Киин улуустарга дьэдьэн хайдаҕый?

Share

Саха сирин киин улуустарыгар киһи барыта кэтэһэр маанылаах сир аһа — дьэдьэн ситэн эрэр диэн буолла.  

Уус Алдаҥҥа хайыы-үйэ минньигэс отону хомуйан эрэллэр эбит.

Онно холоотоххо дьон барыта ымсыырар Амматыгар быйыл балаһыанньа хайдаҕый? Амма олохтооҕо кэпсээбитинэн, быйыл аһара кураан сайын буолан, аһаҕас сиргэ үүммүт өттө сороҕо хаппыт, сороҕо дьэ алаҥхаран, ол аата кытаран эрэр. Ойуур иһигэр турааччы билиҥҥитэ сиикэй.

“Бу чугас эргин сири көрөн кэллим. Аҕыйах. Сороҕо хаппыт, ойуурга күлүк сиргэ үүммүт буһа илик. Ол кытарарын саҕана тырааныспардаах киһи ыраата соҕус баран булуо эбит. Аны сылгы наһаа элбээн, чугас эргиннээҕи угу дэлбит тэпсэн кэбиһэр буолбут”, – диэтэ кини.

Санаттан эттэххэ, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ 2024 сыллааҕы сир аһын хомуурун болдьохторун таһаарбыта. От ыйыгар 10 күнүн диэки дьэдьэни Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа, от ыйын 15-тэн Тааттаҕа, Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа – дьэдьэни, хаптаҕаһы, 20 чыыһылаттан сугуну үргүөххэ сөп.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Интэриэһинэй

Икки бастаахтар Саха сирин тумнубатахтара

Аныгы үйэҕэ икки бастаах кыыл дуу, ньирэй дуу төрөөбүт буоллаҕына, һуу-һаа буолан социальнай ситими толорон…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕолорго – анал сүөһү, сиэннэргэ – ньирэй

“Эчи, дьиктитин. Ол миигин туох диэн хаһыакка таһаараары гыннахтарай? Бачча тухары дьонтон туохтан да хаалсыбакка…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх уһун үйэлэнии: Саха сирэ инники!

Алтынньы 1 күнэ – Аҕам саастаах дьон күнэ. Арассыыйаҕа 1992 сылтан бэлиэтэнэр. Доруобуйа харыстабылын аан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьахтар чөл олоҕу, успуорду өрө туттаҕына

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга Саха сирин дьахталларын VIII спартакиадалара ньиргийэн ааста. Манна улуустартан уонна куорат уокуругуттан…

4 часа ago
  • Сонуннар

Эр киһини быһахтаан өлөрүү, үһүс этээстэн сууллуу, күүһүлээһин…

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 10 буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр. Дьокуускайга Покровскай…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Саһыл сылга сүүрбэччэ куобаҕы тутар”

Куобаҕы бултааһын көҥүллэммитэ. Онон “Сонор суолугар” балаһаҕа сэрии кэмин аас-туор сылларыгар саха дьонун өрүһүйбүт куобах…

5 часов ago