Ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ улуустарын Оройуоннааҕы киин балыыһаларыгар “Суһал көмө” 12 массыынатын күлүүһүн туттардылар.
“Б” кылаастаах массыыналар суһал көмөнү оҥорор тэриллэринэн сэбилэммиттэр уонна хотугу сир усулуобуйатыгар үлэлииргэ табыгастаахтар.
Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ иһитиннэрбитин курдук, 2025 сылга диэри Саха сирин балыыһаларыгар модернизация чэрчитинэн уопсайа 250-ча массыына бэриллиэхтээх.
Онтон бу бэриллибит массыыналар Үөһээ Халыма, Ленскэй, Муома, Өймөкөөн, Таатта, Уус Алдан, Усуйаана, Хаҥалас улуустарыгар уонна Айхал куоракка айанныахтара. Ону сэргэ, биир массыына сыл аайы 150-тан тахса тыһыынча ыҥырыыны хааччыйар Дьокуускай куорат Суһал мэдиссиинискэй көмө ыстаансыйатыгар бэрилиннэ.
“Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кэллиэгийэтигэр салаа дьоһун суолталаах боппуруостарын дьүүллэстибит. Кэллиэгийэ иккис чааһа “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн балыыһалар материальнай-тиэхиньиичэскэй базаларын тупсарыы боппуруоһугар ананна. Кэнники икки сылга биһиги балыыһаларбыт массыыналарын паарката тиһигин быспакка толорулунна. Икки сылга 107 анал массыынаны ылбыппыт”, — диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.
Ол иһигэр, Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһата саҥа массыыналанна.
«Национальнай бырайыак чэрчитинэн мэдиссиинискэй тиэхиньикэ эмиэ саҥардыллара кэрэхсэбиллээх. Былырыын биһиги көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплексы туппуппут. Ол көмөтүнэн улуус икки тыһыынча курдук олохтооҕун доруобуйатын көрдүбүт. Биһиги эмчиттэрбит ыраах уонна мөлтөх суоллаах-иистээх сэлиэнньэлэргэ тиийэн үлэлээбиттэрэ. Онтон быйыл массыынабыт паарката икки массыыынанан эбилиннэ, ол эбэтэр Кэптэни уонна Уһун Күөл амбулаториялара массыыналаннылар. Биллэн турар, “Суһал көмө” саҥа массыыната улуус доруобуйатын харыстабылыгар олус туһалаах буолуоҕа, биһиги биир дойдулаахтарбыт доруобуйаларын туһугар үлэлиэхпит. Онон, Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр өйөбүллэрин иһин махтанабыт”, — диэн Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анна Саввична Петрова үөрүүтүн үллэһиннэ.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038