Киин Баан сүрүн ыстаапканы 21%-ҥа диэри үрдэттэ
26.10.2024, 20:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Дойду Киин Баана сүрүн ыстаапканы 21% диэри үрдэттэ. Бу туох кутталлааҕый?
Киин Баан алтынньы 25 күнүттэн сүрүн ыстаапканы сылга үһүс төгүлүн — 19%-тан муҥутуур 21%-ҥа диэри үрдэттэ. Бу 22 сыл устата муҥутуур көрдөрүү. Киин Баан быһаарыыны кытаанахтык эмискэ ылынна, оччотугар үп ырыынагар эспиэрдэр үксүлэрэ ыстаапка 20 %-ҥа диэри үрдүүрүн сабаҕалаабыттара.
Мантан инньэ экэнэмиистэр баан уонна кирэдьиит ыстаапкалара салгыы үрдүүрүн күүтэллэр. Кинилэр сыаналыылларынан, бу сыл бүтүөр диэри уурунуу ыстаапката 23-24 %-ҥа диэри тиийиэ, отон кирэдьиит ыстаапката — 21-33%, ипотека ыстаапката — 22-29%, диэн gazeta.ru суруйар.
+1
+1
11
+1
+1
1
+1
14
+1
1
+1
4
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: