Киин куорат Дууматын дьокутааттара мэр быыбарын ыытартан аккаастанарга этии киллэрдилэр

Share

Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара олохтоох салайыныы туһунан саҥа федеральнай сокуон барылыгар этиилэрин киллэрдилэр. Төгүрүк остуолга атын боппуруостар ортолоругар киин куорат баһылыгын (мэры) талыы бэрээдэгэ ырытылынна. Бу туһунан Дьокуускай куорат Дууматын пресс- сулууспата иһитиннэрэр.

«Дьокутааттар эрэгийиэннэринэн киин куорат баһылыктарын эрэгийиэн баһылыга анаан-минээн туруорбут эрэ хандьыдааттарыттан талыахтаахтар», — диэн Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын бөлөҕө олохтоох салайыныы туһунан саҥа федеральнай сокуон барылын ырытыы кэннэ сөптөөх нуорманы бигэргэтэргэ этии киллэрдэ.

Бу көҕүлээһини бүгүн, алтынньы 15 күнүгэр, киин куорат уокуругун дьаһалтатыгар Ил Түмэн, куорат Дуумата, Дьокуускай куорат уонна СӨ уопсастыбаннай балааталарын уонна киин куорат уопсастыбатын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах төгүрүк остуол тула дьүүллэстилэр. Сокуон көҕүлээһинин ааптардара бэлиэтииллэринэн, бу кэмҥэ Арассыыйа үрдүнэн үгүс административнай кииннэринэн быһаччы быыбары ыытартан аккаастаммыттара ырааппыт. Дьокуускай куорат саҥа тиһиккэ көһө уонна сокуон барылын ылына илик дойду үрдүнэн түөрт куорат ахсааныгар киирэр. Бу көҕүлээһини ылыныы хайыы-үйэ атын эрэгийиэннэргэ олохтоммут уонна үлэлии турар быраап быраактыкатыгар сөп түбэһиннэрэн сокуон нуорматын олоххо киллэриэҕэ.

Ил Түмэн Олохтоох салайыныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев этэринэн: «Баһылыгы дьокутааттар талар түгэннэригэр, былаас сүрүн тосхоллоро оннунан хаалар, ол курдук куорат баһылыга сокуон ирдэбилинэн дьокутааттар иннилэригэр ыыппыт үлэтин сыл ахсын отчуоттуур эппиэтинэстээх».

Дьокуускай куорат баһылыгын талыыга саҥа бэрээдэккэ көһүү агломерация улахан маастар-былаанын олоххо киллэриини кытта сибээстээх диир Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов.

Төгүрүк остуол түмүктэрин таһаарыыга, Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев дьокутааттар көҕүлээһиннэрэ Төрүт сокуон саҥа балаһыанньаларыгар сөп түбэһэрин уонна ураты болҕомтоҕо ылылларын эттэ.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: »Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

22 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago