Салгыы
Киин Баан бырыһыанын үрдэтиэҕэ

Киин Баан бырыһыанын үрдэтиэҕэ

23.07.2024, 16:21
Хаартыска: Reuter
Бөлөххө киир:

От ыйын 26 күнүгэр Арассыыйа Киин Баанын мунньаҕа буолуохтаах. Онно бырыһыаны өссө үрдэтэр туһунан быһаарыы ылыныахтаахтар. Киин Баан бырыһыанын үрдэппитин кэннэ, атын бааннар уурунууга, кирэдьииккэ бырыһыаннарын эмиэ үрдэтэллэр. Оттон икки улахан баан Киин Баан быһаарыытын күүппэккэ эрэ, бырыһыаннарын үрдэтэн эрэллэр. 

Хаартыска: Reuter

ВТБ уонна МТС Баан от ыйын 23 күнүттэн бырыһыаннарын үрдэтэн эрэллэр диэн РБК суруйар.

ВТБ ортотунан, бырыһыаннаах уурунуу кылаакка 0,5 %, мунньуллар счекка 1% үрдэтэр. Онон бу бааҥҥа муҥутуур үрдүк бырыһыан уурунуу кылаакка 19% буолар. Саҥа килийиэннэргэ 19%, «Прайм» бакыаттаахтарга 19,1% буолуо диэн иһитиннэрэллэр.

МТС Баан 1,8%-нан үрдэтэн, уурунуу кылаакка бырыһыана 18% буолар.

Оттон Дом.РФ баан кэлэр нэдиэлэҕэ, Киин Баан мунньаҕын кэнниттэн үрдэтэргэ былааннанар.

Киин Баан ыстаапкатын бүтэһигин былырыын ахсынньыга 16% диэри үрдэппитэ. Киин Баан бэрэссэдээтэлэ Эльвира Набиуллина  этэринэн, кинилэр инфляция намтыырын туһугар бырыһыаннарын үрдэтэллэр. Бэс ыйыгар инфляция үрдүк этэ — 8,6%, онон Киин Баан бырыһыана эмиэ биллэ үрдүүрэ күүтүллэр. Сыл бүтэһигэр 20% тиийиэн сөп диэн сорох эспиэрдэр этэллэр.

Билигин Арассыыйаҕа бааҥҥа уурунуу кылаатыгар бырыһыан хаһааҥҥытааҕар да муҥутуур үрдээн турар. Бааннар бэйэ-бэйэлэрин кытта уурунуу харчылаах килийиэннэрин туһугар күрэстэһэллэр, харчылаах дьону былдьаһаллар, бэйэлэригэр тарда сатыыллар. Онон харчылаах дьон үрдүк бырыһыаҥҥа үптэрин үлүннэрэр кыахтаахтар.
Бу көстүү биир куһаҕана диэн, кирэдьиит бырыһыана эмиэ үрдүүрэ буолар. Кыра дохуоттаах дьон кыайан кирэдьиит, ипэтиэкэ ылар кыахтара суох буолар. Дьиэ атыытын ырыынагар бу күүскэ дьайыан сөп. 
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: