Киин куорат олохтооҕо түөкүттэргэ 3,7 мөлүйүөн солкуобай кирэдьиит харчытын ыыппыт
ИДьМ 4 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар 40 саастаах эр киһи эрийэн, түөкүттэр харчытын уорбуттарын туһунан биллэрбит. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
Силиэстийэ быһаарыытынан, эр киһи суотабай төлөпүөнүгэр инвестициянан харчы үлэннэрэн ылыыга угуйукка киирэн биэрбит. Угуйугу интэриэһиргээн, эр киһи тутатына анкета толорон ыыппыт. Сотору кэминэн киниэхэ үп-харчы исписэлииһэ буолан кубулунан түөкүттэр эрийбиттэр уонна инвестициялыыр бырагыраамаҕа кыттарга этии киллэрбиттэр.
Сымыйа брокердар ыйыыларынан эмсэҕэлээччи төлөпүөнүгэр хас да сыһыарыыны туруоруммут. Ол кэннэ харчытын кинилэр ыйбыт счеттарыгар ыыталаабыт. Манан тохтообокко эр киһи бэйэтин уонна бииргэ олорор дьахтар аатыгар 1,5 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах кирэдьиити ылбыт. Ылбыт кирэдьиит харчытын эмиэ «инвестициялаабыт». Хара санаалаахтар сөп буолбакка, «барыстаах» инвестиционнай бырагыраамаҕа атын кыттааччылары ыҥырарга күһэйбиттэр. Дьэ онно биирдэ эр киһи түөкүттэр угаайыларыгар түбэспитин өйдөөбүт. Маныаха кини барыта 3,7 мөлүйүөн солкуобайтан тахса харчытын сүтэрбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: