Киин куоракка бырааһынньыктааҕы миитин буолла
Бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр, дойдуга барытыгар Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бэлиэтэнэр.
Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар ыытыллыбыт бырааһынньыктааҕы миитиҥҥэ норуоттар общиналарын бэрэстэбиитэллэрэ, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, куорат салалтата уонна киин куорат ыччата кытыннылар.
Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 130-тан тахса омук бэрэстэбиитэллэрэ иллээхтик-эйэлээхтик олороллор, бэйэлэрин култуураларын уонна үгэстэрин харыстаан илдьэ сылдьаллар, атын норуоттар бэрэстэбиитэллэрин кытары чугастык алтыһаллар.
«Бу бырааһынньык биһиги дойдубутугар патриотизм, сомоҕолоһуу күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр. Сомоҕолоһуу биһиги күүспүтүнэн буоларын мэлдьи өйдүөхтээхпит. Саха сирэ 130-тан тахса норуот, итэҕэл конфессиялара уонна бары норуоттар иллээхтик, доҕордуу сыһыаннаах олороллорунан уһулуччулаах холобурунан буолар. Биһиги -– улуу Арассыыйа сорҕотобут. Дойдубут саамай элбэх омуктаах, күүстээх уонна эйэлээх. Биһиги бэйэ-бэйэбитин убаастаан, доҕордоһон уонна бэйэ-бэйэбитин таптаан, улахан ситиһиилэрдээхпит. Ити билигин, чуолаан дойдубут төһө тирэхтээҕэ, кытаанаҕа бэрэбиэркэлэнэр кэмигэр, ордук суолталаах», -– диэн Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков бэлиэтээн эттэ.
Миитин түмүктэнэригэр ыччат флешмоб оҥорон, сүрэх быһыытын көрдөрдө. Бу күн өссө куорат уулуссаларыгар массыынанан сүүрүү тэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: