Салгыы
Киин куоракка чыыр балыгы хатырыктаан атыылыыллар

Киин куоракка чыыр балыгы хатырыктаан атыылыыллар

16.12.2024, 17:00
ааптар
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга “Сайсары” бааһынай ырыынагар Саҥа дьыл чугаһаан, тоҥ аһы-үөлү атыылаһыы элбээтэ.

Сыана кыралаан ыараан иһэр курдук. Холобур, хатырыктаммыт чыыры киилэтин 1700 солкуобайга атыылаһыахха сөп. Дьиҥэ, балыгы хатырыктыыр оннук уустук буолбатах. Уонна хатырыктаммыт түргэнник салгылыыр буолуохтаах.   Маннык балыгы үксүн кэрэ аҥаардар атыылаһаллара чахчы.

Пиэрмэттэн быһаччы кэлбит, дьиҥнээх, сибиэһэй, тоҥ үүтү киилэтин 150 солкуобайга атыылаан эрэллэр. Ынахтаах ыаллар  кытаатыҥ, үүттэ тоҥорон атыылааҥ.

Хоту дойду хааһа – 1500 солкуобай. Оттон тапталлаах куобахпыт (сүлүллүбэтэх) – 2500 солкуобай.  Онон тыһыынчанан мөскөҥнөһүү  диэтэҕиҥ.

Таарыйа аҕыннахха, куоракка Чернышевскай уулусса 66 нүөмэрдээх баазатыгар сорох атыыһыттар сыананы бүгүҥҥүттэн үрдэтиэхпит дэһэ тураллара.  Ыараабытын-ыараабатаҕын онно атыыластаххытына билиэххит.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: