Хаартыска: Reuter
ВТБ уонна МТС Баан от ыйын 23 күнүттэн бырыһыаннарын үрдэтэн эрэллэр диэн РБК суруйар.
ВТБ ортотунан, бырыһыаннаах уурунуу кылаакка 0,5 %, мунньуллар счекка 1% үрдэтэр. Онон бу бааҥҥа муҥутуур үрдүк бырыһыан уурунуу кылаакка 19% буолар. Саҥа килийиэннэргэ 19%, «Прайм» бакыаттаахтарга 19,1% буолуо диэн иһитиннэрэллэр.
МТС Баан 1,8%-нан үрдэтэн, уурунуу кылаакка бырыһыана 18% буолар.
Оттон Дом.РФ баан кэлэр нэдиэлэҕэ, Киин Баан мунньаҕын кэнниттэн үрдэтэргэ былааннанар.
Киин Баан ыстаапкатын бүтэһигин былырыын ахсынньыга 16% диэри үрдэппитэ. Киин Баан бэрэссэдээтэлэ Эльвира Набиуллина этэринэн, кинилэр инфляция намтыырын туһугар бырыһыаннарын үрдэтэллэр. Бэс ыйыгар инфляция үрдүк этэ — 8,6%, онон Киин Баан бырыһыана эмиэ биллэ үрдүүрэ күүтүллэр. Сыл бүтэһигэр 20% тиийиэн сөп диэн сорох эспиэрдэр этэллэр.
Бу көстүү биир куһаҕана диэн, кирэдьиит бырыһыана эмиэ үрдүүрэ буолар. Кыра дохуоттаах дьон кыайан кирэдьиит, ипэтиэкэ ылар кыахтара суох буолар. Дьиэ атыытын ырыынагар бу күүскэ дьайыан сөп.
Сэтинньи 4 күнүгэр Арассыыйаҕа Сомоҕолоһуу күнэ бэлиэтэнэр. Сорох дьон этэринэн, 2005 сыллаахха тэриллибит бырааһынньык күн…
Саха сирин синоптиктарын билгэлэринэн бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр, Саха сирин үгүс оройуоннарынан тибии, хаар түһэр.…
Сэтинньи саҕаланна да, Өктөөп идеяларын өрө тутан кэлбит оҕо, эдэр сааспыт күргүөмнээх күннэрэ хайдах да…
Үөрэх этэринэн, киһи орто сааһа 120 сыл диэн да, дьиҥэ, олохпут итинтэн быдан ырааҕынан кылгас. Быраастар,…
Сыл ахсын сэтинньи саҥатыгар Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр "Ускуустуба түүнэ" диэн аахсыйа ыытыллар. Тэрээһин Норуоттар сомоҕолоһууларын…
Мүөттээх бальзам 500 г. грецкэй эриэхэни, 300 г. мүөтү, 100 г. алоэ сүмэһинин, 4 лимону…