Киин Баан сүрүн ыстаапкатын үрдэттэ
От ыйын 26 күнүгэр Арассыыйа Баана сүрүн ыстаапкатын 16%-тан 18%-ҥа диэри үрдэттэ. Бу иннинэ 2023 сыл ахсынньытыттан үрдэтэ илик этэ. Ону тэҥэ, хаһан да ыстаапкатын 2 бырыһыанынан тута үрдэппэтэҕэ. Киин Баан өссө да үрдэтэр былааннаах диэн ТАСС суруйар.
«Инфляция түргэтээтэ, Киин Баан муус ыйынааҕы билгэлээһинин аһара барда. Инфляция намтыырын туһугар, харчы-кирэдьиит бэлиитикэтин өссө кытаатыннарыахха наада. Онон Киин Баан Дириэктэрдэрин сэбиэтэ инники мунньахтарга сүрүн ыстаапканы өссө үрдэтэри көрүөн сөп», — диэн Киин Баан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Биллэрин курдук, Киин Баан сүрүн ыстаапката үрдээтэҕинэ, атын бааннар уурунуу кылаакка уонна кирэдьииккэ бырыһыаннарын үрдэтэллэр. Киин Баан мунньаҕа буоларын кэтэспэккэ да эрэ, соторутааҕыта сорох бааннар бырыһыаннарын үрдэтэ охсубуттара. Ити курдук кинилэр килийиэннэрин былдьаһаллар.
Билиҥҥи кэмҥэ бааннарга уурунуу кылаакка саамай үрдүк 17-18% үлэлиир, онон харчылаах дьон бааҥҥа уурдаран, улахан барыһы ылыахтарын сөп.
Оттон кирэдьиит, ипотека бырыһыана үрдүүрэ (судаарыстыбаннай бырагыраамалартан ураты) хамсаабат баай ырыынагар уонна кыра дохуоттаах дьоҥҥо куһаҕаннык дьайара биллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: