Салгыы
Киин улуустарга дьэдьэн хайдаҕый?

Киин улуустарга дьэдьэн хайдаҕый?

08.07.2024, 16:34
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха сирин киин улуустарыгар киһи барыта кэтэһэр маанылаах сир аһа — дьэдьэн ситэн эрэр диэн буолла.  

Уус Алдаҥҥа хайыы-үйэ минньигэс отону хомуйан эрэллэр эбит.

Онно холоотоххо дьон барыта ымсыырар Амматыгар быйыл балаһыанньа хайдаҕый? Амма олохтооҕо кэпсээбитинэн, быйыл аһара кураан сайын буолан, аһаҕас сиргэ үүммүт өттө сороҕо хаппыт, сороҕо дьэ алаҥхаран, ол аата кытаран эрэр. Ойуур иһигэр турааччы билиҥҥитэ сиикэй.

“Бу чугас эргин сири көрөн кэллим. Аҕыйах. Сороҕо хаппыт, ойуурга күлүк сиргэ үүммүт буһа илик. Ол кытарарын саҕана тырааныспардаах киһи ыраата соҕус баран булуо эбит. Аны сылгы наһаа элбээн, чугас эргиннээҕи угу дэлбит тэпсэн кэбиһэр буолбут”, – диэтэ кини.

Санаттан эттэххэ, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ 2024 сыллааҕы сир аһын хомуурун болдьохторун таһаарбыта. От ыйыгар 10 күнүн диэки дьэдьэни Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа, от ыйын 15-тэн Тааттаҕа, Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа – дьэдьэни, хаптаҕаһы, 20 чыыһылаттан сугуну үргүөххэ сөп.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
6 октября
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: