Киин куораппытыгар халдьаайылаах кыракый көлүччэлээх, аарыма сэргэлэрдээх саха алааһа баар буолла
Дьокуускайга Ленин болуоссата киһи хараҕар быраҕыллардыы уларыйан эрэрин бука бары билэ-көрө сылдьабыт. Социальнай ситимнэргэ уоттаах-күөстээх дьүүллэһиилэр буолан ааһаллар. Дьэ ол күүтүүлээх түгэммит бу тиийэн кэллэ. Сотору кэминэн болуоссаппыт устун хаамсар дьоллонуохпут.
Алтынньы 9 күнүгэр болуоссат уларыта тутуллуутугар быһаччы үлэлэспит дьон кыттыылаах пресс-конференция буолан ааста.
Михаил Керемясов, Кэлэр көлүөнэлэр тус сыаллаах пуондаларын генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта:
— Ленин болуоссата өрөспүүбүлүкэ сүрүн болуоссата буолар, ол иһин 2019 с. архитектура управлениетын кытта Бүтүн Арассыыйатааҕы архитектурнай куонкуруһу ыыппыппыт, онно кыайыыны Туймаада консорциум кэнсиэпсийэтэ ылбыта, бу хамаандаҕа Москваттан “Резерв” ТПО, “Якутпроект” ААУо уонна “ЛСТК:бырайыак” ХЭУо бааллара”.
Куонкуруска кыттарга Арассыыйа 9 куоратыттан 100 сайаапка киирбит. Финалга “Туймаада” консорциум кыайыылааҕынан тахсыбыт, иккис миэстэҕэ “База 14”, үһүс миэстэни Ригаттан сылдьар хамаанда ылбыт.
Иннокентий Николаев, “Якутпроект” РПИИ ААуо сүрүн архитектора:
— Биһиги болуоссаппыт иэнинэн дойду улахан болуоссаттарыгар киирсэр. Аны тула өттө аһаҕас, сатыы киһи хайдах баҕарар ааһар, онон киин өттүн арыый кэннин диэки үтүрүйэн биэрдибит, онон урукку фонтаны эмиэ сөпкө бырайыактаан туппуттар. Билиҥҥи фонтан улахан, диаметра 20 м., 60 носуос үлэлэтэр, 160 араас диаметрдаах турбалар холбоноллор. Бу болуоссаты оҥорууга аныгы технология, саха мифологията, астрономическай көрүүтэ барыта киирдэ. Сахаҕа аан дойду алаастан саҕаланар, ону бу болуоссатынан көрдөрдүбүт. Хаппах арыллан баран сыҕарыйбытыгар, аан дойдубут барыта тахсан кэллэ. Күөх хаппах биһиги алааспыт, ол арыллыбытыгар сирбит баайа барыта тахсан кэллэ. Ол бүттэҕинэ үчүгэйдик көстүө. Аны сайын болуоссат араас өҥүнэн оонньоотоҕуна, силигэ дьэ ситиэ.
Туйаара Шапошникова, худуоһунньук:
— Биһиги учуонайдары кытта элбэхтик сүбэлэспиппит. Былыргы саха алааһын, балаҕанын хайдах оҥостон, толкуйдаан олорбутуттан таһаарбыппыт,. Болуоссакка топографтар кэлэн олус чуолкайдык хоту-соҕуруу хайысхалары туруоран биэрбиттэринэн ассиметричнэй уруһуйдары, харысхал бэлиэлэрин түһэрбиппит. Тоҕо ассиметрияны тутуннугут диэтэххэ, халлаан эттиктэрин хамсааһыннарын көрдөрөөрү, бу болуоссакка баар оҥоһуу барыта тугу эрэ этэр, кэпсиир. Холобур, сэргэҕэ баар түөрт сылгы төбөтө – түөрт хайысханы көрдөрөллөр.
Николай Михеев, композитор:
— Биһиэхэ фонтаҥҥа тыаһатарга дьыл кэмнэринэн көрөн ырыаларда талыҥ диэн сайаапка киирбитэ диэн этэ. Мантан ыла айымньыларбыт сүрүн болуоссакка иһиллэр буолуохтара.
Биллэн турар, биһигини күөх оттоох халдьаайы кыһын хайдах туруоҕа мунаарта. Халдьаайы ото ускуустубаннай буолбатах, тыыннаах от. Ол иһин сүрүн архитектор Любовь Папок Дьокуускай куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар туһаайбыт көрдөһүүтүн тиэрдэбит:
— Тэлгэнэн ууруллар газон силиһэ кытаатыан, олоҕура түһүөн наада. Дьэ оччоҕо дьон хаамарын, тэпсэрин тулуйуо. Дьиҥэр, үчүгэйдик бөҕөргүүрүгэр икки сыл курдук наада, онон бастакы сылга сабыллан туруо. Болуоссакка тэлгэммит буруустар эмиэ уустук матырыйаалтан тураллар, онон үөһээ араҥатын харыстыыр туһугар эмиэ анал тиэхиньикэ үлэлиэн наада. Салгыы “Сэттэ” хампаанньаны кытта хайдах бу сири туһанары үөрэтэ сылдьабыт. Билигин тыйаатырдар интэриэһиргии сылдьаллар, кэнсиэр, испэктээкил туруорарга олус бэрт эбит диэн, манна операны да истиэхпит диэн эрэнэбин. Оту-маһы олордорго анал эспиэри ыҥырбыппыт, болуоссат кытыытынан харыйалар туруохтара, араас мастары, сибэккилэри олордор былааннаахпыт.
Анатолий Алексеев, “Сэттэ” бөлөх хампаанньа дириэктэрэ, сүрүн бэдэрээтчит:
— Болуоссаты тупсаран оҥоруу былырыын күһүн саҕаламмыта. Билигин таҥар үлэ 99 бырыһыана бүттэ. Саамай уустук үлэтэ, биллэн турар, фонтан, халдьаайы. Ону оҥорорго 1000 кубомиэтир бөтүөнү туһанныбыт. Олус элбэх носуостан, турбаттан, сырдатыыттан, о.д.а турар буолан, уустук ымпык-чымпык үлэни толордубут. Урут манныгы оҥорботох буоламмыт, барыта сонун, саҥа, онон интэриэһинэй”.
Халдьаайы анныгар фонтан тиэхиньиичэскэй чаастара кистэммиттэр, онон киһи көрөр тас өттүн ирбэт тоҥноох сир буоларбытын кэрэһилээн, муус курдук өстүөкүлэнэн бүрүйэ сылдьаллар. Иитэн-аһатан олорор сирбит баайа манна кистэнэ сыттаҕа дии.
Дьэ мантан антах Дьокуускайбыт ортотугар халдьаайылаах кыракый көлүччэлээх, аарыма сэргэлэрдээх саха алааһа баар буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: