Салгыы
Киин куоракка 52 саастаах бэлисипиэттээх эр киһини түҥнэри көттүлэр

Киин куоракка 52 саастаах бэлисипиэттээх эр киһини түҥнэри көттүлэр

Ааптар:
31.07.2024, 18:30
Хаартыска: Саха сиринээҕи Госавтоинспекция пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга сарсыарда от ыйын 30 күнүгэр биллибэт суоппар 52 саастаах бэлисипиэттээх эр киһини түҥнэри көппүт уонна быһылаан тахсыбыт сириттэн куоппут.

Бу туһунан киин куорат Госавтоинспекциятын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Суол быһылаана сарсыарда 09:40 чааска 121 №- дээх дьиэтин таһыгар Лермонтов уулуссатыгар тахсыбыт. Суоппар дьиэ территориятыттан тахсан иһэн бэлисипиэдинэн айаннаан иһэр эр киһини түҥнэри көппүт. Билиҥҥи туругунан бу чахчынан бэрэбиэркэ ыытыллар.

Саха сиринээҕи Госавтоинспекция пресс-сулууспата буруйдаах саахал миэстэтиттэн куотуутун иһин сыл устата эбэтэр балтараа сылга диэри болдьохтоох тырааныспары ыытар бырааба быһылларын эбэтэр 15 сууккаҕа диэри болдьохтоох хаайылларын туһунан санатта.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: