Дьокуускайга “Сайсары” бааһынай ырыынагар Саҥа дьыл чугаһаан, тоҥ аһы-үөлү атыылаһыы элбээтэ.
Сыана кыралаан ыараан иһэр курдук. Холобур, хатырыктаммыт чыыры киилэтин 1700 солкуобайга атыылаһыахха сөп. Дьиҥэ, балыгы хатырыктыыр оннук уустук буолбатах. Уонна хатырыктаммыт түргэнник салгылыыр буолуохтаах. Маннык балыгы үксүн кэрэ аҥаардар атыылаһаллара чахчы.
Пиэрмэттэн быһаччы кэлбит, дьиҥнээх, сибиэһэй, тоҥ үүтү киилэтин 150 солкуобайга атыылаан эрэллэр. Ынахтаах ыаллар кытаатыҥ, үүттэ тоҥорон атыылааҥ.
Хоту дойду хааһа – 1500 солкуобай. Оттон тапталлаах куобахпыт (сүлүллүбэтэх) – 2500 солкуобай. Онон тыһыынчанан мөскөҥнөһүү диэтэҕиҥ.
Таарыйа аҕыннахха, куоракка Чернышевскай уулусса 66 нүөмэрдээх баазатыгар сорох атыыһыттар сыананы бүгүҥҥүттэн үрдэтиэхпит дэһэ тураллара. Ыараабытын-ыараабатаҕын онно атыыластаххытына билиэххит.
Дьокуускай олохтооҕо буомба иитиллибитин туһунан сымыйа иһитиннэриини тарҕатан буруйдааҕынан ааҕылынна. 41 саастаах эр киһиэхэ холуобунай…
Ставропольскай кыраай олохтооҕо бэрик биэрбитинэн уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа тоҕус сылга көҥүлэ быһылынна. Суут Нерюнгрига буолла.…
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев тыа хаһаайыстыбатын салалтатын кытта эһиилгиттэн олоххо киирэр боппуруостары дьүүллэстэ.…
Саха сиригэр Кыһыл кинигэҕэ киирбит 11 хатыыһы бултаан омук гражданина буруйданна. Бу туһунан ахсынньы 16…
“Ыллаа-туой, тыам сирэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн ырыаһыт, ырыа айааччы Валерий Ноев төрөөбүтэ 85 сылын, үбүлүөйдээх…
РФ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Антон Котяков ахсынньы 28 күнүгэр үлэ күнэ кылгас буолуон сөп…