Киин улуустарынан буруо нэдиэлэ бүтүөр диэри тарҕаныа
Саха сиригэр киин улуустарыгар атырдьах ыйын 22 күнүгэр буруо тарҕанара бэлиэтэннэ.
Салгын маассатын эргиирэ уларыйан Саха сиригэр арҕаа өттүттэн уонна ыаллыы эрэгийиэннэртэн буруо тарҕанара бэлиэтэнэр. Ханнык усулуобуйаҕа уонна хаһан буруо сүтэрин туһунан Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление начаалынньыгын солбуйааччы – гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.
«Саха сирин киин улуустарынан, ол иһигэр Дьокуускайга, бу нэдиэлэ бүтүөр диэри буруо туруоҕа. Билигин Ленскэй, Өлүөхүмэ уонна Бүлүү бөлөх улуустарынан, ону тэҥэ ыаллыы сытар эрэгийиэннэргэ, Иркутскай уобаласка уонна Красноярскай кыраайга ойуур баһаардара баар. Бу буруо арҕааттан тыалынан илин диэки сыҕарыйар, онон билигин буруо күүскэ тарҕанар. Ардах түспүтүн да кэннэ, буруо син биир баар буолуоҕа», — диэн Татьяна Маршалик быһаарда. «Саха сиригэр арҕаа өттүттэн уонна ыаллыы сытар эрэгийиэннэртэн ойуур баһаардара баарын тухары уонна салгын эргиирэ уларыйыар диэри буруо тарҕаныа», — диэн синоптик эбэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: