Киин куоракка үс массыына харсыста
01.10.2024, 08:46
Бөлөххө киир:
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр киэһэ 21.00 чаас саҕана киин куоракка 50 лет октября трасса уулуссатыгар үс массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста.
Барыллаан чахчынан, 1986 с. суоппар «Тойота Камри» массыынанан түргэн тэтимнээхтик айаннаан иһэн аргыс айаннаан испит массыыналары кытта харсыспыт, ол кэннэ утары суолга тахсан масыынаны кытта харсыһыыны таһаарбыт.
«Тойота Королла Филдер» массыына суоппара ылбыт охсууттан суолтан туораабыт. Бу массыына суоппарын балыыһаҕа киллэрдилэр.
Саахал миэстэтигэр ДПС инспектордара үлэлииллэр.
Госавтоинспекция сулууспата суоппардарга суолга сэрэхтээх буоларга санатар. Бу туһунан Гоставтоинспекция пресс-сулууспата суруйар.
+1
+1
+1
+1
1
+1
4
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: