаһаайыстыбаннай үлэтин барыллаан түмүктэрин…