Салгыы
«Киин куоракка 100 миэтэрэ ахсын светофор»

«Киин куоракка 100 миэтэрэ ахсын светофор»

Ааптар:
10.12.2024, 10:15
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Бу өрөбүллэргэ урбаанньыт Евгений Кривошапкин Арассыыйа рекордун кинигэтигэр сайаапка биэрдэ. Кини санаатынан, Дьокуускай куорат Арассыыйа үрдүнэн саамай элбэх светофордаах.

«Арассыыйа рекордун кинигэтигэр сайаапка биэрдим. Мантан туох тахсарын көрүөхпүт. Дьокуускайга аныгы кэмээйинэн олорор нэһилиэнньэтэ уонна тырааныспара элбэҕэ суох. Бары кэриэтэ бэйэ-бэйэлэрин билэллэр. Киин куорат элбэх светофордаммыт кыһалҕата турбута ыраатта. Биир уулуссаҕа 100, 150, 200, 300, 400 … миэтэрэ ахсын тэйиччи светофор турар», — диэн Евгений Кривошапкин ТГ-ханаалыгар суруйар.

«Бүтүн Арассыыйаны кэрийбитим, Саха сирин территориятын 90 %-гар сырыттым, аан дойду үрдүнэн эмиэ сылдьыбытым да Дьокуускайга курдук элбэх светофоры көрбөтөҕүм. Ленин проспегынан эбэтэр Дзержинскай уулуссанан айанныырга 4 светофор, кэннигэр 5-6 хаалар. Хас биирдии 100-200 миэтэрэ ахсын светофор турар. Адьас ааһа баран айан сырыыга мэһэйи үөскэтэр, харыылары таһаарар круговой суолларга кытары бааллар. Сатыы дьоҥҥо табыгастаах буоларыгар суол үрдүнэн туоруур переходтары тэрийиэххэ наада. Ньыма арааһа элбэх. Атын куораттар уопуттарын үөрэтэн туһаныахха наада. Дьокуускай куорат олус кыра, сатыы барытын да кэрийиэхэ сөп. Арай массыынанан айаннаатахха хас сүүс миэтэрэ ахсын турабыт, суолга харыы тахсар. Сотору кэминэн Дьокуускайга эмиэ улахан харыылар тахсыахтара, тоҕо диэтэххэ үгүстэр чугас нэһилиэктэртэн бырааһынньык иннинэ кэлиэхтэрэ. Харыы бөҕөтө саҕаланыа.

Үгүс түгэннэргэ светофордар наадалар, ол эрээри анал кунуопканы туруоруохха сөп. Дьон-сэргэ сырыыта биһиэхэ аҕыйах, светофордар суолтата суох үлэлииллэр. Оттон анал кунуопканы баттаат, суолу куттаммакка туоруохха сөп. Светофордар үөрэх тэрилтэлэрин, поликлиникаларын иннилэригэр наадалар. Оттон биһиэхэ «билсиинэн» атыы-эргиэн кииннэрин, маҕаһыыннарын иннигэр туруоралллар диэн үгүстүк иһиллэр.

Евгений Кривошапкин көҕүлээһин сүрүн сыала, биллэн турар, Арассыыйа рекордун кинигэтигэр киллэрии буолбатах, куорат олохторугар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии диэн быһаарда.

Санаттахха, светофордары туруоруунан Госавтоинспекция дьарыктанар. Оттон ситэриилээх былаас уорганнарын исписэлиистэрэ светофордар турар сирдэрин схематын оҥороллор.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: