Киин куоракка «Өлбөт үйэлээх полк» аахсыйа атын ньыманан ыытыллыаҕа
02.05.2024, 13:44
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Быйыл үгэскэ кубулуйбут «Өлбөт үйэлээх полк» тэрээһини Арассыыйа үрдүнэн атын ньыманан ыытарга быһаарыы ылыммыттара.
СИА суруйарынан, Дьокуускай куоракка Кыайыы күнүгэр параад буолуоҕа, ол гынан баран «Өлбөт үйэлээх полк» аахсыйа уонна бырааһынньыктааҕы салют ыытыллыа суоҕа.
Тэрийээччилэр аахсыйаны атын ньыманан ыытарга сүбэлииллэр. Холобур, дьоруой мэтириэтин тырааныспаргытыгар, биитэр социальнай ситмҥэ аккауҥҥутугар уурунуоххутун сөп.
Санатан эттэххэ, «Өлбөт үйэлээх полк» аахсыйа дойду үрдүнэн ыам ыйын 1 күнүттэн саҕаламмыта.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: